Өлбөт үөстэниэҕиҥ. Иннокентий Колосов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Өлбөт үөстэниэҕиҥ - Иннокентий Колосов страница 10
Бэл, саа тыаһа түүҥҥү чуумпуну уйгуурдара. Сарсыарда иһиллибитинэн, милииссийэ хонтуоратыгар элбэх дьону тутан аҕалбыттара иһиллэрэ: киһи ыалдьан суһал көмөҕө эмчити ыҥыра сылдьан түбэһээччи, кистээн көссүүлэһэр пааралар, бэл, суһал наадатыгар нууһунньук, эбэтэр олбуор муннугун-ханныгын көрдүү сылдьааччы түбэспит буолаллара. Биирдэ, бэл, түүҥҥү патруль «Стой! Куда идешь!» хаһыытын «истиэн баҕарбатах», төрүөҕүттэн таас дьүлэй киһини ытан кэбиспиттэрэ иһиллибитэ.58 Ол гынан баран, олохтоохтор, ханныгын да иһин, сыыйа, комендантскай чаас иннинэ дьыалаларын-куолуларын бүтэрэргэ-оһорорго үөрэнэн барбыттара.
Куорат иһигэр мас-муус тиэйэн аһыыр-таҥнар элбэх дьон баар буолан, тэрилтэлэр уонна чааһынай да ыаллар «бур-бур» буруо таһааран олороллоро.
Быйыл күһүн, куорат иһигэр көһөн киирэн, үлэлээн аһаан-таҥнан олорор икки атастыылар – эдэр дьон, куорат байыаннай хамаандатын хаһаарыматыгар саһаан мас тиэйэн истилэр. Олбуор ааныгар кэлиилэригэр «Интернационалы» ыллаабытынан сулустаах хороох бэргэһэлээх, синьиэллээх, обумуоткалаах бачыыҥкалаах красноармеецтар этэрээттэрэ кэккэнэн тахсан кэллилэр:
«…Вставай, проклятьем заклейменный
Весь мир голодных и рабов!..
Кипит наш разум возмущенный
И в смертный бой вести готов!..»
Атастыылар сыарҕалаах аттарын кытта туоруу охсон биэрдилэр уонна соттор, хатыҥ миинньик тутуурдаах красноармеецтары көрөн турдулар:
– Арааһа, баанньыкка сууна бардылар!
– Ээ, дьэ, энэлийэн түһэн, ырыа да бөҕө, доҕоор! Атын ырыа суох муҥа дуу?!..
– Саҥарба! Тылгын кыана тутун! Аны, тылгыттан хаптара сылдьаайаҕын! Ити бассабыыктар саамай таптыыр ырыалара! Оройдоттуҥ дуо!?59
Ити ыккардыгар этэрээт уулусса эргииригэр киирдэ. Сотору атын ырыаны ыллыыллара иһилиннэ:
«… Смело мы в бой пойдем?
За власть Советов!
И как один умрем!
В борьбе за это!..»
– Дьэ, бу олох атын ырыа! Сэрии дьоно ыллыахтарыгар, чахчы сөптөөх ырыа!
– Сэриигэ киирэн, харса суох кыргыһан охтуохтаах дьон ырыалара!
– Чахчыта, оннук быһыылаах!
– Ити саллааттар – эдэр нуучча уолаттара, араас да сирдэртэн биһиги тымныы дойдубутугар сулууспалыы, сэриилэһэ да кэллэхтэрэ. Көрөҕүн дии – бу хаарга бачыыҥканан, обумуотканан сылдьаллар! Бука, бары да, ымсыыран-баҕаран туран кэлбэтэхтэрэ чахчы!..
Куорат олохтоохторо бу күннэргэ кыһыл саллааттар стройунан иһэн ыллыыр ырыаларын элбэхтик истэллэрэ. Кыһыл саллааттар ыллыыр ырыалара бары өрөбөлүүссүйэ ырыалара: «Варшавянка», «Смело, товарищи, в ногу!», «Интернационал», «Смело в бой пойдем!..» уо.д.а. Саха эдэр ыччата бу ырыалары нойосуус билэргэ кыһанара, тэҥҥэ ыллаһара. Эдэр ыччат бу сылларга урукку куорат олохтоохторун