Дьолло бэлэхтээ, Сэргэлээх. Аркадий Дорофеев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Дьолло бэлэхтээ, Сэргэлээх - Аркадий Дорофеев страница 8
Аны иккис паараҕа, матлогика диэн предмеккэ үөрэнээри, оҕолору батыһан иһэр.
Үөрэниэххэ, үүнүөххэ
Үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду —
Өлүөнэ эбэккэм…
Тыый, ыллыы иһэр дуу? Ээ, суох, иһигэр ыллыыр… суох-суох, дууһата ыллыы иһэр эбит.
Быйыл, кини үөрэххэ киирэр сылыгар, бу бэйэкээннээх үтүөкэн куорпус, Дьокуускай куоракка тутулла илик аныгылыы дьиэ, куорат эрэ дуо, Саха Сирин үрдүнэн бастыҥ тутуу үлэҕэ киирдэ.
Түөрт паара кэнниттэн, бастакы куурустар үһүс этээскэ батысыһан киирэллэр. Уопсай дьиэҕэ ылыллыбыттар испииһэктэрэ тахсыбыт. Сима, бу киэһэ уопсайга көһөн киирэрдии сананан, бэйэтин аатын көрүөлээн, булбата. Бүтэһик хаалан, сирийэн көрдүү сатыыр да, кини аата суох. Суруллубатах. Бу туох эрэ алҕас. Хайдах уопсайа суох?
Быһаартара охсуох киһилии, секретариакка сүүрэн тиийдэ. Онно сааһыра барбыт ачыкылаах нуучча дьахтара олорор.
– Испииһэпкэ аатыҥ суруллубатах буоллаҕына, уопсайга ылбатах эбиттэр, – дьахтар ачыкытын үрдүнэн көрөн кэбиһэр.
– Оччоҕо? Хайдах буолабын?
– Билбэтим. Студпрофком быһаарар. Кинилэртэн ыйыттаҕыҥ дии.
Сима студпрофкому ыйдаран тиийдэ. Онто хатааһыннаах. Хас да күн кэтэһэн-манаһан студпрофкомугар дьэ киирэр. Хара бараан быллаллыбыт сирэйдээх, ачыкылаах кыра киһи дьоһумсуйан олорор.
– Эн кыанар төрөппүттэрдээх устудьуон эбиккин. Уонна баран, хайдах бастакы куурустан тута уопсай дьиэнэн хааччыйтарыаҥый? – остуол тойоно тииһэ ыалдьыбыт киһи курдук, иэдэһин мырдыҥнатар.
– Бастакы кууруска даҕаны ханна эрэ олороммун үөрэннэхпинэ, үөһээ кууруска тахсыам этэ дии. Миэхэ уопсай дьиэ биэрдэххитинэ сатанар!
– Вот-вот, ханна эрэ олорон үөрэн, уопсайа суох тулуйан бастакы куурустаргын бүтэр уонна кэлээр. Эбиитин, өрүс уҥуор чугас улуустан сылдьаҕын, суох-суох! Уопсайга быйыл сананыма даҕаны.
– Чугас оройуонтан, Арыылаахтан сылдьан үөрэнэбин дуо, оччоҕо?!
– Унаарап! Этиһэ кэлбитиҥ дуо, манна?! Тахса тур! – киһитэ аһыҥа курдук кып-кыһыл буолар.
– Киһи кыһалҕатын өйдөөбөт, студпрофкомҥа сөбө суох салайааччы эбиккин.
– Туох диигин? Мин эйигин оннугун булларыам! – остуоллаах тойон турар.
Биир күн Унаарабы декаҥҥа ыҥыраллар. Маҥхайбыт баттахтаах, нүксүччү туттубут, наҕыллык саҥарбыт декан Афанасьев уолу чинчилиирдии көрбөхтүүр. Профкомҥа киирэн тоҕо «куруубайдаабытын» ыйыталаһар. Бука бары биир сорукка, үөрэх-сайдыы туһугар мөхсө сылдьан, бэйэ-бэйэҕэ хадьардаспакка, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар ордугун этэн, кыратык сэмэлиир. Уопсай дьиэлэргэ кырдьык, миэстэ букатын тиийбэтин, киниэхэ да хаһан эмэ миэстэ биэриэхтээхтэрин быһаарар. Ол инниттэн билигин ханна эрэ кыбыллан үөрэнэригэр, тулуйарыгар