Саамай күндү бэлэх. Группа авторов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Саамай күндү бэлэх - Группа авторов страница 1
Кэлин оскуолалар, совхозтар, нэhилиэктэр историяларын суруйуунан дьарыктаммыта, архыыпка элбэхтик үлэлээбитэ: Өлүөхүмэ улууhун Токо, Хаҥалас улууhун I уонна II Дьөппөн, Уус Алдан улууhун Бэйдиҥэ, Орто Эбэ оскуолаларын, «Токо», «Лена», «Октябрь 50 сыла» совхозтар историяларын суруйан хаалларбыта. «Кыым», «Саха сирэ», «Сахаада», «Кэскил» хаhыаттарга, «Хотугу сулус», «Чолбон», «Далбар Хотун» сурунаалларга элбэх ыстатыйата бэчээттэммитэ. Үс кинигэни таһаартарбыта: иккитэ остуоруйалары тылбаастаан, биирэ «Былыргы өбүгэлэрбит олохторо» диэн саха ыалын, сиэр-туом туhунан кинигэ.
Узбек норуотун остуоруйалара
КАРНАЙДААХ УОЛ
Былыр икки уоллаах дьадаҥы киһи олорбута эбитэ үһү. Өлөр күнэ кэлбитигэр, уолаттарын ыҥыртаан ылан эппит:
– Оокколоруом, сотору эһиги бэйэҕит эрэ хаалыаххыт… Бэйэ-бэйэҕитигэр көмөлөсүһэн, иэдээҥҥэ түбэстэххитинэ өрүһүйсэн, эйэлээхтик олорооруҥ.
Инньэ диэн кэриэһин этэн баран өлбүт. Сотору буолаат, уолаттар кыраттан да мөккүһэн, этиһэн барбыттар.
Арай биирдэ кыра уол түһээбит, ол түһээтэҕинэ, киниэхэ аҕата кэлэн эппит:
– Тоҕойуом, эйигиттэн көрдөһөбүн: туох баарын барытын убайгар биэр – кини оҕолоох-уруулаах, ыал аҕата эбээт. Оттон бэйэҥ мин эргэ карнайбын ылан аан дойду устун айаннаа. Аһыыга-абаҕа ылларбыт да дьоҥҥо, үөрэр-көтөр да дьоҥҥо карнайгынан оонньоо. Оннук сылдьан дьолгун булуоҥ.
Кыра уол ити курдук оҥорбут: туох баарын убайыгар биэрбит уонна бэйэтэ эргэ карнайы ылан айаҥҥа туруммут.
Биир киэһэ улахан хайа хаспаҕар кэлэн хонорго быһаарыммыт. Бу хаспах абааһылар кэлэн тохтуур, кыһыл көмүстэрин, атын сыаналаах малларын аҕалан кистиир сирдэрэ буоларын хантан билиэй.
Арай түүн үөһүн саҕана абааһылар тиийэн кэлбиттэр да ким тугу, хайдах ылбытын туһунан киһиргээн куотуһа-куотуһа кэпсэппиттэр:
– Мин биир ыраахтааҕы кыыһын иирдибитим, – диир маҥнайгы абааһы. – Ол кыыһы эмтээн үтүөрдүбэтиннэр диэн, биир да эмп киниэхэ туһалаабат гына, киһи хараҕар көстүбэт икки абааһыны батыһыннара сылдьыбытым.
– Кини ол ыарыыттан хайдах гынан үтүөрүөн сөп этэй? – диэн иккис абааһы ыйыппыт.
– Арай кини таһыгар эмискэ карнай тыаһаатаҕына, көстүбэт абааһылар куттанан куотуохтар этэ, оччоҕо эрэ үтүөрүөн сөп, – диэн маҥнайгы абааһы эппиэттиир.
Бу кэмҥэ абааһылар баһылыктара кэлэр:
– Һуу-һуу, киһи сыта баар, билэҕит дуо? – диэн хаһыытыыр.
Абааһылар хаспах иһигэр төттөрү-таары сырсыакалаһан, дэлби куттаммыт уолу тутан аҕалаллар.
– Биһиги кинини тырыта-хайыта тыытыахпыт! – диэн абааһылар баһылыктара хаһыытаабыт.
Хата уол өйүн сүтэрэ куттамматах, били карнайын сулбу тардан ылбыт да оонньоон кыйыһыппыт. Абааһылар куттанан, малларын-салларын быраҕан, хаспахтан бырдааттаһан тахсыбыттар да сирэйдэрин хоту тэбинэ турбуттар.
Сарсыарда уол айан суолунан сүөһү бөҕөнү үүрэн иһэр чабааннартан түөрт уон тэбиэни кытары түөрт уон өсүөлү атыыласпыт. Били абааһылар муспут баайдарын ыҥыырдан дьиэтигэр кэлбитэ, убайа санаарҕаан аҕай дьиэтин айаҕар олорор үһү. Быраата ыйыппытыгар, эппит:
– Бырдыбыт быста дьадайан баран, хайдах санааргыам суоҕай?! Оҕолорбут туос аччык олороллор.
– Чэ, санаарҕаама, – диир быраата. – Мин баай бөҕөнү аҕаллым. Оҕолуун-уруулуун барыгыт үйэтигэр тиийиэ!
Аҕалбыт баайын барытын убайыгар биэрэн баран, бэйэтэ карнайын ылан эмиэ айанныы барар. Бырааһынньыктарга, урууларга карнайынан оонньуу-оонньуу кишлактан кишлакка, биир куоракка тиийэн кэлиэр диэри, баран испит. Ити куорат санаа-оноо баттаабыт дьонноох куорат буолан биэрэр. Уол биир ааһан иһэр киһиттэн тоҕо манныгын ыйыппыт, онуоха киһи эппит:
– Биһиги ыраахтааҕыбыт суос-соҕотох кыыстаах. Кини ыалдьыбыта ыраатта: айаҕар тугу да ылбат, кэпсэппэт, күлбэт-үөрбэт. Ол иһин ыраахтааҕы баһылаан олорор сиригэр ырыаны-тойугу, күлүүнү-оонньууну, көрү-нары бобон турар. Ыраахтааҕы кини кыыһын үтүөрдүбүт киһиэхэ баайын аҥаарын биэриэх буолар. Арааһынай биллиилээх эмчиттэр, отоһуттар бөҕө эмтии сатаатылар да, кыайбатылар.
Итини истээт, уол дыбарыаска киирэн ыраахтааҕыга:
– Мин эһиги кыыскытын эмтээн үтүөрдүөм этэ, – диир.
Ыраахтааҕы уолу кыыһа сытар сиригэр киллэрэр.