Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 2
– Хаһан төннөрдүү бардыгыт? – Дуораан Уус ыйыппыта.
– Тоҥот туруйата кэлиитэ эргиллэр бэрт буолуо этэ. Эн хайдах эрэ сылаарҕаабыт көрүҥнээххин, бааһыҥ хайдаҕый?
– Ээ, халымыр… Бачча түөһүллүбүт киһини ити кып-кыра ох төбөтө кыайыа дуо? – диэн күлбүтэ буола ыгыстыбыта. – Ол эрээри түүл-бит соччото суох. Түһээн умайа турар уот ортотугар уһана сатаабытым хаһыс даҕаны хонугум. Уунан устан, этим көймөстөн, сылбаахы буолан турабын… Туоҕа Боотур, кэпсэтэрдээх, этэрдээх этим… Итии хааннаах, инчэҕэй эттээх киһи буоллаҕым… Баалатан кэбистэхпинэ: «Тимири эллээн бүт…» – диэхтэрэ. Оһон биэрбэтэ сүрдээх, куһаҕан, сыстыганнаах ыарыы буулаан, дьону сутуйар куттала баар… Эһиги кэлиэххитигэр диэри хатан барбатаҕына, Күөх Хайа диэки сыҕарыйар санаалаахпын… Аҕыйах бэйэбит куһаҕан ыарыыга сутуллан, имири эстиэхпит дуо… Кыра сээкэйи Чорбох оҥоруо. Эн кинини кэтээн көрө сырыт.
– Бээрэ, Дуораан Уус, ый туолан, санааҥ оонньуур ини? Биитэр тыал-куус, былыт баттыыр дуу… Кэбис, куһаҕаны түстэнимэ. Үрүйээнэ көрүө-истиэ. Хата, кылгас кэмҥэ уһанаргын тохтот. Биһиги, төһө кыалларынан, түргэнник сылдьа сатыахпыт. Тугу даҕаны дьаһаммакка олорон хааллахпытына, ыарыыта даҕаны суох симэлийэр кутталлаахпыт. Эргилиннэхпинэ наллаан кэпсэтиэхпит… Куттал үөскээтэҕинэ, бэйэҕин билиннэххинэ, бараргын-кэлэргин быһаарыахпыт… Ситигирдик. Чэ, хаалбыт дьон эн тылгын-өскүн, илиигин-атаххын кэтииллэрин умнума, – диэбитэ Туоҕа Боотур.
Эмискэ сырдыргыыр, тоҥ хаар хоочугуруур тыаһын истэн, Дуораан Уус олорор лэкээтигэр эһэлии эргиллибитэ. Балаҕан ойоҕоһуттан нимчикаатын кэппит, кылгас үҥүүтүн тайахтаммыт, баһыттан атаҕар диэри таба таҥастаах Куолакы Хоһуун аҥаар өттүнэн иҥнэҥнээн тахсан кэлбитэ. Дуораан Ууһу көрөн сүгүрүйэн ылбыта, көнтөс атаҕын ыраах-ыраах уурталаан чугаһаабыта. Кини кэнниттэн ойоҕо Чурика уонна Муос уол мас сүгэһэрдэригэр таһаҕастаах тахсан, тэпсэҥнэһэ турбуттара.
– Ноо, хайа, бачча эрдэ ханналаатыгыт? – Дуораан Уус аа-дьуо туран кэлбитэ.
– Дуораан Уус, сүтэн хаалыахпытын сөбө даҕаны, сүрэ бэрт… Боҕустаххына даҕаны бараары турабыт… – Куолакы Хоһуун умса туттан, үҥүүтүн саҥа көрбүттүү, илиитигэр эргичиҥнэппитэ.
– Куолакы Хоһуун, туох буоллугут! Бу оҕону тоҕо состугут?
– Бука диэн, таҥнардылар дии санаамаҥ… Букатын барбаппыт… Бу дьахтар муҥун туонар… Оҕото умайбыт күлүн таптайдаҕына эрэ аматыйыыһы быһыылаах… Күнүһүн киһи, түүнүн ийэ буолан эрэйдэннэ. Сытыарпат даҕаны, олорпот даҕаны… Оҕотуттан букатыннаахтык арахсар сиэри-туому оҥорон, ытаан-соҥоон баран, Муоһу доҕор оҥостон төннүө. Ол иһин бу уолу илдьэ бардыбыт. Мин Мэндэйэ ойуунтан өс-саас ситистэхпинэ сатанар… Биһиги үгэспит оннук, биитэр симэлийиэм…