Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 10

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

этэн иһэн, устунан туойан доллоһуппута. Бэлэс Боотуртан куртуйаҕы ылан, икки илиитин ытыстарыгар уурунан, сүгүрүйбүтүнэн Улуу көтөр олорор тиитин диэки хааман иһэн, ыраас хаарга куртуйаҕын уурбута. Сүгүрүйбүтүн кубулуппакка кэннинэн хааман, төттөрү кэлбитэ.

      – Сиэр-туом туолла, хаамтарыаҕыҥ. Улуу көтөрбүт үссэнэригэр мэһэйдэһимиэҕиҥ, – Туоҕа Боотур бэргэһэтин кэтэн, атыгар барбыта.

      Хаамтара түһэн баран эргиллэн көрбүттэрэ, Тойон Кыыл куртуйах таһыгар, кинилэр диэки хайыһан, чынайан ахан олороро.

      – Түүл ситтэҕэ дуу… Ити аата дьылы туораан эрдэхпит, – диэн кимиэхэ туһаайара биллибэккэ ботугуруу, Туоҕа Боотур атын тиҥилэхтээн биэрбитэ. Улуу Кыылы көрбүттэриттэн санаалара көтөҕүллэн, сиэллэрэн сиксиппиттэрэ. Эмискэ Туоҕа Боотур атын хантаччы тардан, Бэлэс Боотуру тула бидилгэхтэтэн иһэн, сэргэстэһэ хаамтарбыта.

      – Бэлэс Боотур, Лүксүрээн кырдьаҕас тиһэх айанын кэпсээбэккин ээ… Тугу эрэ ситэри эппэтэх курдуккун. Ойуун оҕун тобоҕо суоҕа дуо? Бэйэҥ даҕаны айылҕаттан бэриһиннэриилээх эрээригин ичээннэри, ойууннары улаханнык итэҕэйбэт курдуккун ээ…

      Бэлэс итинник ыйытыыны истиэм эрэ диэн санаабакка иһэн, соһуйбут уоҕар атын хантаччы тардан, кэлин атаҕар бэдьэҥэлэтэн ылбыта.

      – Ээ, хата, диэ… Аар айылҕам киһиттэн таһынан куолайы анаабыт манньатыгар, дьилэй эттээх гына айбыт быһыылаах. Чахчыта даҕаны, түүлэ-битэ суох, ойуун, удаҕан кыайан сиэбэт киһитэбин… Ол эрээри Лүксүрээн кырдьаҕас уонна Мэдэйэ ойуун улаханнык салытыннарбыттара… Бааллар эбит диэн бүк эрэнэ сылдьабын… Ыйдаҥалаах түүн куоппуппут. Төһө даҕаны сырдык курдук буоллар, ат атыллыах мастара, иэҥҥин курбуулуур талах мас элбэҕэ. Аттарбыт күөннэринэн тоҕута түһэн айаннаппыппыт. Куотан иһэр дьон айаммыт даҕаны тэтимэ сүрдээҕэ. Лүксүрээн кырдьаҕас ити иһэн, хаста даҕаны улаханнык саҥа аллайталаабыта. Биирдэ маска тэптэрэн, дүҥүрүн тыаһа дуораһыйан ылбыта. Охто сыспыта. Өлөр охтуута халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ этэ. «Көстүбэт ох, ойуун оҕо… Туруктан кыайан тахсыбакка, сэрэммэтим… Эдэр-эдэр курдук, үөнэ-күрдьэҕэтэ, албаһа кыайда…» – диэхтээбитэ. Дүҥүрэ хайдыбыт, көхсүн хараҕынан таҥаһын өтөн, хаан инчэппитэ көстөрө. Ох тобоҕо эҥин суоҕа. Баҕар, турукка иһэн, маска оҕустарбытын билбэтэҕэ эбитэ дуу… Бэйэтэ эппитинэн «Ойуун оҕо» диэн кэпсээбитим. Туруулаһалларыгар сүрдэрэ-киэптэрэ сүрдээҕэ. Баҕар, Мэндэйэ даҕаны көстүбэт оҕун ыыппыт буолуон сөп. Көрөн турбут суох…

* * *

      – Айаммыт баһырхайа сүрдээх, тыынна ыла түһүөххэйиҥ. Аттар даҕаны уоскуйдуннар, – диэбитинэн Бэдэр Боотур атын хантаччы тардан, тохтотоору бэдьэҥэлэттэ.

      – Хата, инньэ диэ. Эн тохтуо суох курдуккуттан саҥарбакка испитим, – Тарҕаан атыттан түһэн, атын муннун сууралаата. Туйах дьоно тохтообуттарыттан үөрэн, атын ситэ тохтоппокко ыстанан түһэн, суларыттан туппутунан тэҥҥэ сүүрсэн иһэн, хаамтаран кэллэ.

      – Бэдэр Боотур, истэр былаһын тухары, эн бэргэн ытааччы аатыраҕын. Суон сураҕыҥ

Скачать книгу