Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов страница 12

Жанр:
Серия:
Издательство:
Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов

Скачать книгу

сүрэҕи-быары сылаанньытар намчы-нарын нуурал баарый! Эбэтэр:

      Удьуорбут уһуоҕа,

      Уруйдуу туруоҕа…

      Биир өлөн сүтүөҕэ,

      Биир үөскээн төрүөҕэ… —

      диэтэҕэ үһү иккис хоһоонугар. 1936 с., үһүс кыыспыт төрөөбүтүгэр, суруйбут бу хоһоонун драматизма, дириҥ бөлүһүөктүү көрүүтэ, олоххо кырдьыга киһини сөхтөрөр. Бу биир эрэ олоҕу, тус биир олох кыараҕас эйгэтин быдан баһыйар.

      Арыт мин быыһаныым кэнниттэн этэрим: «Эмиэ кыыс!» Платон оччоҕо буойара: «Кэбис, инньэ диэмэ. Кыыс буоллун, уол буоллун – иккиэн биһиэннэрэ, биһиги оҕолорбут. Хойут кыыспыт уолу аҕалыаҕа, оттон кыыһа суохтарга уоллара кыыһы биэриэҕэ. Оччоҕо итэҕэс син биир ситэр буолбат дуо? Уонна биһиэхэ онтон ордук туох нааданый?» – диэн.

      Платон оҕону олус таптыырын итинэн эрэ быһаарыахха сатаммат. Дьааҥыга бандьыыттар тоһуурдарыгар түбэһэн өлбүт Никита Слепцов уолун Васяны, бииргэ төрөөбүт Иван Слепцов уолун Дьулустааны, төгүрүк тулаайах хаалбыт Паша Аянитованы иитэ ылаттаабыта. Ол оҕолору бэйэтэ төрөппүттэриттэн итэҕэстик туппат этэ, син биир тэҥник маанылыыра, болҕойоро. Олоҕун тиһэх күннэригэр кини наар оҕолорго тугу эмэ суолталааҕы айдарбын диэн тыллааҕа. Оҕолорго анаан хас да кэпсээннэри, остуоруйалары суруйда быһыылааҕа. Кэлин хас да тэтэрээттээҕэ, онно наар: «Оҕолорго анаммыт айымньыларым бааллар, соҕурууттан кэлэн баран салгыам, ситэриэм», – диирэ.

      Холбоспуппут, Саргылаанабыт төрүөн иннинэ, Платон миэхэ сотору-сотору этэр: «Чурапчыга тахсан, бэйэҥ оҕоҕун киллэр. Оҕо ийэтин аттыгар сылдьыахтаах». Хаста да аккаастанан баран, олус хаайара бэрдиттэн, Чурапчылаабытым. Онтон урукку кэргэммиттэн төрөппүт бэйэм кыыспын Машаны, тыллаах-өстөөх бүтүн киһини, аҕалбытым. Платон орон, утуйар таҥас атыыласпыт, оонньуур бөҕөнү муспут. Оттон кэмпиэтэ, бэчиэнньэтэ баһаам. Оҕом кэлээт, сылайбыта бэрт буолан, утуйан хаалбыта. Киэһэлик Платон көтөн түһэр, үөрбүт аҕай: «Кэллигит дуу? Хайа, оҕобут? Ханна баарый?» – «Утуйа сытар. Кыратык сыта түстүн, уһугуннарыма», – диибин. Суох, киһим истибэт, таҥаһын устаат, илиилэрин ириэрэн тиэтэйэ-саарайа мускунаат, хаһааҥҥыттан эрэ арахсан олус ахтыбыт оҕолоох киһилии баллыгырыы-баллыгырыы, кыысчааны сулбу тардан ылар, «чуу» дии-дии, саба түһэн уураабытынан-сыллаабытынан барар. Кыысчааным, бастаан соһуйан өрө көрө түһээт, сонно сыста түһэр: «Паапа!» Платон син биир бэйэтэ төрөппүтүн курдук таратара, таптыыра.

      Биһиги онон, мунньан-тараан сэттэ оҕолоох ыал буолбуппут. Эттэххэ дөбөҥ бу. Хайа оҕону таптаабат, оҕону сөбүлээбэт киһи бачча элбэх оҕону иитиэ үһү?

      «Олоҕун үгүс өттүгэр бөдөҥ салайар дуоһунастарга, бар дьон дириҥ ытыктабылыгар сылдьыбыт, аҥаардастыы «Ойуунускай дуо?» дэппит киһи ол балаһыанньатынан туһанар этэ дуо?» – диэн ыйытааччылар эмиэ баар буолуохтарын сөп. Саха норуотун тапталлаах уола, коммунист П.А. Ойуунускай бу да өттүнэн курустаал таастыы ыраас киһи этэ диэн быһаччы этэбин.

      Биһиги ордук өр олорбут дьиэбит урукку Ворошилов уулуссатын 14-дэ, ити билигин музей буолбут

Скачать книгу