Сырдык курус. А. К. Никифорова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сырдык курус - А. К. Никифорова страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сырдык курус - А. К. Никифорова

Скачать книгу

здесь разговаривать по-своему! – дьахтар аны Аайаҕа туһаайан хаһыытаата.

      – Не орите так! Здесь глухих нет! За бабушку мы заплатим! – Татьяна Иннокентьевна да иэскэ хаалбата.

      Ийэлээх кыыс автобустан үлтү анньыһан, суумкаларын нэһиилэ соһон-сыһан, Орджоникидзе болуоссатыгар түстүлэр. Эдьиийдэрэ Надялаах төрдүс маҕаһыын үрдүгэр олороллор. Дьонун дьиэлэрэ тохтобул таһыгар буолан, абырал.

      – Оо, дьэ, тиийэн кэлээхтээтигит дуу? Дьиэбит бу куйааска туох даҕаны оргуйан олорор. Эһигини күүтэн бүгүн куоракка хааллым. Бу итииттэн оҕонньорбунуун даачаҕа быыһанабыт. Куоракка кыыспыт Лена баар, – эдьиийдэрэ күө-дьаа буола көрүстэ.

      Аайа саалаҕа киирбитэ, дьыбааҥҥа билбэт дьахтара тиэрэ түһэн хаһыат ааҕа олорор. Балконтан икки эмдэй-сэмдэй уолаттар сүүрэн киирдилэр.

      – Таанньа, бу Бүөтүр балтын кыыһа Дуунньа оҕолорунуун Тааттаттан кэлэ сылдьаллар. Өссө Эдьигээнтэн хоноһолоохпут. Сорох ыалдьыттарбытын даачаҕа таһаарбыппыт, – эдьиийдэрэ элбэх киһиэхэ тэпсилгэн буолар курдук санаммат. Куоракка олохсуйуохтарыттан аймахтар кэлэ-бара тураллар. Татьяна Иннокентьевна даҕаны үөрэнэрин тухары эдьиийигэр кэлэ турара. Дьиҥэр, тетя Надя, Надежда Дмитриевна чугас аймахтара буолбатах. Бу курдук аламаҕай майгылаах киһиэхэ биир дойдулаахтара истиһэн даҕаны суолларын быспаттар. Кинини дьон үксэ ытыктаан Эдьиий Наадьа диэн ааттыыр. Кэргэнэ Бүөтүр даҕаны майгылаах үтүөтэ киһи. Төһө оҕо кинилэр ааттарын ааттаан, үөрэх-билии киинин булан үөрэхтэммитэ буолла. Икки хостоох квартираҕа кинилэр элбэх киһини хайдах батаралларын Татьяна Иннокентьевна сатаан санаабат.

      – Таанньа, эһиги кыыскыныын бу утуйар хоско киириҥ. Ити Эдьигээн оҕотун мала турар. Эдэр киһини куукунаҕа да олохтоотоххо сөп.

      Аайа ваннаҕа душтанан абыранна ахан. Сылайбыта тута ааһан хаалла. Сууна сылдьан, биир түгэни өйдөөн кэллэ. Тыа оҕолоро куорат дьиэтигэр кыраантан уу кыраайа суох сүүрэ турарыттан сөҕөллөрө. Аайа кыра сылдьан эдьиийин кытта ваннаҕа кыраан уутун толору аһан баран, тарбахтарынан бүөлүү оонньуулларын санаан кэллэ. Аайа санаатыгар уу кытаанах баҕайы курдуга, тохтоло суох сүүрэр ууну тарбаҕынан бүөлүү туттаҕына, уута туора-маары ыһыахтанар, онтон астынан эдьиийин «сэриилээн» үөрүүтэ муҥура суох буолара. Биирдэ ол оонньууларыттан айдаан тахсан турардаах. Уунан «сэриилэһэн» ыраатан эрдэхтэринэ, тетя Надя сүүрэн киирэн кырааны бүөлүү баттаабыта. Аллараа ыалларга уу тэстибит, дьоно улахан алдьархай буолбутун курдук ыһыылара-хаһыылара сүрдээх. Надя да бэриммэт, тэбис-тэҥҥэ утары хаһыытыыр. «Баҕайылар! Кыраттан да айдааны таһаарар дьон! Хааппыла да уу тэһиннэҕинэ, сүүрэн киирэр идэлээхтэр. Дьикти ыалы көрөбүн, ким да кинилэргэ сылдьыбат, бэл диэтэр, подъезпыт старостатын киллэрбэттэр. Икки тарбыйах саҕа ыттаах буоланнар, ааннарын хаһан даҕаны хатамматтар, ыттара эмиэ бэйэлэрин курдуктар, хараҥа подъезка тутан кэбистэхтэринэ көҥүллэрэ. Биирдэ эдьиийим Даарыйа муҥнаах аанын булкуйан ити ыалга киирэн сиэнэ сыспыттаах. «Бу кыыс көрүдүөрэ тугун

Скачать книгу