Өлбөт үөстэниэҕиҥ. Иннокентий Колосов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Өлбөт үөстэниэҕиҥ - Иннокентий Колосов страница 11
1922 с. тохсунньу ортотугар кыһыл командование Феодосий Митрофанович Сыроватскай диэн хамандыырдаах, 21 байыастаах, биир илии пулеметтаах дьоҕус этэрээти Амма туһаайыытынан ыыппыта.61 Бу этэрээт Амматтан утары кэлиэхтээх этэрээти кытта холбоһон, Майа-Амма аартыгын «ыраастыыр уонна эрэспиэскэлиир» сорудахтааҕа. Маннык сыал-сорук хайдах да туолар кыаҕа суоҕа. Этэрээт дьоно да ону өйдүүллэрэ.
Этэрээт Майаҕа кэлэн хас да хоммута. Хамандыыр уонна байыастар бары бииргэ суулаһан сылдьаллара. Олохтоохтор кинилэргэ аһаҕастык тугу да кэпсээбэтэхтэрэ. Ол түмүгэр этэрээт дьоно үрүҥнэри ыраах баалларын курдук өйдөөбүттэрэ. Дьиҥэр, үрүҥнэр олох чугас сылдьан, кинилэр хас хардыыларын ааҕа, кэтии сылдьыбыттара.
Кыһыл этэрээтэ сарсыарда туран, бииргэ сууласпытынан, илин диэки аттаммыттара. Майаҕа ким да хаалбатаҕа. Инники 5 байыаһы чуҥнуур курдук ыыппыттара. Бары ыҥыыр аттаах этилэр. Сүрүн этэрээт лаппа хаалан испитэ.
Инники испит 5 байыас Хатыҥ Үрэх диэн сиргэ тоһуурга түбэспиттэрэ. Үс киһилэрэ үрүҥнэр күргүөмүнэн ытыыларыттан аттыын, бэйэлиин өлөн түспүттэрэ. Соҕотох Михаил Грузных эрэ дьонугар тыыннаах төннөн кэлэн тоһууру эппитэ.
Биир байыас тоһууру ааһаат, ата буулдьаҕа табыллан, охтон түспүтэ. Сатыы хаалбыт киһи суолунан арҕаа төннөр кыаҕын былдьатан, иннин хоту – илин диэки сүүрэ турбута. Кэнниттэн үс бастаанньыс эккирэппиттэрэ. Эккирэтээччилэр кинини кэнниттэн ытыалаатахтарын аайы хардары ыта-ыта сүүрэн испитэ. Сотору ботуруона бүппүтэ. Эккирэтээччилэр Бэрдьигэс Күрүө диэн сиргэ кэлиитэ ситэн ылбыттара. Чугаһаан баран ытаары кэккэлээн истэхтэринэ, кыһыл байыас ыксаан: «Маама!» – диэн саҥа аллайбыта. Өйүгэр кылгас олоҕун урут уонна соторутааҕыта ааспыт бэлиэ түгэннэрэ түмүллэн, хараҕар бу баардыы элэҥнэспиттэрэ. Кини хомсомуол этэ. Үс хонуктааҕыта Дьокуускайтан манна кэлэллэригэр бары сүрдээх бэһиэлэй, омуннаах да этилэр. Арай, таптыыр кыыһа Муся эрэ, сүрэҕэ тугу эрэ таайбыт курдук, хараҕа ууланан, сайыһа хаалаахтаабыта.
Бу иһэр үс үрүҥнэр кинини аһыныах сирэйдээх-харахтаах дьон буолбатахтара тутталларыттан-хапталларыттан да көстөр. Өйүгэр, аны былырыын кыһын олунньуга чэкиистэр «арыйбыт» «Олунньутааҕы саагыбардарын» дьонун ытыалаан өлөрүүгэ кытыннарбыттара көстөн кэллэ. Оо, оччолорго кинилэр тугу да өйдүүырыҥалыы сатаабат, улахаҥҥа уурбат да эбиттэр!
Ытар дьоннорун, онно, ытыалыахтарын иннинэ, трибунал комендана уонна бэйэлэрин хамандыырдара: «Бу контрреволюционердар, саагыбарсыктар сир үрдүттэн сиппийиллиэх тустаахтар! Кинилэри аһынар наадата суох! Бирикээһи халбаҥнааһына суох толоруохтааххыт!» – диэн ыҕарыйа былаан эппиттэрэ. Ытыллааччылар сирэйдэрэ-харахтара күлүгүрбүтүөн! Сүрдэрэ-куттара тостубутуон! Арай Николай Желобцов диэн үрдүк