Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 13
– Мукучу Хоһуун, ас куотуо суоҕа, бастаан сэһэргэһиэх, – Туоҕа Боотур Чэгди аҕалбыт түү олбохтоох талах олоппоһун ылан, Мукучу Хоһууҥҥа чугаһыы, олорунан кэбиспитэ.
– Чэ, оннуга ордук буолара дуу… Бу кыайар уһуннук олордоро биллибэт. Чэгди, хара дьиэҕэ тахсыҥ. Үҥкүрү, Кэмпэрэни ыҥыртаар. Киирдиннэр. Манабылларга эт, кими даҕаны киллэрбэтиннэр, – Мукучу Хоһуун күөмэйин муҥунан хаахынаат, устунан сөтөллөн барбыта. – Көр бу… Бэл, айаарар кыах суох… Оо, киһи муҥур үйэтэ кылгаһын. Уолаттарбын, кынаттарбын, көрө илигиҥ буолуо… – диэмэхтии, тыын ылардыы эппэҥнээбитэ.
Этэрбэстэр сырдырҕаһан, халҕан сэрэнэн лабырҕаан ылаат, суугун-сааҕын тыастар симэлийбиттэрэ. Балаҕан иһэ иһийэн, курус, тымныы салгынынан аҥылыйбыта.
– Өлөр өлүүттэн куоппут суох… Күнүм-ыйым бэлиэтэммит бадахтаах, – Мукучу Хоһуун өлбөөдүйбүт харахтарын быһа симпитэ, – ыҥырыыбын быһа гыммакка кэлбиккэр үөрдүм. Күүттүм ээ… – амньыйбыт уоһун тылынан сиигирдэ сууралаабыта. – Күн сырдыга баҕалаах эбит… Чэ, аны кэлэн… Эһиги туох-хайдах олордугут?
– Кыһыны этэҥҥэ туораан эрэбит. Сүөһү, сылгы туруох үтүөкэннээх дойдуга кэлбиппит. Күөххэ үктэннэхпитинэ, оппутун-маспытын кыайдахпытына, Тыгын Тойонтон сүөһү, сылгы үүрэн аҕалар киһи… Биэриэх буолбута уонна биир эмэ аҕа ууһа кэлистэр үчүгэй буолуо этэ. Оччотооҕу билиэ.
– Сөпкө торумнаммыккын. Элбээтэххитинэ сатанар. Бу дойдулар эһиги манабылгытыгар бигэтик киирдэллэр бэрт этэ. Тыгын Тойон санаата туолуо, үөрүө. Маннык мааны сирдэнэр-уоттанар, туһугар, дьол буоллаҕа… – Мукучу Хоһуун хапсыйбыт омурдун үлүннэрэ, уоһун ибигирэтэ салгыны үрбэхтээбитэ. – Түөлбэ хоһуунунан Тарҕаан хаалыа… Уолум Үҥкүр уора, бардама, кырыга бэрт. Кыралары, кыамматтары кыайталыа… Суох буоллахпына манна тохтообот, баһа батарынан барыа. Тыына-быара хаайтара сылдьар. Туох хантан кэлэрин билбэт, кыргыһы өрө тутар… Кыра уолум Кэмпэрэм аһары сымнаҕас, хоһууннары кыайан тутуо, дьаһайыа суоҕа. Оо, Ньылам, Ньылам манна баара буоллар, кини баһылыа-көһүлүө этэ. Ньылам оһоҕостоммут этэ. Күтүөт оҕо иннинэн буолан кэлэрин саарбахтыыбын… Дьоҕойон ыҥыртарбытым… Сиэммин көрбөт, аппар мэҥэһиннэрэн, сирбин-уоппун көрдөрбөт быстах дьылҕалаах эбиппин, – Мукучу Хоһуун үөһэ тыына, бычалыйан тахсыбыт харахтарын уутун ытыһын таһынан соттубута.
– Тарҕаан?! – Туоҕа Боотур саҥа аллайбыта. Эмискэ халҕан тэлэллэ түспүтэ, бөдөҥ-садаҥ, бөҕө-таҕа таһаалаах, таба сонноох киһи тыастаахтык баадаҕаччыйан киирбитэ. Туоҕа Боотуру тургутардыы көрө, Мукучу Хоһуун сытар сыҥаһатын атаҕар быар кууста турунан кэбиспитэ. Кинини тилэх баттаһа, халҕаны сэрэнэн саба, ортону үрдүнэн уҥуохтаах уолан киһи тыаһа-ууһа суох киирэн кэлбитэ. Туоҕа Боотуру көрөн,