Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - Группа авторов страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - Группа авторов

Скачать книгу

суох ини диэн бэйэбин уоскутунарым. Киһи сөҕүөн курдук, ол маһы суулларбытым кэннэ, хайдах эрэ барыта оруноннугар түһэн хаалбыта: ким да хаамара, тыынара иһиллибэт, ким эрэ баар быһыылаах дии саныырбыт сүппүтэ. Уубутун аймаабыт, олохпутун долгуппут, кэтэнэ-манана сылдьыбыт куттал санаабыт ити хам хаппыт мастан буолуо дуо?! Санаабар эбитэ дуу, көннөрү сөп түбэһии эрэ эбитэ дуу, чахчы туох эрэ көстүбэт күүстэр бааллара дуу?!

(с) К.В.

      Иэдээннээх иэстэбил

      Аллараа Бэстээхтэн саҕалаан, «Халыма» сүрүн айан суолун кыйа хортуоска буолалара хойуутук көстөллөр. Дэриэбинэ олохтооҕо буола хорута сылдьыбыт. Урукку буолатын кэҥэтэр санаалаах турунан туран үлэлээбит. Арай сир хорутар тэрилэ туохтан эрэ иҥнэн, тыраахтырын тохтотон, түһэн көрөн баран, соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспыт. Киһи дьардьамата хостонон тахсыбыт, төбөтүн уҥуоҕа эчэйбэтэх. Отой былыргы көмүү быһыылааҕа: кыыл тириититтэн тигиллибит таҥаһа, дьардьаманы буортан ороору гыммытыгар илдьирийэн тырыта барбыта, онтон киһитин уҥуоҕун сэрэнэн хостоон, чөкө сиргэ уурбута, үлэтин бүтэрэн баран, төттөрү көмөр санаалааҕа. Киэһэлик тус арҕаа диэкиттэн хойуу былыт тахсан, ардыырдыы оҥостубута. Тырахтарыыс дьиэтигэр ыксаан, киһитин кырамтатын дьаһайа барбатаҕа, сарсын да оннун булларыам дии санаабыта.

      Сонунун кэпсээн, дьонун куттарын ыыталыы сыспыта, ардах уһун түүнү быһа аа-дьуо тохтообокко түһэ турбута. Нөҥүө сарсыардатыгар буолаҕа кэлэн, киһитин көрдүү сатаабыта да, булбатаҕыттан хайдах эрэ ытырыктата санаан, көлөһүнэ сарт түспүтэ. Үлэлээн бүтэн баран, өссө көрдүү сатаабыта да, туох да суоҕа.

      Үһүс күнүгэр киһилэрэ үлэлии барбыт уонна дьиэтигэр кэлбэтэх. Дьоно күүтэ сатаан баран, буолаҕа кэлбиттэрэ, аҕаларын тыраахтыра кураанах турар эбит. Буола хорутар тэрилин салбаҕа хайыы үйэ хаппыт хааннааҕын көрөннөр дэлби уолуйбуттар. Ити миэстэттэн тэйиччи соҕус саҥа хорутуллубут буорга аҕаларын сэймэҕэ сытарын булбуттар, буола хорутар тэрил көрүөхтэн эрэ ынырыктык илдьириппитэ олус дьулаан көстүү этэ… Туох хара дьайдаах киһитэ дуу, дьоно дуу бу айылаах туох иһин маннык кэбилээбиттэрэ буолуой диэн, буруйдаахтары көрдүү сатаабыттара да, туох да сибики биллибэтэҕэ. Арай бу эргин олорор айылҕаттан айдарыылаах киһи эппитинэн, былыр буола саҥа кэҥэтиллэн, хорутуллубут миэстэтигэр удаҕан дьахтар олоро сылдьыбыт эбит.

      Аата мээнэ ааттаммат улуу киһи уутун уйгуурдан, саатар кырамтатын тута ийэ буоругар харайа охсубакка хаалларан барбыт киһитин итинник иэстэстэҕэ буолуо, дьиктитэ диэн, удаҕан уҥуоҕун булбатахтар, кимиэхэ да көстүбэтэх үһү…

(с) К.В.

      Көстүбэт күүстэр уйалара

      Сахабыт сирин биир улууһун кытыы уулуссатыгар ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар тутуллубут икки кыбартыыралаах дьиэ баар. Сэбиэскэй саҕана маннык дьиэлэри тэбис-тэҥ былааннаахтык туппут буоланнар, бары биир халыып курдуктара. Дьиэни таһыттан көрдөххө, атыттартан туох да уратыта суоҕа, ол эрэн

Скачать книгу