Ыйдаҥа түүн. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ыйдаҥа түүн - Огдо страница 3

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Ыйдаҥа түүн - Огдо

Скачать книгу

атааҕынан атаах да, акаары атаах буолба- тах. Бэлэмҥэ, баарга, сылааска-сымнаҕаска улааппыта кинини олохтон эргиччи эриэккэһин эрэ эрэйэр баҕа санааҕа, биллэн турар, тиэрпитэ эрээри, тура-олоро, имири-хомуру барытын дьаһайар, кыайар, сатыыр, бииртэн биири айан таһааран туохха эрэ чуо дьулуһар ураты кыаҕар мэһэйдээбэтэҕэ. Ону ааһан кыыс оҕо сылдьан … дьиҥ иһигэр атын дьон көрбөтүн көрөр, эмискэ тугу эрэ истэр буолан ылаттыыр адьыната биир саас улаханнык тумуулаан, сыыстаран, сыл аҥаарын устата балыыһалары кэрийэн эмтэммитин кэнниттэн сүтэн хаалбыт этэ. Ол да буоллар оҕо хайдах эрэ бэйэтин иһиллэнэр, чуҥнанан, дьикти баҕайытык чуумпуран ылар идэтэ ааспатаҕа.

* * *

      – Макс, мин эйиэхэ кэһиибин аҕаллым, – Ира эмискэ «санаатын хоспоҕуттан» тахсан кэлээт, саҥа аллайда.

      – Маннык аһы аһаабатах ыраатта, эн күннэтэ сиириҥ манна суох ээ, – диэн, эмиэ да үҥсэргиир, эмиэ да сэтэриир курдук, уол тыл ыһыгынна.

      Ира күн аҥаара астаан аҕалбыт хортуоппуйдаах этин, хаппыысталаах бэрэскитин, сүөгэйгэ булкуллубут эттээх салаатын, Саҥа дьыл саҕана былдьаһыгынан атыылаһан, кичэйэн хаһааммыт быыкаа бааҥкалаах «Икра зернистая, лососевая» кэнсиэрбэтин арыйа баттаан, бөдөҥ бэйэлээх кыһыл искэҕи хара килиэпкэ сыбаан, сүөгэйинэн оҥорбут бэчиэнньэтин эмти ыстаан амсайан, Максим өөр да өр саҥата суох аһаата. Кыыс эмиэ уу чуумпутук көрөн олордо.

      Кэпсэтэргэ соччо-бачча тыл тахсыбат. Бэйэтин тоҕо эрэ буруйдаах курдук санаммытын кыыс ис-иһиттэн сөбүлээбэтэ. Кини, кырдьыга да, тугун буруйай? Ол иһин сылааһына аахсарга быһаарынна.

      – Макс, эн туохха миигин буруйдуур курдук туттаҕыный? Бырастыы гын, ол гынан баран эйиэхэ иэһим суоҕун бэркэ билэҕин, – Ира икки имэ тэтэрэн барбыта. – Мин арыгылата, киһини кырбата тэрийэн ыыппатаҕым. Хата, эн миигин «кэргэн биэриҥ» диэн аҕабыттан, дьоммуттан ыйытыахтаах этиҥ буолбатах дуо? Ону мин эмиэ күһэйбэтэҕим, бэйэҥ этииҥ этэ. Киэһэни быһа күүппүппэр, мустубут дьоҥҥо туох диирбин билбэккэ, сааттаах балаһыанньаҕа түбэспиппэр, устунан аҕам сөбүлээбэккэ миигин ыкпытыгар эмиэ мин буруйдаахпын… үһү дуо? Оттон эн оччоҕо туохха эппиэттиигиний?

      – Эппиэттээммин бу манна, хаайыыга олордоҕум дии? – Максим утарыласта, толору астаах айаҕын атан тииһин хаһынна уонна кыыс диэки эриличчи көрөн таһаарда. – Туох диэн буруйдаатым? Тугу да саҥарбакка олорор курдукпун дии.

      Ира, кырдьык даҕаны диэбиттии, тохтуу биэрдэ. Ол да гынан уоскуйбата. Кини маннык көрсүһүүнү, ханныгын да иһин, күүппэтэҕэ. Маарыын, аһын астыы сылдьан наһаа да долгуйбута, Максим төһө эрэ үөрэн харахтара чаҕылыйар диэн өйүгэр оҥорон көрбүтэ. «Арааската кууһан ылыа дуу? Ууруо дуу… ахтыбыта буолуо ээ…» диэх курдук санаатыттан бэйэтэ да кыбыстыбыта. «Мин эмиэ оччоҕо кууһуом, сылаастык да сылаастык уураан ылыам уонна оргууй сибигинэйэн кистэлэҥмин этиэм… Кини ити сириттэн тахсарыгар биһиги наһаа үчүгэйкээн оҕолоох буолуохпут. Мин оҕобун таптыам да таптыам, маанылыам да маанылыам…»

      Онтубут?! Ыра аата ыра, санаа аата санаа. Барыта кураанах,

Скачать книгу