Эргэ өтөх хоноһото. Иннокентий Сосин
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Эргэ өтөх хоноһото - Иннокентий Сосин страница 7
– Тукаам, табыллыбакка олоробут, – диэтэ.
– Ол хайдах? – мин соһуйа иһиттим.
– Абааһыны көрдүбүт.
– Абааһы от муста.
– Маҥан ырбаахылаах дьахтар… – кыргыттар утуу-субуу кэпсээн бардылар.
– Бэйи, оҕолор, аргыый ньамалаһыҥ, – Ылдьаана буойталаан кэбистэ. – Аһаан бүтэн баран, үлэбитигэр киирээри аҕай олордохпутуна, Сыырдаахтан киирэр, билигин эн кэлбит суолгунан, маҥан ырбаахылаах, сытыы курбачыйбыт дьахтар тиийэн кэллэ уонна биһиги диэки хайыһан даҕаны көрбөккө, соруктаах курдук ол халдьаайы анныгар киирэн тохтоото. Ол кэнниттэн, кыратык сынньана түһэн баран, от мунньан элээриҥнэппитинэн барда. Көрдөхпүтүнэ, дьахтар дьахтар курдук, туттара-хаптара түргэнэ сүрдээх.
«Мандаас ойоҕуттан атын. Ол эрэйдээх ыарытыйар, от мунньар кыаҕа суох. Оппуруос эмээхсин дуу? Суох. Атын. Айгыр эмээхсинэ Натаалдьыйа дуу? Тоҕо эрэ хамсанара сытыы. Быһата, биһиги билбэт дьахтарбыт», – дэсиһэн мунааран турбахтаатыбыт. Ити икки ардыгар дьахтарбыт от мунньан курбанньыктаммытынан барбыта.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.