Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 9
Кэлэн иһэн көрдөххүт, турайман сири. Ити уҥуоргу өттүнэн мырааннар быыстарыгар налыы сирдээх. Онно түөлбэлээн кыстыыллар быһыылаах. Амака Хоһуун Улахан Эбэттэн киирбит туматтартан куотан, өрүһү туораары сырыттахтарына, ол туматтар буулааннар, кыл мүччү туораабыттар этэ. Арба даҕаны… Туоҕа Боотур, манан бараарыҥ диэн ким ыйбытай?
– Илдьити тиэрпит Аташкаан… Атын сиринэн ыыппыт дуо?
– Ээ, туматтары көспүттэр дии санаабыт, ол аата. Сир быта кырдьаҕас сыыстарбыт дуу… Тоҕус Боотурдаах олохсуйбут сирдэринэн, иниҥ Кырамай түөлбэтинэн Эбэҕэ түһүллүөхтээҕэ. Айана ыраах эрээри, эрэллээх сырыы буолуохтааҕа.
– Оо, ол иһин даҕаны, иним Кырамай түүлбэр киирэ сылдьыбыт эбит дии. Тугу эрэ этиэхчэ эппэккэ, ааһа турбута… Хата, бэркэ санаттыҥ. Кырамайынан илдьит ыытыахха буоллаҕа. Иним түүлүнэн даҕаны сирдэтэн, ол дьону булуо. Бэрт, бэрт, – диэбитинэн Туоҕа Боотур араан иннигэр олох маска олоро түспүтэ. – Маннык гыныахпыт. Мин Тарҕаанныын Мукучу Хоһууну көрсө үргүлдьү ааһыам. Эһиги түөлбэҕитигэр төннөҕүт. Бэдэрдээх Бэлэс дьону уоскутаарыҥ. Лэбиэрийэ Бөҕө Туйаҕы арыаллаан, түөлбэҕитигэр хоноот, Кырамайдаахха бараарыҥ. Туйах сылдьыбыт сирэ, сирдээн тиэрдиэ. Аара Тоҕус Боотурдааҕы билсиэххит.
– Мин Туоҕа Боотуртан харыс даҕаны сири тэйиэ суохтаах этим. Тарҕаан Хоһуун ону иһит… Бэлиэ диэ, Бэлэс Боотур даҕаны Тыгын Тойон охсууларын көрдө ини? Көмөлөөн оҥорор инибит. Чэ, Бэлэс Боотур, тахсан ала бэлиэтэ хаалларыах, – диэбитинэн Лэбиэрийэ Бөҕө таҥнан тахсан барбыта. Кэнниттэн Бэлэс Боотур быһаҕын биитин тойон эрбэҕинэн бигии батыспыта.
– Кырамайдаахтан ол табалаах сахалар тохтоон ааһар сирдэрэ оннук ырааҕа суох буолуохтаах, сэрэйдэхпинэ. Ол аата маннааҕы туматтар көспөтөхтөр. Туох эрэ соруктаах буолан суксурустахтара… Бээрэ, бу эргин баар ойуун туһунан Аташкаан тугу даҕаны кэпсээбэтэҕэ дуо? – Тарҕаан боотурдары кэриччи көрөн ылбыта.
– Суох. Көрсүһүүбүт даҕаны кэмчи этэ, бэйэбит даҕаны ону-маны ыаһыйаласпатахпыт. Чэ, сып-сап хомунуоҕуҥ. Туйах, аара үссэнэр гына, элбэх эттэ буһар.
Намтаабыт, сымнаабыт хаары тоҕута бидилитэн, алта аттаах киһи бэстэр быыстарынан сиэллэрэн сикситэн иһэннэр, тохтуу түспүттэрэ. Аттарыттан түспэккэ, туора-маары хаамтара хаарга тобулута үктэтэн, ааспыт суоллары кыҥастаспыттара.
– Соторутааҕыта табалаах дьон ааспыттар, үһүөлэр, – Бэдэр Боотур суолу тэбиһиннэрбэккэ кытыытынан хаамтаран иһэн, атын хантаччы тардан тохтообута. – Уҥуортан кэллэхтэрэ дуу… – диэмэхтии, уҥуор лаппаһан көстөр хайалаах кытылы одууласпыта.
– Баччаларга туох буолбут дьон тэлэһийдэхтэрэй? Уҥуор дьон тохтуох,