Өлбөт үөстэниэҕиҥ. Иннокентий Колосов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Өлбөт үөстэниэҕиҥ - Иннокентий Колосов страница 13
– Оннук, оннук! Хабырыыс, сөрү-сөпкө этэҕин! – дии оҕуста. – Хара маҥнайгыттан кыыһыран барыма, доҕоор! Биһиги, эмиэ, норуот туһугар, бар дьон туһугар кыһаллабыт ээ…
– Ол кыһалларгытыгар аҥаар кырыытыттан, үүнэ-тэһиинэ суох халаан-талаан, арыый сэниэ-баай уонна көрөн-харайан олорор дьону изоляциялаан, хаайан, ытан бараҕыт дуо!? Кыһалларгытыгар урут ускул-тэскил сылдьан хаһаайыстыба, сүөһү-ас тэринии диэни билбэтэхтэр иҥсэлэрин-ымсыыларын көбүтэн, нэһилиэнньэ олоҕун-уйгутун сатарытаҕыт дуо!?
– Халаан-талаан диэн, бука, продразверстканы, Поволжье хоргуйбут нэһилиэнньэтигэр көмөлөһүүнү этэн эрдэҕиҥ… Соҕуруу уһун сылларга сэрии буолбутун түмүгэр манна атыыга-тутууга туох да кэлбэт. Билигин куораттар нэһилиэнньэлэрэ аһа-таҥаһа суох. Атастаһарыгар эмиэ туга да суох. Ону миигиннээҕэр ордук билэҕин. Хайдаҕын да иһин дьону аһатыахха наада. Оттон Поволжье иэдээнин эмиэ миигиттэн итэҕэһэ суох билэҕин. Бары биир Арассыыйаҕа олоробут…
– Ол Поволжьеҕа диэн хомуйар кырбаһынан эккит, тууйаһынан арыыгыт, бука, тиийбэккэ, Дьокуускай иһигэр хааларын ким өйдөөбөтүй!? Тоҕо сымыйалыыгыт – барытын мэлдьэһэҕит!? Биһигини тугу да билбэт-өйдөөбөт кыра оҕолор курдук саныыгыт дуо!? – Баишев хат оргуйан истэҕинэ, Петров эмиэ намыратардыы саҥарда:
– Хабырыыс, уоскуй! Биллэн турар, биһиги өттүбүтүттэн биирдиилээн наһаа түһүү, дьаһалы токурутуу, ымсыы-нэгэй быһыы, дьону атаҕастааһын тахсыбытын мэлдьэспэппин. Ол да буоллар, биһигини барыбытын биир тарааҕынан тараама… Төһө да биир салалталаах буолларбыт биһиги ортобутугар араас барыта баар буоллаҕа… Ону көннөрөргө уонна ыраастыырга бириэмэ уонна кыах наада. Ханна да барыахпыт суоҕа – барытын көннөрүөхпүт! Мин итини өйдөөбүтүм ыраатта да, билиҥҥи туругунан, кыаҕым суох – тиийбэт!..
– Оннугун оннук да, эһиги наһаалаатыгыт… Эһиги – чыкаалар! Былыргы Уордаах Уйбаан ыраахтааҕы опричниктарыттан туох атыннааххытый?!.. Эн биһикки ааҕыстахпытына бүгүн бүтүөхпүт суоҕа! Ол иһин бу курдук гыныахха: Эһиги Мархаҕа элбэх дьону солуок тутан, концентрационнай лааҕырга хаайан олороҕут. Бастаанньаҕа холбоспут уонна бастаанньыстары үчүгэйдик саныыр дьон ойохторун, оҕолорун уонна аймахтарын – туох да буруйа суох дьахталлары, оҕолору уонна кырдьаҕастары! Кинилэри урукку сыылынай бэһиэччиктэри чыкаа охсор-тэбэр илиитэ-атаҕа оҥостон харабыллатаҕыт уонна атаҕастатаҕыт! Биһиги элбэҕи истэбит – эһиги хас хаамыыгытын, тугу гынаргытын кыраҕытык кэтиибит! Сураҕа, быһайын Илин Эҥээр улуустарынан сылдьан, дьону-сэргэни сордообут, сүгүннээбэтэх Борун уонна Глыгало диэн ыраахтааҕы саҕанааҕы көскө кэлбит бэһиэччиктэринэн солуок ылан олорор дьоҥҥутун атаҕастатар үһүгүт! Бу