Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов страница 19

Жанр:
Серия:
Издательство:
Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов

Скачать книгу

бааһынайдар үөрэ көрүстүлэр. Эдэрчи дьахтар сылабаар үрдүгэр түстэ. Сотору буолаат, эр дьон, оҕо аймах ааны саппат буоллулар. Ойуунускайы ким көрүөн баҕарбат буолуой? Дьаамнаах киһилиин бэрт кыратык кэпсэттилэр. Дьиэлээх киһи толлор быһыылаах.

      Платон Алексеевич бэйэтэ, омос көрдөххө, тоҥкурууннуҥу этэ. Биир оҕонньор киирдэ, үөрсүү буолла: билсэр дьон эбит. Аҕыйахтык да буоллар, бэрт истиҥник кэпсэттилэр…

      Чэйдээн бүтэрбитигэр улахан туомускай аты көлүйбүттэр.

      – Нохоо! – диэтэ дьаамсык. – Сүүрдээйэҕин. Бэйэтэ да хоннохтоох барахсан. Баҕадьылар! – Ити куорат дьаамсыктарын мөҕөр. – Аанньа да аты Былатыаҥҥа биэрбэттэр. Аты сойутаар, үчүгэйдик аһаттараар. Сарсыарда эбиэстэ биэрээр, бастыҥаҕа баайдым. Өрүскэ киириигэ боротуокаҕа уулатаар: итинтиҥ ырааһы эрэ уулуур, – Платоҥҥа илиитин уунна.

      – Алексеевич, этэҥҥэ айаннаа.

      Миэхэ сибис гынна: «Тоҥороойоҕун. Утары салгыннаах…»

      Сотору Өктөм быраабатыгар тиҥинэтэн тиийдибит. Биһигини ким да көрсүбэтэ. Утуйар таҥастарбытын, тулууппутун кыра халааҥкаҕа сырайа уурдубут. Ким да кэлбэтэ. Платон отой кыһаллыбат итиниэхэ.

      Платоннуун кэнсэлээрийэ улахан остуолларыгар хоонньоһон утуйдубут. Сурдурҕаан, куһаҕаннык тыынар эбит этэ. Улахан тымныы дьиэ эбит. Таҥаспытын эр-биир түүрэн, баайан, таһааран, сыарҕабытыгар уурдубут. Халлаан саҥардыы сырдаан эрэр. Үрдүк күрдьүктээх киэҥ тэлгэһэҕэ хаамса түстүбүт.

      – Үчүгэйдик утуйдуҥ дуо, доҕоор? – диэтэ. Мин хайдах эрэ эр ылан: «Ити тоҕо киһилии көрсүбэттэрэ буолуой, сылаас дьиэҕэ-уокка?» – диэтим. Киһим хараҕа дьиибэлээхтик күллэ. Мин диэки көрөн турбахтаан баран: «Дьоҥҥун бэйэҥ билэҕин», – диэтэ. Дьиэҕэ киирэ оҕустубут.

      Бастаан дьахталлар мунньахтара буолла. Эҥин араас өҥнөөх былааттаах дьахталлар, соннорун устубакка, бырааба уһун, кэҥэс саалатыгар, тоҥ хаптаһын олоххо симсэ лөглөһөн олороллор. Аҕыйах аҕай эр дьон учууталлар, исполком үлэһиттэрэ, судьуйа, комсомолецтар, чугас ыаллар тиһигэ быстыбат кэриэтэ биирдиилээн кэлэн истилэр.

      Платон тыл этэрин, дакылааттыырын, араатардыырын истэрим. 1924 с. Сэбиэттэр съезтэригэр түмүк тылыгар Н. Субуруускайы уонна К. Сокольниковы мөхпүтүн сөхпүтүм. Ол дьон туохха эрэ киирэн биэрдилэр быһыылааҕа. Отой оҕо курдук дьарыйан кэбиспитэ. Тымтар. Ол съезкэ оччотооҕу юстиция норуодунай хамыһаара И.Д. Емельянов дакылаатыгар В.Н. Леонтьев халыымы ууратары сөбүлээбэккэ улахан тылы эппитэ. Леонтьев этиитин туһунан комфракцияҕа кэпсэтии буолбута. Платон онно, бииринэн, Леонтьевы нөҥүөһүлээн, күлүү-элэк курдук характеристикалаабыта, иккиһинэн, сүбэлээбитэ.

      Бу сырыыга Платон Алексеевич дьахталларга дакылаата дьиҥнээх поэзия этэ. Кини кумааҕыта-тойо суох, бастаан намыыннык этэн истэ, онтон улам күөдьүйэн барда. Уобарастаах этиилэр тахсан иһэллэр.

      Манна таарыйтаран, Аммосов уонна Ойуунускай араатардыылларыгар туох-туох туспалаахтарын этиэҕи баҕарыллар. Платон бастаан истээччи сүрэҕэр киирэрэ, ол кэнниттэн, онуоха олоҕуран, истээччи өйүн баһыйара.

Скачать книгу