Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов

Скачать книгу

Сокольникова. Кини Костя Сокольниковы кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар эбитэ үһү. Сокольниковтар уонна Платон аҕата Хоочугур Өлөксөй аах Тааттаҕа биир алаас иһигэр олорбуттар. Сайылыктара Көөдөккө, быһата, тэлгэһэлэрэ биир. Кыстыктарын буруота көстүһэ турар. Сүөкүччэлээх Платону дьоно оҕо эрдэхтэриттэн холбооттуох буолан үөскэппиттэрэ дэһэллэр. Ол гынан баран, Платон ол былыргы үгэһи тутуспатах буолуохтаах, кини оннуга суох киһи этэ. Дьүһүннээх кэрэтэ, уҥуохтаах көнөтө, майгытынан-сигилитинэн даҕаны бар дьоҥҥо сирдэрбэтэх кыыһы – Сүөкүччэтин Платон, кырдьык, күүскэ таптаабытын итэҕэйэбин. Таптаабыт да буолан, аймахтара икки өттүттэн сөбүлээбэттэрин үрдүнэн, кэргэн ылбыт эбит. Сокольниковтар этэллэрэ үһү: «Ама, биһиги оҕобут дьадаҥы Хоочугур уолугар кэргэн барыах бэйэтэ дуо?». Оттон Платон дьоно: «Уолбут ыарыһах, сөтөл буолан өлөөрү сылдьар кыыһы ойох ылан эрэр», – дэспиттэр. Эдэрдэр икки өттүттэн таптаспыттар. Ол эрээри Сүөкүччэ: «Ыарыһаҕым бэрт, эн дьолгун алдьатар кыаҕым суох», – диэн хас да сыл буолумматах. Платон ону этэрэ үһү: «Бу аан дойдуга таптал баар туохтааҕар да күүстээх. Сүөкүччээ, мин итии тапталым эйигин хайаан да үтүөрдүөҕэ. Холбоһуох, ыал буолуох, буруо таһаарыах». Платон «Доҕорбор Сүөкүччэҕэ», «Куоттарбыт кутурҕана» диэн хоһооннорун аахпыттар бу этиллибиттэри кытта сөбүлэһиэхтэрэ.

      Платоннаах Сүөкүччэ балтараа сылтан эрэ ордук бииргэ олорбуттар. 1921 с. ахсынньыга Сүөкүччэтин Тааттаттан сүгүннэрэн, куоракка киллэрбит, онтон 1923 с. от ыйыгар соҕуруу эмкэ илпит. Сүөкүччэ онтон кыайан эргиллибэтэх: 1923 с. от ыйын 14 күнүгэр Ишим уонна Тюмень икки ардыларыгар тимир суолга өлбүт. Кини уҥуоҕа Тюмеҥҥэ сытар буолуохтаах.

      1925 с. ахсынньы 10 күнүгэр Платон иккис кэргэнин кытта саахсаланар. Иккис кэргэнэ – Татьяна Дмитриевна Александрова. Татьяна Дмитриевнаны мин билэбин, өлүөр-сөлүөр эрдэҕинэ, саха дьахтарыгар эмиэ толуу үчүгэй дьахтар этэ. Татьяна Дмитриевна төрдө-ууһа Мэҥэ Хаҥалас диэки, Нөөрүктээйи нэһилиэгин (Павловскай) кыыһа. Кини бастаан аатырбыт кыһыл бартыһааҥҥа Георгий Осипович Петровка (Халлааскыга) кэргэн тахсыбыт эбит. Халлааскы кэлин Алдаҥҥа баран хаалбыт, онно тиийэн баран, «кэл» диэн ыҥырбытын Татьяна Дмитриевна барбатах. Кини онтон Дьокуускайга киирбит, сотору оччотооҕу Таатта оройуонугар дьахталлар ортолоругар үлэһитинэн ананан тахсыбыт. Ол сырыттаҕына тиийэн, Платон Чөркөөхтөн булар уонна кэргэннэнэр.

      Платоннуун биһиги 1930 с. сэтинньи 6 күнүгэр холбоспуппут. Онтон ыла син ыал аатын ылан, кини былаҕайга былдьаныар диэри сэттэ сылтан ордук бэрт үчүгэйдик бииргэ олорбуппут.

      Ол туһунан кэпсиэм иннинэ кылгастык бэйэм туспунан билиһиннэрээри гынабын. Мин 1906 с. бэс ыйын 8 күнүгэр төрөөбүтүм. Төрөөбүт сирим – Чурапчы. Чурапчы уруккута саҥа дэриэбинэ, билигин интернат-оскуола диэн ааттанар, ити Чурапчы күөлүн хотугулуу-арҕаа өттүгэр. Онтон тус хоту диэки үс километр холобурдааҕы бардахха, Бэттиэмэлээх диэн алааска тиийэҕин. Аҕам Николай Петрович Борисов олоҕо онно этэ. Ийэм – Евдокия Андреевна Саввина, аныгы дьон өйдөрүгэр дөбөҥнүк түһэринэн

Скачать книгу