Саамай күндү бэлэх. Группа авторов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Саамай күндү бэлэх - Группа авторов страница 6
– Миэхэ чөмчүүк таастаах күндү сапта аҕалаар! – диэбит улахан кыыс.
– Оттон миэхэ, – диэбит орто кыыс, – саамай кыраһыабай солко ырбаахы таҥаһына!
Атыыһыт куччугуй кыыһыттан ыйыппыт:
– Оттон эн ханнык бэлэҕи ылыаххын баҕараҕын?
Онуоха кыра кыыһа хоруйдаабыт:
– Аҕаа, мин тугу да ирдээбэппин. Эн бэйэҥ эрэ тыыннаах эргилин, доруобай буол. Миэхэ бэлэх аҕалыаххын баҕарар буоллаххына, ол дойдуларга сылдьан сиэбит лэппиэскэҥ хоруотун мунньан аҕалаар.
Атыыһыт дьиктиргээбит да, утарса барбатах.
Ыраах дойдуларга өр сылдьыбыт. Эргинэн бүтэн баран кыргыттарыгар сыаналаах күндү бэлэх бөҕөнү атыыласпыт, дойдутугар айаннаабыт.
Дьиэтигэр кыргыттара аҕалара кэлэрин кэтэһии бөҕөнү кэтэспиттэр. Аҕалара дьэ этэҥҥэ тиийэн кэлбит, улахан кыргыттарыгар ыарахан сыаналаах бэлэхтэри түҥэтэлээбит. Оттон кыра кыыһыгар лэппиэскэ хоруотун мунньан аҕалбыт.
– Мин эн көрдөһүүгүн толордум, тоҕойуом, – диэбит атыыһыт, – ол гынан баран маннык бэлэҕи биэрэрбиттэн кыбыстабын даҕаны.
Кыыһа тугу да саҥарбатах, саамай таптыыр ытын ыҥырбыт, ыт сүүрэн кэлбитигэр, лэппиэскэ хоруотун сыттаппыт. Ыт сыттаан көрөөт туора хаампыт. Онуоха кыра кыыһа аҕатыгар эппит:
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.