Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - Группа авторов страница 2

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - Группа авторов

Скачать книгу

эбит. Кыыс куттанан: «Кимҥинээй?» – диэн үөгүлүүр. Ону кытта били ыараханнык тыынар курдук тыас тута сүтэн хаалар. Кыыс соһуйан, турбахтыы түһэн: «Хайдах-хайдах баҕайыный, эчи дьиктитин», – дии санаан баран, дьиэтигэр киирэн хаалар. Дьиэлээх оҕонньор отой да таһырдьа тахсыбатах эбит, сөҕүрүйэн эрэр оһоҕун уотун иннигэр туох эрэ ыар санааҕа баттаппыттыы туттан, кэри-куру буолан олорор эбит. Кыыс, төһө да эдэркээн саастаах буоллар, оҕонньор барахсан туохтан эрэ санаата түспүтүн бэлиэтии көрөр уонна кырдьаҕас киһини куттаамаары, тэлгэһэҕэ ким эрэ ыараханнык тыыммытын, хаары хаачырҕатан хаампытын кэпсээбэт.

      Киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олорон, аны ыалдьыбыт дуу дии санаан, кыыс ыйыталаспытыгар оҕонньор маннык кэпсээннээх буолан, дьукааҕын, эдэр кыыһы, дэлби куттаабыт, уйулҕатын хамсаппыт:

      «Күнүскү аһылыгым кэнниттэн үгэспинэн барбах утуйа түһэн ылбытым, түүлбэр былыр үйэҕэ, инньэ сүүрбэччэ сыллаахха, өлбүт быраатым көһүннэ. Туох абааһы куһаҕан билгэтэ буолла, миигин кытта барыс диэн ыҥыра сатаабытын аккаастанным», – диэн.

      Ол түүн кыысчаан оҕонньор кэпсээниттэн уйуһуйан, уута көтөн утуйан быстыбат. Нөҥүө хоско утуйа сытар оҕонньор тыынара бу баардыы иһиллэр. Төһө өр кэм ааспыта буолла, арай таһырдьа кыыс утуйар хоһун түннүгүн аннынан эмиэ мааҕыҥҥы курдук хаар хаачырҕаабыт. Субу баардыы, хантан эрэ олус ыраах сиртэн аҕылаан-мэҥилээн, сүүрэн кэлбит киһи курдук, ыарахан баҕайытык киһи тыынара иһиллэр. Кыыс, олус күүскэ куттанан, суорҕанын ыга тардынан баран сытар. Арай иһиттэҕинэ, хаар хаачыргыыра уонна ыараханнык тыыныы оҕонньор сытар хоһун түннүгүн таһыгар иһиллэр. Холкутук тыынан утуйа сыппыт оҕонньор тыынара ыараан, оронугар дэлби мөхсөн, мэктиэтигэр хардьыгынаан тыынар курдук буолар. Оҕонньору үөгүлээн уһугуннарыан баҕарар да, көстүбэт «ыалдьыт» ыарахан тыына субу баар курдуга…

      Ити курдук, түүнү быһа кутуйах иинин кэҥэтэн, куттал бөҕөнү көрөн, күнүскү сылаата баттаан, кыыс барахсан утуйан хаалаахтыыр…

      Сарсыарда, халлаан суһуктуйа сырдыыта, эдэр кыыс туран таһырдьа тахсан, суолу-ииһи көрө сатыыр. Хаарга туох да, ким да суола суох эбит. Хайдах эрэ санаата чэпчээн, дьиэҕэ киирэр. Аһыы олорон оҕонньор түүлүн кэпсиир: «Бөлүүн түһээтэхпинэ, быраатым эмиэ илэ кэлэ сырытта, бэҕэһээ күнүстээҕэр өссө ордук кыыһырбыт, дьэбидийбит көрүҥнээх, аккаастаммытым үрдүнэн, күүһүнэн илдьэ барар санаатын ылыммыт курдук… Төһө да саас ылбытын иһин, бу да буолларбын, күн сириттэн ордук туох баар буолуой, тоҕойуом?! Өлүөхпүн отой баҕарбаппын», – диэхтиир. Дьэ, онно кыыс тугу истибитин барытын кэпсиир. Оҕонньор барахсан кыыс кэпсээнин истэн баран: «Уһугуннарыаҥ этэ буоллаҕа дии, тоҕойуом, тыынара ыарахана сүрдээҕэ, өлөрүгэр эмиэ итинник, тыынын былдьаһа-былдьаһа ыараханнык, тыына сыппыта, сэллик сиэбитэ… Дьэ, тоҕойуом, ити барыта куһаҕаҥҥа диэн тойоннуохха сөп, мин уһаан сылдьыбат киһи буоллум…» – диэн түүлүгэр дуу, илэ дуу кэлэн илдьэ бара сатыыр, бу дойдуттан өрдөөҕүтэ барбыт быраатыттан эмиэ да кыһыйа, эмиэ да аһыйа кэпсээнин түмүктүүр.

      Ити кэнниттэн,

Скачать книгу