Сырдык курус. А. К. Никифорова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сырдык курус - А. К. Никифорова страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сырдык курус - А. К. Никифорова

Скачать книгу

народнай учуутал буолара буолуо, – кыргыттар күлэн саһыгырастылар.

      От ыйын ортотугар Аайа ийэтиниин долгуйар Дьокуускай куораты буллулар. Сырылас куйаас сатыылаан ахан турар! Дойдуларыгар ардах түһэн кэбиһэн, нэдиэлэни быһа хаайтардылар. «Сыл аайы бу курдук! Кыратык ардаата да, сөмөлүөт көппөт! Хайа муҥун, ити «летнай полоса» диэннэрин сиэмэнинэн бүрүйэн кэбиспэттэрий?! Суох, ол биһиэхэ кыаллыбат!» – хаайтаран олорор дьон, кыһыыларын таһааран, айдааран көрөллөр да, онтон туох туһа тахсыай, таах ньиэрбэлэрин барыыллар. Аайалаах көһөн барар дьон, аанньа буолуо дуо, таһаҕастара элбэҕэ сүр. Өссө кыһыҥҥы таҥастарын ылбатахтарын үрдүнэн суумка бөҕө мунньулунна. Пуорт аһылларын кэтэһэ сатаан баран, киэһэ аайы туох баар малларын соспутунан төннөн сөп буолан, кэлин малларын чугас билэр ыалларыгар уурдардылар. Пуорка «Камера хранения» диэн бөдөҥ баҕайы суруктаах хос баар да, наар тир хатааһыннаах турар буолар.

      – Хаһан аһыллар баҕайытай? Оҕолор докумуоннарын туттаран, консультацияларга сылдьан ырааттахтара, – кыыс ийэтэ долгуйар.

      Аайа да саллан бараары гынна. Күн аайы пуорду маныыр киһи хантан соло булан учебниктарын арыйан көрүөй. Республика араас муннугуттан дэгиттэр ыччаттар кэлиэхтэрэ дии. Бары аттестаттарын баала үрдүк буолуо. Экзаменнарбын хайдах туттарабын?

      Дьиҥэр, кини дэгиттэр учууталларга үөрэммит дьоллоох киһи. Аҥаардас химияларын учууталын ылан көрүҥ. Кини курдук ураты учуутал өссө ханна эмэ баара дуу? «Петр Поликарпович курдук талааннаах учуутал үөрэппитэ биһиги дьолбут буолуо. Ураты суоллаах-иистээх учуутал, кини курдук айар талааннаах химик баарын билбэтим. Хоһоонноро ырыа буолан тарҕаналлар, поэмалара дириҥ философскай суолталарынан сөхтөрөллөр. Оҕолор бары да биир улаханнык биһириир учууталлара. Бу санаатахха кини оҕо майгытын үчүгэйдик билэр психолог эбит. Сэттис кылааска аан маҥнай биһиэхэ киирэн кэлбитин умунубаппын. Аан аһылла биэрбитэ да, хара өҥнөөх улахан бартыбыал остуолга биирдэ көтөн түспүтэ. Суугунаһа-сааҕынаһа олорбут оҕолор соһуйан биирдэ чуумпура түспүппүт. Бары кулгаах-харах буолан туох буолбутун өйдөөбөккө олордохпутуна, Петр Поликарпович бу саҥаран кутан-симэн, үөрэн-көтөн киирэн кэлбитэ. Киниттэн ураты күүстээх эрчим биллэрэ. Киирдэ да кылааһы биирдэ толорон кэбиһэрэ. Уруогун эмиэ олус интэриэһинэйдик биэрэр, биһиги ордук уопут оҥорорбутун туохтааҕар да ордорорбут. Химия курдук уустук предмеккэ үчүгэй-мөлтөх үөрэхтээх үөрэнээччи диэн арахсыы суоҕа. Ол курдук кини предметин ылыннарар ураты дьоҕурдаах. Кини өссө биир дьээбэлээх. Бартыбыалын элээрдээт, кылааска киирэн иһэн, биир эмит оҕону ойутан туруорар да, ыйытан чаҕылыҥнатар, ыых-аах диир табыллыбат, ол кыаллыбат даҕаны, түргэн баҕайытык: «Один, два, три… садись два!» – диир да – бүтүүтэ. Ол иһин бары тута эппиэт биэрэ охсорго бэлэм олорорбут».

      Аэропортан тахсаат, «Квас» диэн суруктаах күлтэйбит араҕас буочука таһыгар дьон уочараттаан турарын көрөн, Аайа ийэтиниин олус диэн утаппыттарын өйдөөтүлэр. Кыыс, суумкаларын күн уотуттан субу ууллуох

Скачать книгу