Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - Группа авторов страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - Группа авторов

Скачать книгу

бүгүн да ол аттаах киһи муҥунан көрбүт харахтарын кыайан умнубаппын.

Георгий Старков

      Сааһырбыт көмүсчүт кэпсээннэрэ

      Соһуччу көрсүһүү

      Бу түгэн 2006 сыллаахха Булуҥҥа баахтаҕа үлэлии сырыттахпына буолбута.

      Үгүс кыһалҕаны көрсөн, хамыыһыйа, бэрэбиэркэ бөҕөнү ааһаммын бэрт эрэйинэн үлэ булан, хоту улууска баахтаҕа барбытым. Тута бульдозориһынан үлэбин саҕалаабытым. Биһигини бөлөх-бөлөх арааран мас баалкы дьиэлэргэ олохсуталаабыттара. Үлэлииргэ син үчүгэйэ, хоту дойду чэбдик, чэгиэн салгына сүрэҕи-быары ортотунан киирэрэ. Бэйэтэ да айылҕаттан бэрт кылгас, сип-синньигэс мастары солуур этим, ону соччо сөбүлээбэтэрбин да, хайыамый, үлэм буоллаҕа дии. Биһиги дойду отугар-маһыгар, халыҥ сис тыаларыгар холоотоххо, айылҕа уратылааҕа харахха быраҕыллара.

      Биирдэ түүн таһырдьа тахса сылдьар наадаламмытым. Тахсан, көҕүрэттэн баран, хоту дойду холку-наҕыл түүнүнэн дуоһуйа тура түстүм. Эмискэ баҕайы, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, сытыы тыал иэдэспин кымньыылаан, тыбыс-тымныынан хаарыйар курдук буолан ылбыта. «Тыый, бу үлүгэр чуумпуран туран, тыалырбыта тоҕо түргэнэй, дохсунай?» – дии санаабытым. Онтон өйдөөн көрбүтүм, уун утары дохсун буурҕа ытыллан иһэр эбит, онно кыыл табалар омоонноро баарга дылыта да, ытыллар буурҕа ыы муннубар тиийэ чугаһаан кэлэригэр табалар омоонноро сүтэн, кырдьаҕас оҕонньор буолан хаалбыта. Көрбүппүн итэҕэйбэккэ турбутум, онтон уоскуйан, өссө Байанай кырдьаҕас илэ бэйэтинэн кэллэ дуу диэбит санаабыттан хайдах эрэ чэпчээн хаалбытым. Оҕонньорум миигин кыбыс-кытаанахтык көрө-көрө: «Дьэ, бу эн, саха киһитэ, үгэһи кэһэҥҥин тоҕо оту-маһы солуугун, үлтү барчалыыгын, мин ону отой буойабын. Урукку өбүгэ дьонуҥ курдук мас мастаан, от оттоон, тирии имитэн, биитэр маһынан арааһы уһанан олоруохтааххын», – диэбитэ. Онтон өйдөнүөм икки ардыгар кэлбитин курдук салгыҥҥа суураллан сүтэн хаалбыта. Дьиэҕэ хайдах киирбиппин чопчу өйдөөбөппүн, олус соһуйбутум да бэрдэ, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдуга.

      Ити түгэн кэнниттэн, син ханнык эрэ кэмҥэ, Байанайдыын көрсүһүү төбөбүттэн тахсыбакка сылдьыбыта. Онтон сыыйа-баайа умнуллан, үлэлээбитим курдук үлэлээбитим, уурайбатаҕым.

      «Дойдулаах дьону уйгуурдумаҥ!»

      Манна кэпсэнэр түбэлтэ эмиэ кыһын уһук хоту буолбута. Холомолоох диэн сиргэ үлэлээбиппит. Хара маҥнайгыттан бу сир аатын дьиктиргии санаан ыйыталаспытым: урут холомолор элбэх буолаллара үһү. Бэрэбинэттэн оҥороллор, былыргы ойууннар дьахтар төрүүрүгэр туһаналлар эбит. Мантан сиэттэрэн, Байанай кэлэн сэрэппит тылларын санаабытым: кырдьык даҕаны, алмааһы хостоору сир ньуурун алдьатабыт, дьөлө хаһабыт, оту-маһы алдьатан суол солуубут, уу сүүрэр тымырдарын таптыырбытынан уларытабыт, хаһыллыбыт сирбит дириҥ умуһах буолан бааһыран хаалар…

      Мантан салгыы өссө күөл уутун түһэрэр

Скачать книгу