Сырдык курус. А. К. Никифорова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сырдык курус - А. К. Никифорова страница 2
– Маша, оргууй буол эрэ! Киһи уйулҕатын хамсатан, туох эрэ алдьархай буолбутугар дылы! Бэйэтэ бастаан бу былаачыйаны кэтиэм диэн сөбүлэспитэ ээ… – кыыс ийэтэ кыргыттарга быһаарар.
– Мин санаабар, туох да куһаҕана суох былаачыйа. Арай, уолугар уонна тэллэҕэр куруһуба тигэн биэрэр киһи наһаа бэрт буолуо эбит, – диэн баран Света Варвара Ивановна диэки ыйытардыы көрдө.
– Уой, куруһуба арааһа баар ахан! – диэн баран, кыыс ийэтэ, чэпчэкитик ойон туран, хостон сүүрэн таҕыста.
Дьахтар өр гыммата, мөһөөччүк муҥунан уурулла сылдьыбыт таҥас сыыстарын, куруһуба арааһын туппутунан киирэн кэлэн, абыраатаҕына кини эрэ абырыа диэбиттии, оҕо курдук Светаҕа куду уунна.
– Маша, көр эрэ, бу бороҥ өҥнөөх куруһуба эн ырбаахыгар олус барсар. Билигин букатын саҥа буола түһүө! – Света эрэллээхтик эппитигэр, ытаан санна эппэҥнии сыппыт кыыс уоскуйа быһыытыйда.
– Чэ, Маша, тур, кэт! Оттон биһиги куруһубаны түргэнник тигэн биэриэхпит, – Аайа этии киллэрдэ.
Кыргыттар дьүөгэлэригэр былаачыйатын кэтэртилэр, Света куруһубаны тэҥнии-тэҥнии кырыйталаата, онтон бары кичэллээхтик тигэн бардылар. Сотору аныгы муодаҕа соччо эппиэттээбэт былаачыйа уларыйа түстэ. Света Маша синньигэс биилигэр куруһубанан бэртээхэй кур оҥорон баайан кэбиспитигэр, букатын даҕаны атын көстүү буола түстэ. Маша сирэйдиин-харахтыын сырдаата, сымсатык туттан-хаптан баттаҕын өрө анньынна, уоһун помаданан тэтэртэ.
– Сыллыый, наһаа да кэрэ буола түстэҕиҥ бу! Дьүөгэлэргэр махтан! – Варвара Ивановна кыыһын көрөн сүрдээҕин астынна.
Кыргыттар Машаларын сиэппитинэн сүүрүүнэн оскуолаларыгар кэлбиттэрэ, хайыы-үйэ уопсай линейка буола турар эбит.
– Хайа, бу ханна сүтэ сырыттыгыт? Директор туйгун үөрэхтээхтэргэ бастакынан аттестаты туттарда, эйигин ааттаан бөҕө буолла! – кылаастарын салайааччыта Маргарита Дмитриевна Аайаны мөҕө тоһуйда.
Кыргыттар саҥата суох миэстэ булан олорон истэхтэринэ:
– Андреева Аайа Николаевна! – микрофонунан дириэктэрдэрин саҥата ньиргийдэ. – Оскуолабыт баарсуох киэн туттар үөрэнээччитэ, солбуллубат кылаас старостата, хомсомуол кэмитиэтин солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ. Кэл, сыанаҕа тахсан, ситиһиилээхтик үөрэммиккин туоһулуур аттестаккын тутан кэбис!
Соһуччу баҕайытык кини аатын ааттаабыттарыттан, үөрэнээччини мээнэ хайҕаабат, олус ирдэбиллээх дириэктэрдэрэ дарбааннаах тылыттан кыыс долгуйан сүрэҕэ күүскэ тэптэ, сүүрэн тахсан Дмитрий Егоровиһы кытта илии тутуһан, аттестатын ылла.
– Аайа, тохтуу түс! – Ваня Семенов «Смена» фотоаппаратынан хаартыскаҕа түһэрэн күлүмүрдэттэ.
Оҕолор биир-биир сыанаҕа тахсан аттестаттарын туппуттарын кэннэ таһырдьа хаартыскаҕа түһүү түбүгэ буолла: уолаттар икки ыскамыайканы аҕалан уурдулар, учууталлар, төрөппүттэр инники эрээккэ кэккэлэстилэр, оҕолор ыскамыайкаҕа икки эрээтинэн турдулар. Оскуола кылаабынай