Таайыллыбат дьикти күүс. Огдо
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Таайыллыбат дьикти күүс - Огдо страница 2
Анжела дьүөгэтин дьиэтигэр барда. Остуолга хаарты кэпсээн барда.
– Пахай, көмүһүҥ олбуортан тахсан барбыт, тоҕо тута ааспыкка көрдөөбөтөххүнүй?
– Суох, оттон уһаайба иһигэр баар диэбитиҥ дии, ол иһин сыттын диэн кыһамматаҕым. Онтон, дьэ, бу сарайбын түөрэ хастым да, олох суох.
– Онтон барбыт. Уонча хонукка ким кэлэн барбытай?
– Суох… Арай кийиит кэлэн барбыта.
– Оо, бу хараҥаҕа илиитэ киирбит, һол илии киирэн ылла, илдьэ барда… Суола бу, көмүстэр барбыттар. Эрдэ кэлэн, кистээбит сириттэн ылбыт. Тоҕо эрдэ көрдөөбөтөххүнүй?
– Баар аата баар, бакаа сыттын дии санаабытым ээ.
– Билигин аны көрдөөмө, көмүс көстүбэтэ үчүгэй. Бардыннар, харах уулаахтар… Кэнники иэстэбиллээх буолуо… Кэмсиниэ ылбытыттан. Биирэ ломбарга туттарыллан, ууллубут. Биирэ баар да, көрдөөмө…
Аанчык, Анжеланы итэҕэйэн, көмүһү кийиититтэн көрдөөбөтөҕө. Кийиит арахсыбыта, уорбут көмүһүнүүн сүппүтэ.
Анжела дьон кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, кыра буоллун, улахан буоллун, барытыгар кыаҕа тиийэринэн көмөлөһө сатыыр. Тыһыынчанан кыһалҕа, тыһыынчанан дьылҕа. Биллэн турар бу – үлэ. Маннык көрүүлэнэригэр көрөрө күүһүн-кыаҕын супту оборон ылар, күнтэн күн саҥаттан саҥа күүс-уох наада: суордаан көтөрүгэр, анараа дойдунан сылдьарыгар илдьи сылайар, сэниэтэ эстэр, уу быычыгырас буолан, сыккырыыр тыына эрэ дойдутун булааччы. Ону бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Кыырай халлааҥҥа күөрэйэн, сүтүктээхтэри булаары үрэхтэри, ойуурдары, күүстээх өрүстэри, таас хайалары үрдүлэринэн көтөр. Саха сирин ханнык-ханнык муннугар сылдьыбатаҕай?! Дьааҥы хайаларынан, Мииринэй, Нерюнгри, Ленскэй, Москуба куораттарынан, тас дойдуларынан – хаһан да харахтаабатах сирдэринэн көтөн кэлэр. Улахан сылаа, эт-сиин илистиитэ, ыгыллан-ыксаан, киирсэн, анньыһан да ылар түгэннэрэ элбэхтэр. Анжела кыра бэйэтэ дьон кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, өлбүттээхтэри дьонугар тиэрдэр ытык иэһин куруук өйдүүр. Сэниэ бүттэ. Хаарты сабылынна. Утуйуо, сынньаныа, харысхала – түлүк уута.
Анжелаттан киһи элбэххэ үөрэнэр. Кини этэринэн, алгыстаах дэйбиир дьиэҕэ тугу да киллэрбэт күүстээх. Иччи элбэх: дьиэ иччитин үөрдүҥ, алаадьылаан буруота таһаарыҥ, айылҕа иччилэрин аһата сылдьыҥ, хаһыытаамаҥ, кыыһырсымаҥ, салгыны хайытымаҥ, куһаҕаны дьиэҕитигэр олохсутумаҥ, былыргы иһити-хомуоһу, таҥаһы-сабы – эйиэхэ анамматаҕы – ылымаҥ.
Сарсыарда сылаас саһарҕалар эмиэ уһугуннардылар. Бүгүн эмиэ ыҥырыынан барыахтаах: эдэр киһи сүппүт, кута көппүт. «Эбэм барахсан көмөлөс, иччилэрим бары көмөлөһүҥ, үрдүк аналбын – Араҥаччыбын толоруохтаахпын! Көттүм суор