Сырдык курус. А. К. Никифорова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сырдык курус - А. К. Никифорова страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сырдык курус - А. К. Никифорова

Скачать книгу

тетя Надялаахха, олоруом. Таайыҥ Семен Павловичтыын ол туһунан кэпсэппитим. Кини үйэтин тухары тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэлиир дии, куоракка кэлэн идэҕинэн балыыһаҕа үлэлээтэххинэ, квартираны икки кулгааҕын курдук көрүөҥ суоҕа диир. Арай «Птицефабрика» үлэһиттэригэр дьиэ тутан эрэллэр үһү. Куоракка тиийдэхпинэ, ол тэрилтэҕэ үлэҕэ киллэриэм диир.

      – Онно туох үлэһит буолаҕын?

      – Билбэппин, көстөн иһиэ. Маама ханнык да үлэттэн чаҕыйбатын билэҕин буолбат дуо? – Татьяна Иннокентьевна кыыһын төбөтүттэн имэрийэн ылла.

      Аайа ийэтиниин куоракка көһөрдүү хомуммуттара хас да хонно. Ханна да хамсаабакка биир сиргэ олорбут ыал мала-сала элбэх да буолар эбит. Татьяна Иннокентьевна гастрономтан уонча улахан хоруопканы аҕалбыта, онто да тиийбэтэ.

      – Маама, эн сорох иһити, утуйар таҥаһы хааллар ээ. Бакаа утары туттарбытын эрэ ылыахха, онтон таһаҕас таһар бааржанан ыыттарыахпыт буоллаҕа дии.

      – Суох, бу аата көннөрү барытын бэлэмнээн кэбиһэбин. Сөпкө этэҕин, чыычааҕыам. Дьиэтэ-уота да суох сылдьан, ама хайаан малбытын барытын соһон барыахпытый. Таҥнар таҥаспытын илдьэ бардахпытына да сөп.

      Татьяна Иннокентьевна санаатыгар сүрдээҕин ыксыыр. Бэс ыйа эргэтигэр барда, оттон кинилэр дойдуларыттан хоҥно да иликтэр. Кыыһа куорат библиотекатыгар олорон экзаменнарыгар бэлэмнэниэ этэ буоллаҕа дии. Университекка киирэргэ куонкурус сүрдээх улахан. Аайа буоллаҕына ханныкка киириэн ситэ быһаарына да илик курдук. Тылга дьоҕурдаах кыыс суруналыыс дуу, тыл учуонайа дуу буолуом диэччи.

      – Маама, ханнык идэни таларым буолла? СГУ-га киирдэхпинэ, учуутал буолабын. Онтон атын идэни хайдах эрэ толкуйдаабат да курдукпун. Суруналыыс буолар киһи наһаа да бэрт буолуо эбит. Ити Ваня Семенов суруналыыс буолуон баҕарар эбит. Ол идэҕэ биһиэхэ үөрэппэттэр ээ.

      – Сүрэҕиҥ тугу этэринэн идэҕин таларыҥ сөп. Ол эрээри айар үлэһит буолар диэн эмиэ да олус бэрт дии. Көрөн олорон айылҕаны олус даҕаны табан, киһи санаатыгар сөп түбэһэр гына суруйаллар дии. Оннук дьоҕур киһиэхэ эрэ бэриллибэт. Холобура, көмүс күһүн туһунан хайдах курдук уустаан-ураннаан хоһуйан суруйалларый? Аҥаардас сэбирдэх туһунан элбэҕи да этэр суруйааччылардаахпыт. Ити кинилэр кэрэни таба көрөр ураты талааннарыттан тахсар. Хайдах курдук биһиги улуу суруйааччыларбыт төрөөбүт төрүт дойдуларын, алаастарын, айылҕаларын таптыылларыттан сөҕөбүн, хомуһуннаах тылынан дьүһүйбүттэрин ааҕа олорон, уйулҕаҥ хамсаан, эккинэн-сииҥҥинэн ураты сүүрээн кутуллар. Тыл күүһэ итиниэхэ сытар. Эн тылга сыһыаннаах идэни таллаххына, иннигэр кэскилиҥ сүрдээх киэҥ буолуо.

      – Ой, маама, мин хантан биһиги суруйааччыларбыт курдук суруйуохпунуй?

      – Редколлегия солбуллубат чилиэнэҕин, хаһыаккыт редактораҕын дии. Оскуола олоҕун туһунан ыстатыйа бөҕөтүн суруйан кэллиҥ. Бэл диэтэр, «Бэлэм буолга» бэчээттэнэҕин. Бэйэни сэнэммэт баҕайыта. Дьокуускайга сөптөөх үөрэх суох буоллаҕына, соҕуруу баран көр.

      – Хайдах

Скачать книгу