Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 16

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

өрө уйдараары гыммыттыы даллаахтаннаҕына, икки өттүнэн көмүс мөһүүрэ уу кылабачыйа саккырыыра. Эмиэ даҕаны модун, кэтит түөһүнэн эрэһэ долгуннары хайа тыыран, күөгэҥнии устан ньолбойоро. Чугаһаатаҕын аайы, атын күтүр багдайан испитэ. Сытыы кынаттара эрдии салбаҕар кубулуйан, үөһэ-аллара күөрэҥнээбиттэрэ. Эмискэ сөрүүн тыал балаһалана үрэн барбыта. Эбэ иэнин кыра балык хатырыгыныы кылабачыта оонньоппута. Тыал күүһүрэн сирилэччи үрбүтүгэр, эрэһэ долгуннар араастаан бүгүллэхтэнэ, таас хайа эркиннэрин тыастаахтык биллиргэтэн барбыттара. Ыраах көстөр таас хайа чомоҕойун кэнниттэн, аалы эккирэтэрдии, хара былыт оҕото өрө сүүрэн тахсыбыта. Ону даҕаспытынан, хайалар арҕастарыттан күдээрин оргуйбута. Эбэ долгуннара бааллана охсон, үрүҥ күүгэнинэн ыһыахтана, үллэн-баллан барбыттара. Эрдии элэҥниирэ күүһүрэн, тыы тумса таас кытыл диэки хайыһан, долгуннар быыстарынан тимирэ-тимирэ күөрэҥнээбитэ. Былыт оҕото тэнийэн, күөх халлааны, күнү бүөлээн, борук-сорук бүрүүкээбитэ. Бөдөҥ таммахтарынан табыгыратан иһэн, курулаччы кутан сирилэппитэ. Чаҕылҕанынан курбуулаан, этиҥинэн сатараан, мас аалы күөрчэхтии эргитэн, өрүс ортотугар киллэрэн, өрүтэ эһитэлээбитэ. Эмискэ сытыы чаҕылҕан ытыллыбыт охтуу аллара курбууламмыта. Ону даҕаспытынан сүҥкэн тыас дэлби ыстаммыта. Аал ортотунан, тирбэҕэни быһа тарпыттыы, икки аҥыы өрө ыһыллаат, умайан күлүбүрүү, күөрэ-лаҥкы барбыта. Тыал күүһүрэн, өрүс уута өрө ытыллан тахсыбыта. Тыас-уус сирилээн, кытыл кумаҕа, чэй тааһа, буора өрө көтө бүрүүкээбитэ, лабаалара буралла иэҕэспит мастар булгурута баран барчаламмыттара. Сата турбута… Өтөр буолбатаҕа, этиҥ тыаһа лүһүгүрүү, лачыгырыы, өрүс устун бара турбута. Ардах сэллээн, бөдөҥ таммахтарынан ыһыахтана, этиҥи батыһа куугунуу турбута. Сата быстах тыала сабыта балаһалана симэлийбитэ. Күн чаҕылыччы тыган, чэбдик салгын сайа охсубута. Эбэ будулуйбут уута, сибилигин мэҥиэстибит аалын мэлдьэһэрдии, туох даҕаны буолбатаҕыныы налыйбыта. Арай тимирбэт бытархай мал-сал, мас тобохторо куотан эрэрдии, онон-манан элэгэлдьиһэ устубуттара…

      Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн Мукучу Хоһуун Туоҕа Боотуру ыҥыртарбыта. Киһи элбээбититтэн эбитэ дуу, кэриэс-хомуруос тылын тиэрпититтэн эбитэ дуу, быдан сэргэхсийбит көрүҥнээҕэ. Оронун сыҥаһатыгар өйөнөн көрсүбүтэ.

      – Тиһэх күн-түүн ыктаҕын аайы, билэрбин дьоммор-сэргэбэр тиэрдиэхпин, сэрэтиэхпин баҕарарым үксээтэ ээ, – Мукучу Хоһуун күлбүтэ буолла. – Бу сытаммын олорбут олохпун олус чуолкайдык өйдөөн, харахпар көрөн ылабын. Дьэ, дьикти. Киһи өлөөрү гыннаҕына итинник буолара дуу… Омук киһитин көрсүбүтүм туһунан иэгэйэр икки атахтаахха быктара иликпин. Бэл, Лүксүрээн кырдьаҕаска ханарытан, атыннык кэпсээбитим, – Мукучу Хоһуун оччотооҕу сырыыларын саныы иһийэн ылбыта. Онтон, ким эрэ истиэ диэбиттии, сибигинэйэ соҕус кэпсээн барбыта:

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «ЛитРес».

      Прочитайте

Скачать книгу