Саха фольклора. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха фольклора - Группа авторов страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха фольклора - Группа авторов

Скачать книгу

үөрэнэр тэрил, сурук-бичик

      Аан дойдуга туохтааҕар да күүстээх туох баарый? (Үөрэх)

      Атаҕа суох – хаамар, кыната суох – көтөр, тыла суох кэпсиир баар үһү. (Сурук)

      Илиитэ, атаҕа суох да буоллар, барыга үөрэтэр. (Кинигэ)

      Отой тыла суох окур-бокур оҕолор кэккэлэһэн эрэ турдаллар кэпсээбитинэн бараллар. (Буукубалар)

      Саҥарбатар даҕаны аан дойду араас сонунун кэпсии олорор баар үһү. (Хаһыат)

      Сирэйэ үрүҥ да, санаата эриэн баар үһү. (Сурук)

      Сүүсчэкэ бырааттыылар бииргэ тиһиллэ сылдьаллар үһү. (Кинигэ)

      Хара Уйбаан мас ырбаахылаах, ханна муннун таарыйар да бэлиэни оҥорор баар үһү. (Харандаас)

      Хараҕа суоҕу харахтыам диир баар үһү. (Үөрэх)

      Эдэр киһи ыраас хонууга ыстаҥалаабыт суола сүппэт үһү. (Суруйуу)

      Майгы, дьаллык

      Аска аҕыс, үлэҕэ үс баар үһү. (Сүрэҕэ суох буолуу)

      Кус сүрэх, куобах быар баар үһү. (Куттас киһи)

      Тибиликитэ тибилийбит, дьиэликитэ дьиэлийэн кэбиспит үһү. (Уоруйах)

      Уулуссаҕа алдьаммыт мэһэмээн дьалларыҥныы сытар үһү. (Этиһиик)

      Ый-күн икки ардыгар типпэй-иппэй баар үһү. (Хобуоччу)

[12], [13, 164–167 с.]

      Дьиэ кэргэн, оҕо-уруу, аймах

      Алтан уҥуоххун араҥастыа, көмүс уҥуоххун көтөҕүө.

      Бодорустахха бодоҥ биллэр, кэргэннэстэххэ кэмэлдьи биллэр.

      Бу оҕо мутуктуурун саҕана, биһиги хордоҕойдоотохпутуна сөп.

      Дьахтар уруута амарах, эр киһи уруута таһарах.

      Иирсээннээх ыал уота тымныы, иллээх ыал уота сылаас.

      Ийэ-аҕа санаата – оҕоҕо, оҕо санаата – тааска.

      Kиhи бэрдинэн эр-ойох буолбат.

      Киһи, сиргэ төрөөн, икки эрэ киһини «ийэ», «аҕа» диир.

      Киэҥ аймахтаах, кэтит уруулаах.

      Көмүскэллээх санаалаах Күбэй Хотун Ийэ.

      Куоскалаах ыт курдук олороллор.

      Кыыс оҕо – омук анала.

      Кэнчээриҥ кэскилин кэҕиннэримэ.

      Оҕо – киһи дьоло, эрэлэ.

      Оҕо – киһи инники кэскилэ.

      Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот иччитэ үөрэр.

      Оҕото суох олох – олох буолбатах.

      Одуулуура эрэ ойоҕо.

      Ойоҕо суох – ооҕуй муҥа, эрэ суох – эрэй муҥа.

      Ойуун ойоҕо дьохтоох, уус ойоҕо дархан.

      Тарбаххынан талан, сүрэххинэн сөбүлээн, хараххынан хайҕаан ыл.

      Төлкөҕүн төрүөх ыччаккыттан ыйыт, кэскилгин кэнчээри оҕоҕуттан көрүн.

      Тураах мин оҕом саары чаккылаах диэбитигэр дылы.

      Улаҕаҕа уктар, ойоҕоско олордор ойох-доҕор.

      Уол оҕо төрүөтэҕинэ – суор үөрэр, кыыс оҕо төрүөтэҕинэ – ыт үөрэр.

      Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй.

      Хаан биир, хармаан атын.

      Хаан урууну өрүс да уутунан сууйуллубат.

      Хаан хаалбат, көлүөнэ көппөт.

      Хаан хаанын түһэн биэрбэт.

      Үөрэх,

Скачать книгу