Ыйдаҥа түүн. Огдо
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ыйдаҥа түүн - Огдо страница 6
Ира, аҕата атарахсыппытын аанньа, аҥаардас ийэтин эрэ тапталыгар бигэммит буолбатах ээ. Кини наһаа таптыыр эбэлээҕэ. Ийэтин ийэтэ Лөкүөрүйэни аттынааҕы эмээхситтэр «маачаха эбэҥ» дииллэрэ. Кыра эрдэҕинэ кыыс ону ситэрэн өйдөөбөккө, «отой да оннук буолбатах, мин эбэм атахтара көнөлөр» диэн күллэрбитэ билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсэлгэ сылдьар. Дьэ, ол мадьаҕара суох «көнө атахтаах» эбэтэ, төһө да сааһырдар, уҥуохтуун көнө этэ буоллаҕа. Ырыаҕа-тойукка чугас буолан, сиэн кыыс биир үксүн ол да иһин, ити эйгэни умсугуйбут буолуохтаах. Лөкүөрүйэ сиэнэ кыысчаанын, хайдах да ыллаатын, ис-иһиттэн тэттэн хайгыыра, бу киниэхэ сөптөөх буолуо диэн анаан, ырыа бөҕөтүн үөрэтэрэ. Дэлэҕэ эмээхситтэр ымманыйыахтара дуо: «Ээ, бу хата Иирэбит кэллэ. Маладьыас, оҕобут «Биригэдьиирэ» диэн, «Марыыната» диэн, хата ыллаа эрэ, истиэҕи», – дэһэллэрэ туохтааҕар да үрдүк хайҕалга тэҥнээҕэ.
Эһэлэрэ Ньукулай оҕонньор сылгыһыт этэ. Кыһын тоҥон-хатан хоочугураан тиийэн кэллэҕинэ, эбэтэ чаанньыгын үрдүгэр түһэрэ, күөһүн-аһын көрүөх бэтэрээ өттүгэр остуолга тарда охсоро. Ирата кэлэн эмиэ тэҥҥэ олорсор, эһэтэ барахсан аҕыйах тиистээх айаҕар, лэппиэскэтин тоорохойун бэркэ дьоһуннанан олорон, хайдах ыстыырын кэтиир. Онтон, олороон-олорон баран эмискэ, оруобуна кини курдук ыстаан ньоймоҥнотон, эбэтин иэрийиэр диэри күллэрэр идэлээҕэ.
Лөкүөрүйэ ыскаабыттан ылан, арыллыбыта быданнаабыт буоккалаах бытыыккатыттан кыра үрүүмкэҕэ кутар уонна оҕонньорун иннигэр уурар. Оччоҕо Ньукулай бастаан баттаҕын, сүүһүттэн кэтэҕин диэки өрө анньа-анньа, ытыһынан имэрийэн сыҕайталыыр уонна, дьэ, бытаан баҕайытык уоһунан бигээн сыпсырыйан, оргууй аҕай тыыммакка да хантатан кэбиһэр. Эмээхсин ону кэтэһэн аттыгар олорон, оҕонньоро үрүүмкэтин уураатын кытта, илиитигэр эрдэттэн тутан олорбут килиэбин тооромоһун куду анньар. Эһэлэрэ аһыырҕатан, хараҕын быһа симпитин итиччээҥҥэ диэри аспакка да олорон, илиитин иминэн килиэбин харбаан ылаат, муннугар саба тутта охсор уонна тыастаах баҕайытык сыыгыначчы сыллаан ылар. Бүттэ. Тымныыга тоҥо сыспыт оҕонньор, мантан киэһэ итинник эмтэнэн, итии киллэринэр уонна этэ-сиинэ сойо илигинэ оронун былдьаһар.
Эбэлээх эһэтэ үтүөкэн да дьон этилэр. Барахсаттар биирдэ этиһэн дуу, иирсэн дуу. Оргууй аҕай сээкэйдэрин бэринэллэр, ботур-итир кэпсэтэллэр, күн иллэҥнэрэ суох. Арай сиэннэрэ кэллэхтэринэ дьиэ иһэ күө-дьаа буола түһэр. Ира син обургу буолаатын, кинилэргэ бараары гыннаҕына ийэтэ, оройуон киинигэр олохтоох киһи быһыытынан, кулинарияттан бурдук ас атыылаһан кэһиилиир. Итиэннэ булгуччу, уурунуутуттан ороон, биир иһит арыгыны суулаан-суулаан баран, кыыһын