Дьолло бэлэхтээ, Сэргэлээх. Аркадий Дорофеев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Дьолло бэлэхтээ, Сэргэлээх - Аркадий Дорофеев страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Дьолло бэлэхтээ, Сэргэлээх - Аркадий Дорофеев

Скачать книгу

себя, собраться с мыслями, – хантан ылан итинник «уу тэстибэтинэн» этэ турарын, Сима бэйэтэ сөҕөр.

      – Да, сынок, верно говоришь. Но вы, ребята, простите моего дурака. Простите, – дьахтар тахсан барар.

      – Хайа, наа, Сима отой абытай эбиккин дии! – Гена сөҕөн саҥа аллайар.

      – Бу киһиҥ, куорат уола ээ, оскуоланы куоракка бүтэрбитэ, – Никандр мүчүк гынар.

      – Эт-то кого и-избили? Какую сволочь проучили? – аны биллэ холуочук киһи тэлэкэчийэн киирэр.

      Бу киһи олох атыннык туруорсар: дьахтартан атын, куттуур ньыманан киирэр. Дьыаланы суукка биэрдэхтэринэ – бэйэлэрэ кэһэйиэхтэрэ үһү. Мантан бүтүн бараллара да бэрт саарбах (очень сомнительно!). Бу дэриэбинэҕэ киэһэ аайы ким эрэ кими эрэ кырбыыр. Ол аайы үҥсүһэн, сууттаһан испиттэрэ буоллар, бу дэриэбинэ олоччу суох буолуо этэ. Бу дэриэбинэ бүтүн оройуону, сүрэҕэ суох сахалары барыларын даҕаны аһатан олорор. Ону кинилэр, сыыҥтайдар, өйдөөбөттөрө кыһыылаах. Бу бөөхүллэни (Витяны сөмүйэтинэн ыйар) түүннэри бабаларга сүүрбэт гына, өссө тутан биэриэххэ баара. Кини көрдөҕүнэ, ситэ «дьыалайдамматах» боторооску турар. Чэ, ол эрээри, абааһы тыыттын, Парамоныч үтүө киһи. Эр дьоннуу, баран самогон иһиэххэ уонна онон бүтүөххэ.

      – Да, да, пропустим по паре чарок и разбежимся. Как настоящие мужики…

      Ити «дакылааттыы» турдаҕына, Слава көтөн түһэр:

      – Давай, разбежались в самом деле! А то вашего сыночка за решетку запрятаем, а вас отправим на пятнашку!

      – Да ну на…, какая пятнашка, – ыалдьыт, үөхсэ-үөхсэ, атахха биллэрэр.

* * *

      Оппуохаламмыт буор сыбахтаах самнарыспыт дьиэлэрдээх Покровка дэриэбинэтэ Амма эбэни үрдүк сыыртан өҥөйөн, бэрт кэрэ айылҕалаах сиргэ турар. Өрүһү батыһан олохсуйар үгэстээх нуучча дьоно, ханнык да улахан халаан ылбат, үрдүк хаастаах, олус табыгастаах сири булан олохсуйбуттар. Амма өрүс сүнньүгэр маннык үрдүк сиргэ олохсуйбут биир эмэ дэриэбинэ баара дуу, суоҕа дуу? Олохтоохтор күүскэ иһэллэр диэбиттэрэ даҕаны, мээнэ итирик далбаатана сылдьар дьон көстүбэттэр. Маҕаһыын таһыгар даҕаны итирэн орулаһа сытааччылар көстүбэттэр. Манна бурдук өлгөмүн үүннэрбит, рекорд бөҕөнү олохтообут бурдук үүннэрээччилэр, аатырбыт механизатордар, комбайнердар олороллор, үлэлииллэр. Холобур, Сималаах үлэлиир токтарын биригэдьиирэ, Василий Васильевич Соловьев, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах, Саха Сирин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киһи. «Амма» сопхуос киинин хонтуоратыгар Бочуот дуоскатыгар бэрт элбэх уордьаннаах, мэтээллээх дьон мэтириэттэрэ ыйанан турар.

      Ол быыһыгар, үлэ күөстүү оргуйар Маайыскай нэһилиэгэр хантан кэлбиттэрэ биллибэт, ханна да үлэлээбэт дьиибэ дьон эмиэ көстүтэлииллэр. Холобур, мэлдьи остолобуой эргин иилэҥкэйдэһэр сыгааннар бааллар. Күн иллэҥ дьон диэн дьэ кинилэр. Бэлисэпиэт икки көлөһөтүн холбоон, бэрт саталлаахтык оҥоһуллубут тэлиэскэлээхтэр. Ардыгар биир киһи ат курдук көлүллэн, биир киһи тойон курдук олорон, төбөлөрүнэн аһыыппарбыт

Скачать книгу