Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

Илбис дүҥүрүн кулгааҕар даҕайа, күрүүрүгэр аты кытта кэлсибит Бэлэс Боотур сатанахха ыйанан турар кэһэҕин эһэ охсон ылбыта. Дүҥүрүн үрдүгэр уура, салыбырас тарбахтарынан үс тимир төбөлөөх оҕу сыыйан ылбыта. Тыына кылгаан кыыкыныы ботугуруу, охтору кураанаҕынан силлээмэхтии:

      – Нойоон! Ап хомуһун хомулунна, били баҕайыны аҕала тарт… – диэн сыыгынаатын, Хучана ойон туран, араан хаҥас ойоҕоһунан дьылҕан маска кыбытылла анньыллыбыт киһиэхэ маарынныыр модороон эмэгэти туура тардан аҕалан, ойуун иннигэр уурбута. Куттаммыттыы бөкчөҥнүү, кэннинэн хааман, олбоҕор олорунан кэбиспитэ. Хаан Илбис, эһэ этин сиэн эрэрдии, суордуу хоохтуу, тимир төбөлөөх охтору удьаа көхсүнүү бөлтөйбүт эмэгэккэ батары саайталаабыта. «Алике, алике, алике», – диэн хаахыныы дүҥүрүн охсо, мэнэрийэн эрэрдии баһа босхо баран, баттаҕа үрэллэҥнии бэдьэйбитэ. Сыыйа бытааран, атахтарын тобуктарынан бокуҥната уостан барбыта. Араан таһыгар тиийэн олоро түспүтэ, тыын ылан өрүтэ уһуутаталаабыта.

      – Далла мэндэйиитинэн аайданаргыт эрэ бэрт этэ дии… Урааҥхайдар тимир төбөлөөх охторугар илбиһи иҥэрдим. Охтору ыытыаххыт эрэ кэрэх, сылаас хааны бэйэлэрэ булуохтара… – Хаан Илбис кэҥээбит, мээнэ сүүрэлээбит харахтара оннуларын булан, араан уотун сырдыгар дьиктитик кылахачыспыттара. Хоһууннары суптурута көрүтэлии ойон турбута.

      – Истиҥ! Атыыр оҕустуу айаатаан, көрбүттэрин эрэ үҥүүлэригэр үөлбүт, батаһынан кэрчиктээбит, оҕунан тэһитэ ытыалаабыт бороҥ урааҥхайдар эһиги сиргитигэр үктэннилэр! Ааһар адьынаттар буолбатахтар, билэ-көрө сылдьаллар. Уоттаах харахтара хатаннаҕына, ымсыы мэнэгэйэ ыалластаҕына эһиги курдуктары имири эһиэхтэрэ, сир үрдүттэн сүтэриэхтэрэ, – дүҥүрүн табыгырата тула холоруктаммыта. – «Хуух-хаах, хаах». Мин диэтэх киһи хааҥҥа суудайдым… Туоҕа Боотуру түҥнэрдэххитинэ, Лэбиэрийэ Бөҕөнү боҕутуннардаххытына өрөгөйбүт үрдүө! Халыҥ хаһаҕа үҥкүрүйүөхпүт, тимир куйахтаныахпыт, баай-талым олохтонуохпут… «Кулуп-халып, кулуп, кулуп, чулуп, чулуп». Аҕыйах эрдэхтэринэ симэлитиэххэ, суолларын сойутуохха, – диэбитинэн олоро түспүтэ. Туруктан тахса сатыырдыы өрүтэ бөтүөхтүү олорбохтоот, албыннаһан эрэрдии ымаҥныы, ньуолбардаан саҥаран барбыта: – Куттанымаҥ, ити охтор тимир куйахтары билбэккэ ааһыахтара. Биирдиитэ эрэ ытаҕыт уонна ойуурга түһэҕит. Эһиги курдук сымса, сыыдам айылҕа оҕолорун өйдөөн даҕаны көрүөхтэрэ суоҕа. Бу түөлбэ хоһуун хоһууннара эһиги буоллаххыт…

      Ойуунтан хайҕабылы истибэтэх хоһууннар систэрин көннөрөн, өрөһө-чөрбөһө ымаҥнаспыттара.

      – Үнүр түөрт буолан ааспыттара, – Хаан Илбис уолаттар санааларын таайбытыттан үөрэ, салгыы саҥарбыта. – Бөлүүн икки киһи эбилиннэҕэ. Сыыспат буоллахпына, төннөр буоллулар… Туох буолбуттарын суоллуу сатаабатым… Чуоҕуспут суолгутун көрөн куттаммыттар. Туоҕа Боотур сэрэхэчийэр. Үс боотуру суол хайдара инникилэтиэ. Бэйэлэрэ кэннилэриттэн ыксаабакка батыһыахтара. Хайдах айанныылларын билбит баҕайым… Эһиги

Скачать книгу