Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 7
– Күнүстэри-түүннэри айаннаабыттар быһыылаах. Ирэ түһэн баран кэпсииллэр ини, – Туоҕа Боотур атахтарын тэбэнэ, холомо аанын тиэрэ аспыта.
– Мукучу Хоһуун өлөр охтуутугар оҕутта, илиигэ киирдэ… – диэн Тарҕаан титириирин туттуна сатыы дьабыгырыы, икки илиитинэн күөйэ туппут, чараас чаанынан бурҕачыйар муос чохоону тииһигэр лыбыгырата, ыйыммахтыы сатыы олордо.
– Тарҕаан, киһи өйдүүр гына омолуй эрэ. Туох алдьархайа буолла? – Туоҕа Боотур үчүгэйдик истээри чугаһаан кэллэ.
– Мукучу Хоһуун эйигин ыҥыртарар: «Кэлэ оҕустун… этэрдээхпин», – диэбитэ. Эһигини куоттаран, кэми сүүйээри, ыһыытатан тохтотоору бу Бэлэс Боотурдуун эккирэппиппит. Хата, ситтибит ээ… Иэдээн! Мукучу Хоһуун оҕутта! Атыттан бырахтарбыта төрүөт буолла быһыылаах… Тэдэн, суорҕан киһитэ буолан хаалбыта. Саҥатын бэрт эрэйинэн, сэрэйэн истэҕин. Барбаҕа баар… – Тарҕаан аа-дьуо туран кэллэ. Чохоонун Туйахха куду анньа, титириирин кыатана сатаан, уостара ньимийэн, сыҥааҕа ханньары барда. Уһун бэйэтэ нөрүйэн иһэн, атахтара уйбакка, тобуктуу түстэ.
– Туоҕа Боотур, айаныҥ санаатын уларыт… Хоһууммут тылын ытыгылаа… Биһиги инники дьылҕабыт эйигиттэн тутулуктанар кэмэ-кэрдииһэ кэллэ бадахтаах… Тыыннааҕын баттаһарбыт буоллар… – Тарҕаан титирэстиир куолаһын тохтото сатыырдыы, өрүтэ уһуутаталаан ылла.
– Тур, тур… Тыынна ыла түс. Аар айылҕаҕытыгар махтаныҥ! Илиигитин, атаххытын үлүппэтэххитигэр. Хайдах маннык бэлэмэ суох ыраах айаҥҥа туруммуккутуй? Бэйэҕит даҕаны, аттаргыт да бырдылара быстыбыт… – Туоҕа Боотур Тарҕааны икки санныттан өрө тардан, турарыгар көмөлөстө. – Мукучу Хоһуун ол хайдах атыттан бырахтарбытай? Дьикти эбит. Аты мииммитинэн төрөөбүт киһи буоллаҕа…
– Бэйэтэ даҕаны өйдөөбөт. Миинэн иһэн, өйүн сүтэрбит быһыылаах… Ата туохтан сиргэммитэ буолла, бырдааттаммытыгар сууллан түспүт. Улаханнык эчэйиэҕин, хаар абыраабыт, – Тарҕаан сылайан, утуктаан, олорбут сиригэр тоҥхоҥноон барбыта.
– Маны истээрибин көхсүм хараҕа тардыалаан сордообут… Тугу эрэ кэтэһиннэрэллэр дуу диэх курдук санаа охсуллан ааспыта. Сааскы тыалга-кууска балыйбытым. Мукучу Хоһуунтан илдьит кэлиэ эрэ дии санаабатаҕым… Тыйыс Кыйаар дойдута мээнэҕэ хаалларбатах киһитэ буоллаҕа. Хонноҕор-быттыгар хоннорбут, эрэйи-муҥу муннунан тыыртаран, киил мастыы сириэдиппит Хоһуунун үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр курдук симэлитиэ суоҕа…
Бүгүн тохтуоҕуҥ. Бу туруккутунан айанныыр кыаххыт суох. Аттар даҕаны сынньанныннар. Хайдах-туох буоларбытын сарсын торумнаһыахпыт. Туйах, таһырдьа кулуһунна отун. Батан хонуохпут суоҕа, ураһаны туруор, аттары дьаһай. Бэдэр Боотур, сырдыгы баттаһа, суолу-ииһи көр-иһит. Лэбиэрийэ Бөҕө, кэлбит сирбитин чуҥнаа, – Туоҕа Боотур харытын куйахтарын ньылбырыта тардан, сыҥаһаҕа элитэлээтэ. Таҥалай куйаҕын тиһиликтэрин сүөртэлээн,