Ыйдаҥа түүн. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ыйдаҥа түүн - Огдо страница 10

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Ыйдаҥа түүн - Огдо

Скачать книгу

Ордук Лиэҥкэ барыах-кэлиэх сирин булбата. Ира бэҕэһээни быһа кинини соһуйаайаҕын диэн сэрэппитэ аҕай да, син биир хайдах эрэ нүһэр, тыйыс дойду салгынныын атын, тыынарга ыарахан… Оттон Ира холку бэйэлээх. Кэҥэриитигэр сүүтүк оҥууларын курдук бытархай хараҥа туочукалар бытыгыраан тахсыбыттара, кини ыарахан сылдьарын бэлиэтиир буолбакка, бу таҥнан турар таҥаһыгар ордук дьүөрэлии көстөрүн, кыыһы олус киэркэтэллэрин соһуйа көрдө эрээри, саҥарбата. Киһи кэмпилимиэнниирин даҕаны тардынар сирэ ээ…

      – Проходите, невеста и свидетельница! – эмис- кэ ааны тиэрэ баттаан, улахан баҕайытык харабыл киһи ордоотообутугар, кыргыттар ходьох гыннылар.

      Иһирдьэ киирдилэр. Максим маҥан соруочукатын, баанчыгын, кура суох бүрүүкэтин, түүппүлэтин кэппит, бинсээгэ суох. Дьиибэргии санаатылар да, ыйыта сорумматылар. Лиэҥкэ, эрдэттэн үлэспиттэрин курдук, аппараатын ылан эдэрдэри кыҥаата, илии баттыылларыгар түһэрээри күүтэн турда. ЗАГС үлэһитэ дьахтар элбэҕи, үөрүүлээҕи тугу да эппэтэ. Олус тымныытык, судургутук, туох да өрө көтөҕүллүүтэ суох тугу эрэ добдугураата. Соһуйбутун ситэри кыамматах Лиэҥкэ, дьүөгэтин туһугар хараастан, хараҕын уута халыс гынна…

      Итинник Ира Кынтайаараба ыал буолбута. ЗАГС мааны саалатыгар магнитофоҥҥа, саамай улаханыгар туруоран, Мендельсон вальсын холбооччулар. Онно доҕуһуоллатан кыыстаах уол сиэттиспитинэн, күөх хаймыылаах кыһыл көбүөр устун хааман киирэн, Сэбиэскэй Сойуус былааҕын анныгар турар эппиэттээх үлэһит дьоҕус остуолун иннигэр тохтуу биэрэллэрин Ира элбэхтик долгуйа-ымсыыра көрбүттээҕэ. Онуоха саамай киэн туттуулааҕа: «Бу күнтэн ыла Сэбиэскэй Ийэ дойдуга өссө биир дьиэ кэргэн ячейката үөскээтэ. Ол – эһиги», – диэн, эмиэ да эппиэтинэһи санатардыы, эмиэ да сорудахтыыр курдук, кинилэргэ эрэ туһаайыллар тыллары истэр дьикти буолара.

      Оттон Иралаах Максимҥа ким да инньэ диэбэтэ… Биһилэх кэппэтилэр… Уураһыҥ да диэбэтилэр… Эҕэрдэлээччи эмиэ суох. Барыта тымныы, кытаанах. Туох да үөрүүтэ суох. Хата кэргэннии буолар сибидиэтэлистибэни туттардылар.

      Онтун Ира илдьэ кэлбитэ. Мантан ыла кини «кэргэннии балаһыанньата» суолталаах, ханнык баҕарар кырапааҕа «кэргэннээхпин» диэн суруйар бырааптаннаҕа. Аны пааспарын уларыттарыа, саҥа араспаанньатынан илии баттыыр буолуоҕа. Кыыс арааһы саныыр, оҕо төрөөн… бу кини үһүс төгүлүн араспаанньата уларыйдаҕа. Бастаан Петровтарга төрөөтөҕө. Онтон дьонугар иитиигэ кэлэн Кынтайаараба, итиэннэ эргэ баран Тэптиргээнэбэ буолла. Итинник, үһүс төгүлүн. «Туох ханнык үһүстээх, ханнык эрэ таҥара кинигэтигэр кырдьаҕас суруксуттара түөһэйбитэ дуу, тугу эрэ бутуйан, олохпун барытын булкуйан, сотору-сотору араспаанньа уларытар дьаабыта», – диэн, үһүстээн эргэ барарыгар биир дьүөгэлэрэ дьээбэлэнэн күлбүттээҕэ. Эмиэ да сөп ээ, туох диэн ытаныай, кистэниэй, буолбут буоллаҕа эбээт…

      Бу маннык, сыһыаннааҕы да, сыһыана да суоҕу аҥаар кырыытыттан эргитэн саныы-саныы, Ира оптуобуһунан дойдулаан иһэр. Киһи тобус-толору,

Скачать книгу