Сырдык курус. А. К. Никифорова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сырдык курус - А. К. Никифорова страница 12

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сырдык курус - А. К. Никифорова

Скачать книгу

Коммунистическай тутулга тиийиэхпит. Ол киһи аймах муҥутуур сайдыыта буолуоҕа. Кини Сэбиэскэй Сойууска төрөөбүтэ – дьоло!

      Бу курдук эргитэ саныы иһэн, Аайа Лераны көрсө түстэ. Омос көрөөт, баар-суох дьүөгэтин билбэтэ даҕаны. Кып-кылгас, быакаҕар джинсы дьууппалаах, кустук бары өҥүнэн оонньуур «разлетайка» куопталаах, ап-араҕас улахан пластмасс ытарҕалаах, араҕас улахан оҕуруолаах, эмиэ оннук дьүһүннээх платформа босоножкалаах, хараҕын харса суох халлаан күөх кыраасканан бистибит, халыҥ толлоҕор уоһун кып-кыһылынан помадаламмыт – букатын муода сурунаалыттан түспүт кыыс турар.

      – Хайа, Аайа, киһини көрбөккө ааһа сыстыҥ дии! Биһиги Ванялыын киинэттэн иһэбит. Тоска баҕайы киинэ дии? – Лера, атаах оҕо курдук уоһун толлоччу туттан, куустуһан турар уолуттан ыйытар.

      – Мин киинэни эрэ өйдөөн көрбөтүм, – дыраҕар сарыннаах, сахаҕа көстүүлээх уол күлэн ымах гынар.

      – Бүт эрэ! Коммунистка дьүөгэм өйдүө суоҕа, – Лера солуута суох күлэн ылла. – Аайа, бачча киэһэ тоҕо соҕотоҕун дьаарбайа сылдьаҕын? Куорат күлүгээттэригэр түбэһээйэҕин. Ванюш, баар-суох подругабын дьиэтигэр атаарыах эрэ.

      – Лера, хайа, туох сонуннааххыный? Экзамеҥҥын хайдах туттардыҥ? Олох сүтэрсэн кэбистибит дии…

      – Английскайбын түөркэ туттардым. Аны история уонна нуучча тыла хаалла.

      – Бэрт дии. Мин эмиэ өйүүн историяны туттараары сылдьабын. Билиэттэрбин барытын үөрэтэн бүтэрдим ээ. Оттон эн?

      – Историяны аахпакка даҕаны туттарар инибин. Оскуолаҕа Иван Петрович кэпсээбитэ барыта хаалан хаалбыт курдук. Чэ, уулаан-хаардаан туттарар инибин. Ваня сельфакка туттарса сылдьар. Билсэн кэбиһиҥ: бу мин доҕорум Ваня, оттон бу – дьүөгэм Аайа.

      – Лера эн тускунан элбэҕи кэпсээбитэ. Эйигин санаабакка ааспыт күнэ да диэн суох буолуо.

      – Конечно, бииргэ үөскээбит дьүөгэбин хайдах саныам суоҕай. Чэ, Аайа, пока, – Лера, Орджоникидзе болуоссатыгар кэлээт, ханна эрэ тиэтэйэр киһилии быраһаайдаһа оҕуста.

      Аайа дьүөгэтэ оттомо суох быһыыланарыттан хомойо санаата. Куоракка кэлиэҕиттэн ити хаһыс-хаһыс уолай? Урут күн аайы кэлэ турар бэйэтэ кэлин олох да сүтэн хаалар буолла. Бүгүн алҕас көрсө түстүлэр. Лера манна кэлэн итинник тосту уларыйбытыттан Аайа сөҕө саныыр.

      Дьиэтигэр кэлбитигэр, ийэтэ ааҥҥа сүүрэн кэллэ.

      – Хайа, бу туох баһаам сырыытай? Уон чаас буолан эрэр дии. Киһини куттааҥҥын!

      – Лераны көрүстүм.

      – Илиигин суунан баран кэлэн аһаа. Соркуойбун бу үһүс төгүлүн сылытан эрэбин.

      Аайа куукунаҕа киирэн, ийэтэ бэлэмнээбит минньигэс аһылыгын сытын ылан, аччыктаабытын өйдөөтө.

      – Бүгүн аҕаҥ табаарыһыгар приемҥа киирэ сырыттым. Хата, наһаа үчүгэйдик көрүстэ. Коля оҕолоро улаатан, үөрэхтэнэн эрэллэр эбит диэн үөрэр. Эдэр сааспытын элбэхтик аҕынныбыт. Коля туһунан сырдык, үтүө эрэ өйдөбүллээхпин

Скачать книгу