Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

ылбакка, этэ-сиинэ ыараан барбыта. Биир түгэҥҥэ, ыараабыт куобах суорҕанын силэйээт, олоро түспүтэ. Баттаппытын билэн, өрө уһуутуу олорон, илэ-чахчы оҕус айаатыырын истэ биэрбитэ. «Бу алдьархайы! Чахчы эбит! Ыла кэллэхтэрэ…» – диэн саныы, онто даҕаны суох сэлибирээбит сүрэҕэ өрө түллэҥэлээбитэ. Тыына кылгаан, өрө бөтүөхтээбитэ. Тэдэнигэр, суорҕаныгар көлөттөн кыайан турбакка, иһинэн сыылаҥхайдаан араанын иннигэр тиийэн, умса түспүтэ. Салыбырас илиитинэн, итиини билиммэккэ, уккунньаҕын хамсата сатаабыта. Бэлэмнээбит туоһугар, чыыппааныгар илиитэ тиийбэккэ, мас сыыһын сабардаан ылан, үрдүгэр куппута. Аҕылаан мэҥийэ, кылгас-кылгастык үрбэхтээбитэ. Ол аайы уот харахтар кытарымтыйан ыла өһөн, күлүнэн өҕүрүйэ чараас буруонан унаарбыта. Хаан Илбис үнүөхтээн иһэн, араанын буор модьоҕотугар умса баран түһэн, күлү бурҕаппыта…

      Мыраан лаппаҕар арҕаһынан тоҥ хаары батарыта үктэтэ курдурҕатан, ыҥыырдарыгар бөкчөччү түспүт икки киһи, суһуктуйан эрэр халлаан биитигэр иҥнэл-таҥнал хараарыҥнаспыттара. Мастарга күлүктэтэн симэлийэ сүтүүлэрэ, уучаҕар таба сэтиилээх, көхсүгэр нимчикаалаах киһи талах мастар быыстарынан барыгылдьыйан тахсыбыта. Табалара күрдүргэччи тыыналларын тохтото сатыырдыы, үҥүүтүн хаарга батары анньа эрилиҥнэтэн иһэн, аҥаар атаҕа табатын муоһун таарыйыахча күдээрээт, сиргэ тура түспүтэ. Үргүлдьү бэргэһэтин кэннигэр силэйэн, тыас иһиллээн хантаарыҥнаабыта. Аттар бидилитэн ааспыт суолларын кыҥастаһа, төттөрү-таары бөкчөҥөлөөбүтэ. Тыас иһиллээн турбахтаат, уучаҕын сиэппитинэн, аллара түспүтүнэн барбыта. Хараарыҥныыр мастары кытта бииргэлэһэн, күөл быллаарыгар иирбэ-таарба талаҕынан саба барыйтарбыт буор сыбахтаах ураһаҕа чуо тиийбитэ. Уучаҕын быатын талахха иилэ быраҕаат, тэбэнэ-сахсына ураһа халыҥ дьиэлин силэйэн, тордоххо көтөн түспүтэ. Тордох иһэ хараҥатыттан дьиэли көхсүнэн анньыалыы, тыас иһиллээн, тыынын тутан турбахтаабыта. «Араана умуллубут, утуйдаҕа тоҕо кытаанаҕай», – диэн ботугуруу, Хаан Илбис сытар сирин диэки атаҕын иминэн хааман иһэн: «Хаан Илбис, Хаан Илбис, мин кэллим…» – дии-дии тобуктуу түһэн, илиитинэн тоҥ тэдэни таарыйаат, ойон турбута. Тоҥмут киһилии титирээн ылаат, таһырдьа ойбута. Табалара соһуйан муҥунан көрө, сытырҕаан сурдурҕаспыттара. Киһи суолу-ииһи кыҥастаһан, төттөрү-таары хаамыталыы, дьиэлгэ чугаһыы-чугаһыы, төттөрү чугуруҥнаабыта. Өй ылбыттыы, хаарга батары аспыт үҥүүтүн туура тардан, ыарахан дьиэли өрө анньан, өйүү аспыта. Сырдыгы киллэрэ сатыырдыы туора халбарыйа, ураһа иһин өҥөйбөхтөөбүтэ. Иһийэн турбахтаат, иһирдьэ атыллаабыта. Күөдэл-таһаа буолбут тоҥ тириилэри илиитин иминэн туппахтыы сылдьан, Хаан Илбис кэтэҕин уһун суһуоҕуттан харбаат, кутталыттан ыһыктан, чинэйэ түспүтэ. Дьиэгэнийэн өрө эккирии турдаҕына, ыҥыранар саҥа иһиллибитэ. Киһи онтон өйдөммүттүү, тобуктуу түһэн туппахтаан, умса сытар ойууну тиэрэ эргиппитэ. «Тыый, тыый, иэдээн…» – диэмэхтии, түөһүгэр кулгааҕын даҕайа сөҥмүтэ. Ойон туран Хаан Илбиһи икки хонноҕун анныттан ылан, тэдэнигэр соһон илдьэн

Скачать книгу