Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 11
– Сах сиэтин… Этиэх эттэҕинэ оннук курдук. Бэлэс Боотур миҥэтин Хаан Илбис ойуун күрэтэн барбыта… Чэ, тылламмыт киһи бастаан ыт. Сыыстаххына ытан көрүөм. Ол эрээри олорору табар судургу буолуо, көтүтэн, халбыйан ытыах.
– Сөпкө эттиҥ… Туйах, аттар туруохтара. Ох сааҥ тэбиитэ тиийэр ини, суор олорор маһын үрдүнэн соҕус көрөн охто ыыт эрэ. Уонна үчүгэйдик көрөн тур, – Тарҕаан охтоох кирсин тардыалаан көрө, туора тахсыбыта. Бэдэр ох саатын бэлэм тутан, кэккэлэһэ соҕус турбута. Туйах куонньалыгыттан ох саатын хостуу иһирдьэ киирбитэ. Ох саатын өрө тутан, охтоох кирсин кулгааҕын иэмэҕэр диэри тардан иһэн, ыытан кэбиспитэ. Ох хотоҕойо эриллэ-эһирдэнэ түспүтэ. Ону даҕаспытынан, соһуйбут суор аллара ыһыктынан иһэн, араастаан хаймаҥныы өрө даллаахтаммыта. Тарҕаан лыабата дапсыга охсуллан дарылаатын, ох сурулуу көппүтэ. Ээйи кыйа собурҕаччы дайбанан испит суор, өрө сахсас гынаат, аҥаар кынатынан сапсыммахтыы аллара сарыкынайан эрдэҕинэ, Бэдэр дапсыта суостаахтык дарылаатын, суор түүтэ бурҕайа түспүтэ. Мэктиэтигэр өрө көппөйө эһиллэ, аллара сурулаабыта. Бэдэрдээх Тарҕаан ох сааларын үөһэ анньан, алыкылаан хаһыытаспыттара.
– Тууй-сиэ! Дубук тутуннахпын… – Тарҕаан кыыһырбыттыы силбиэтэнэ, кураанаҕынан силлээн ылбыта.
– Дьэ, сүрдээх… Охторгут иккиэн хатаннылар. Баран, көрдөөн булан аҕалабын дуо?
– Кэбис! Суол таһаарыма. Оннооҕор буолуох ох, оноҕос халлааҥҥа көтөр, сүтэр. Куһаҕан көтөр сыттын, – диэбитинэн Бэдэр ох саатын куонньулугар симэ, Тарҕааҥҥа эргиллибитэ.
– Күрэспитин тохтотуох. Эн ытыыларыҥ туһунан дьоҥҥо бэйэм кэпсиир буолуом, – диэбитинэн Тарҕаан харытын харбаан ылбыта. – Астынным ээ. Оҕум булдун тобулу түһэрин көрбөтөҕүм ырааппыт эбит.
– Чахчы даҕаны эрчимнээх тарбахтаах, кыраҕы харахтаах эр бэрдэ эбиккин. Аатырыаххын аатырбыккын. Маҕалайым туолла… Чэ, бара охсуоҕуҥ. Күн аллара түһүүтэ халтаамаҕа тиийиэхпит. Тордох туруорарга бэлэм дьылҕан мастаах, араан оннулаах буолуо. Онно хонуохпут, – Тарҕаан Туйах сиэтэн аҕалбыт атыгар олоро түһээт, инникилээн, сиэллэрэн сикситэ турбута.
Кинилэр ааспыттара балачча буолбутун кэннэ, ээй уҥуоргу өттүнэн түһэр кыараҕас үрүйэнэн үс табалаах дьон субуруһан тахсан кэлбиттэрэ. Инники киһи уучаҕын тохтотон, хаҥас атаҕын табатын үрдүнэн күөрэччи соҕус быраҕаат, хаарга тура түспүтэ. Дьоно кинини үтүктэрдии атахтара күөрэҥнээт, табаларын сиэтэн, киһилэригэр кэлбиттэрэ.
– Суол хайытааччылар аастахтара. Халтаамалаах сиргэ тохтоору тиэтэйэн истэхтэрэ. Хайыыбыт, кэнникилэри ол тумуска кирийэн, тэһитэ ытыалыырбыт дуу, түүн хоно сыттахтарына кыргабыт дуу? – бэргэһэтин иннэ төгүрүччү түү ньуолахтаах эдэр киһи саҥаран добдугураабыта.
– Ойуун үүс бэргэһэлээҕи кыанаарыҥ диэбитэ дии… Ити тумустан ол киһини сууһарыахха уонна сүтүөххэ… Халтаамалаах