Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 15
Мукучу Хоһуун Чэгди көмөтүнэн сытан баран, араан уота күлүбүрүүр, тыһыргыыр тыаһыттан уута көтөн хаалбыта. Ууламмыт харахтарын ытыһынан сотто, саныыр санаата ити тыастан ситимнэнэн, ыраах көппүтэ.
Бээ, оччолорго табалаах сахаларга сыстыбыт кэмэ этэ. Ол дьоҥҥо кэлэр-барар сирэ баҕана үүтэ буолан уонна быыра ох, кыыл-сүөл аһылыга буолбат туһуттан үөрдүһээри, тимир куйаҕын, сэбин-сэбиргэлин утары ууммутунан тиийбитэ. Сахалыы тыллаах тоҥ биистэрэ үөрэ көрсүбэтэхтэрэ. Тутатына өлөрбөккө, улаханнык дуксуйан, тоҥ оҥкучахха олордон, сорун сордообуттара. Бука, хаан таһаарар сүллүүргэ туттаары хаһааммыттар быһыылааҕа. Өлөр өлүүттэн Түннүбэ ойуун түүлэ дуу, Тыгын Тойон суон сураҕа дуу туора түһэн быыһаабыта. Онно-манна кыттыһыннарбакка, таба көрөөччүнэн сырытыннарбыттара.
Иккис сайыныгар этэ дии… Суоһар сурах түргэнник тарҕаммыта. Ол устан иһэр илиэһэйдэр хааннаах айаннара Бүк Бүлүүнү тилийэ көппүтэ. Уоттаабыт түөлбэлэрин буруота күнү-ыйы бүрүйбүтэ. Биир күн кинилэр түөлбэлэригэр чугас эргиннээҕи тоҥ биис уустар бас-көс дьоно, ойууннара уонна хоһууннара тоҕо ааҥнаан кэлбиттэрэ. Кинилэр ортолоругар соһо сотуулаах уот кыһыл таҥастаах сытыы-хотуу көрүҥнээх эдэр дьон уһулуччу көстөллөрө. Чоҕуһан, кылгас үҥүүлэрин өрүтэ уунаҕалыы алыкылыылларыттан, Мукучу Боотур көрө саллыбыта. Кыргыһы өрө туппут тумат биистэрэ тоҕо сомоҕолоһо кэлбиттэрин таайа сатаабыта. Ити күн айылҕаттан айдарыылаах Түннүбэ ойуун көмөтүнэн бас-көс дьоно быстах кэмҥэ өстөһүүлэрин, иҥсэ мэнэгэй санааларын хам баттаан, илиэһэйдэри бииргэ бултуурга сүбэ туппуттар этэ. Куттал… Куттал барыларын иилии эргийбитэ. Киэһэтин Түннүбэ ойуун, атын биис уустарын ойууннарынан кутуруктанан, улахан иһитин тыаһаппыта. Бөдөҥ таммахтар хаппыт тириигэ түһэн эрэллэринии, дүҥүрдэр биир кэм тобугураспыттара. Улам силбэһэн, курулаччы түһэр ардах тыаһыгар кубулуйбута. Курулас, битигирэс тыас быыһынан Түннүбэ ойуун иһитэ этиҥ этэринии лүһүгүрээн ылбахтыыра. Дүҥүр тыаһа ыраахха диэри эҥсэн, наллаан уста сытар Бүк Бүлүү урсунугар олорсон, ой дуораана арыалдьыттанан устарга дылыта. Түннүбэ ойуун Аар айылҕаттан көрдөһөн-ааттаһан, аал уотун айах туппута, сиэл быраҕан, сыт-сымар таһаарбыта. Күн кытара киириитэ, тыас-уус ньим барбыта. Кыһыл соһо сонноох хоһууннар, куйарханы түҥнэри көтөн, хаан таһааран, сүллүүр оҥорбуттара. Итии хааны ытыстарынан сомсон иһэ, сирэйдэрин бистэ бэдьэҥэлии, үҥүүлэрин, охторун хааннаабыттара. Онно этэ дии, Мукучу Боотуру тургутан көрөөрү, иилии эргийэн, үөгүлэһэ-үөгүлэһэ үҥүүнэн өтөрү түһүөлээбиттэрэ. Эккирэтэ сылдьан далла мэндэйэн, сиирэ-халты ытыалаан, ууга-уокка түһэрбиттэрэ. Алдьархай тахсыаҕын эмиэ Түннүбэ ойуун тохтоппута. Тургутууну, холоон көрүүнү ааспыт боотуру, хоһууннар оонньууларыгар киллэрбиттэрэ.