Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов страница 7
Ол мунньахха Платон уонна кини доҕотторо баайдар батталлара арааһын арыйбыттара, салыннарар уоттаах-төлөннөөх тыллары элбэҕи эппиттэрэ. «Хааннаах хабалалаахтары, быалыктаах бырыһыаннаахтары тимир сиппииринэн сиппийиэхпит, былааһы норуот илиитигэр биэриэхпит, ол иннигэр үөрэнэбит, ол иннигэр охсуһуохпут», – диэн Платон тылын түмүктээбитин, онно ытыс тыаһа өрө хабылла түспүтүн билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Биһиги улууска ити бастакы ытыс таһыныыта этэ. «Дьэ, бэлэһигэр силлэппит, уһуйтарбыт да баҕайы», – дэһэн баайдар ботугурастылар.
Дьон өйүгэр хатанар тылы Костя Сокольников, Егор Суҥхалыырап, Денис Софронов, Данил Попов, Фотий Щукин эппиттэрэ. Кинилэргэ утарылаһан, уруккута кинээс Прокопий Охотин этэн көрдө да, ким да өйөөбөтө. Атын баайдар көхсүлэрин этитэ, иэдэс биэрэ олорон хааллылар. Мунньах саҥа салалтаны талбыта. Ол салалтаҕа Данил Попов, Егор Суҥхалыырап уо.д.а. киирбиттэрэ.
Ф. Егоров
Тулаайах дириҥник махтанар
Таайыгар олорбут балтын кыыһа Прасковья Терентьевна Аянитова-Сыромятникова ахтыытын билиһиннэриэхпин баҕарабын:
«Мин ийэм Мария Алексеевна Хоочугурдарга 8-с оҕонон төрөөбүт. Кини дойдутун киһитигэр Терентий Михайлович Аянитовка кэргэн тахсан 4 оҕону төрөппүтүттэн мин соҕотоҕун ордубуппун. Ийэм кырабар өлбүтэ, аҕам 1936 с. өлөн, мин тулаайах хаалбытым.
1937 с. ахсынньытыгар таайым быыбардааччыларын кытта көрсө Ытык Күөлгэ тахсыбыта. Бу инниттэн кэпсэтии баар буолан, миигин Боробултан көрсүһүү буолар дьиэтигэр аҕалбыттара. Миитин бүтэрин кытта кэтэҕинэн сыанаҕа өрө сүүрэн тахсан көрсүбүтүм. Мин иннибэр кыра уҥуохтаах, сырдык мичээрдээх, маҥан ыраас сэбэрэлээх, наһаа эйэҕэс киһи көрсө түспүтэ. Кып-кыра тулаайах аймаҕар сонно тута болҕомтотун ууран, түспүт хоһугар илдьэ тахсан, өр истиҥник кэпсэппитэ. Мин онно кини тулаайах аймахтарыгар дьиҥ ис сүрэҕиттэн кыһалларын билбитим. Аара Чөркөөххө балтыгар Маринаҕа сылдьан, Чурапчыга табаарыстарыгар хонон, Төҥүлүгэ балыксыт оҕонньорго сылдьан, Дьокуускайга тиийбиппит. Мин тиийэрбэр, бэйэтин оҕолоруттан ураты, эмиэ киниэхэ иитиллэр тулаайах бырааттара Василий Никитич уонна Дьулустаан бааллара.
Таайым наһаа оҕомсоҕо, биһиэхэ барыбытыгр тапталлаах аҕа этэ. Сотору арахсалларын билбит курдук, кыргыттара Саргылаана уонна Сардаана илиитин да ититэр бокуой биэрбэккэ, икки өттүгэр ытарҕа буола түһэллэрэ. Хас киэһэ аайы аһылык иннинэ соло булан кэпсэтэн-ипсэтэн, сээкэйинэн аралдьытан, тэҥҥэ оонньоон-күлэн ылара. Үөрэнэр оҕолортон үөрэхпитин ыйыталаһара, ирдиирэ, ол иһин хайаан да ааҕа, толоро сатыырбыт. Арыт барыбытын түмэн, патефон ыллатан иһитиннэрэрэ, сэргэхситэн ылара.