Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов страница 18

Жанр:
Серия:
Издательство:
Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов

Скачать книгу

Васильев

      Чугас доҕордуу этилэр

      (П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов)

      Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан, 1917 с. эдэр П. Ойуунускай, М. Аммосов, С. Васильев, И. Барахов уо.д.а. бассабыыктар баартыйаларыгар киирбиттэрэ. Күһүн кинилэр Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыайыытын күүрүүлээхтик көрсүбүттэрэ. В.С. Петров бу туһунан: «И. Барахов и другие молодые большевики М. Аммосов, С. Васильев, П. Слепцов, А. Попов принимали самое активное участие в деятельности первых Советов, профсоюзов, предпринимали агитпоездки по улусам и др.», – диэн суруйбута. 1918 с. үгүс революционердар, олор истэригэр П. Ойуунускай уонна И. Барахов, Саха сирин тас өттүгэр көскө ыытыллыбыттара. Ойуунускай сыылкаҕа бойобуой доҕорун Исидор докумуонунан сылдьыбытын туһунан ахтыытыгар суруйбута.

      П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин тэрийиигэ сүҥкэн улахан уонна быһаарыылаах кылааты киллэрбиттэрэ… Бу боппуруоһу П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов 1921 с. Москваҕа ыытыллыбыт РК(б)П Х съеһигэр анаан туруорбуттара. Съезкэ И.Н. Барахов быһаарыылаах куоластаах, П.А. Ойуунускай сүбэ куоластаах делегаттарынан талыллыбыттара. Кинилэр бу историческай суолталаах мунньах аһыллыытыгар В.И. Ленини көрбүттэрэ, кини дакылаатын истибиттэрэ… Ойуунускай суруйбута: «Национальнай боппуруос туһунан большевик партия политикатын билээт, автономия ылар санааны ылынныбыт Барахов биһикки». Съезтэн төннөн иһэн, Омскайга муус устар 9 күнүгэр Ойуунускай, Барахов уонна Агеев автономия туһунан боппуруоһу туруорбуттара. Партия Сиббюрота Барахов, Ойуунускай автономия туһунан бырайыактарын дьүүллэспитэ, ол гынан баран, улахан хайдыһыы буолан, бу боппуруоһу РК(б)П Комитетын көрүүтүгэр ыытарга быһаарыы ылыллыбыта. 1922 с. муус устар 27 күнүгэр САССР тэрийии туһунан уураах ылыллыбыта.

      Каландаришвили тоһуурга түбэһэн өлүүтэ балаһыанньаны ыараппыта. Ол да буоллар, элбэх үлэ кэнниттэн кулун тутар 18 к. Сиббюро бигэргэтиитинэн губбюро саҥа президиума талыллыбыта, онно секретарынан И. Барахов, чилиэннэринэн С. Широких-Полянскай, П. Ойуунускай уонна В. Бертин талыллыбыттара. Ити курдук, И. Барахов уонна П. Ойуунускай Саха сирин биир саамай ыарахан, уустук уонна тыҥааһыннаах кэмигэр сөптөөх быһаарыыны ылынан, төрөөбүт норуоттарын сэрии-уот, маассабайдык өлөрүү-өһөрүү иэдээниттэн быыһаабыттара. Кинилэр хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэриигэ уонна сайыннарыыга, үрүҥнэргэ кыттыспыт саха дьонун амнистиялыырга, национальнай интеллигенцияны кытта бииргэ үлэлииргэ улахан болҕомтолорун уурбуттара. П.А. Ойуунускай В.В. Никифоров-Күлүмнүүрү Саха сиригэр ыҥырыы норуокка сүҥкэн суолталаах буолуоҕун ыйбыта. Кини этиитин М.К. Аммосов уонна И.Н. Барахов өйөөбүттэрэ. Ойуунускай уонна Барахов саха тыла, суруга-бичигэ, науката сайдарын туһугар сыралаахтык, сүбэлэһэн, биир өйүнэн-санаанан үлэлээбиттэрэ. 1925 с. алтынньытыгар И.Н. Барахов аатыгар кини Баку куоракка ыытыллыахтаах Бүтүн Союзтааҕы бастакы Тюркологическай съезкэ кыттыыны ыларыгар анаан, Ойуунускай илии баттааһыннаах мандат бэриллибитэ. 1928 с. Исидор Барахов

Скачать книгу