Сырдык курус. А. К. Никифорова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сырдык курус - А. К. Никифорова страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сырдык курус - А. К. Никифорова

Скачать книгу

тутуһан туран, ытаан бөтүөхтээбитэ. Ылдьаа сэниэтэ эстэн нэһиилэ турар кыыһы көтөҕөн ылан быыс кэннигэр турар улахан ороҥҥо этэрбэһин, сонун устан сытыаран баран, куобах түүтэ суорҕанынан сабан кэбиспитэ. Татыйыыс бэрт өр ытаан сыҥсыйан баран, сылаата таайан, нухарыйан хаалбыта.

      Ол түүн ийэтин сырдык тыына быстыбыта. Кыыс ийэтин тиһэх чааһыгар аттыгар буолбатаҕыттан туохтааҕар даҕаны кэмсинэр. Орто дойдуга баар-суох чугас, күндү киһитэ хараҥа дьиэҕэ суос-соҕотоҕун сытан аны хаһан даҕаны төннүбэт дойдутугар барбытын санаатаҕына, билигин даҕаны көмүскэтин уутун кыатаммат.

      Тулаайах хаалбыт кыыс маҥнай утаа таайын аахха олорбута. Бэйэлэрэ да элбэх оҕолоох, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорор ыал сотору кыыһы оройуон киинигэр интернакка туттарбыттара. Сэрии тулаайахтара биир дьиэ кэргэн буолан, эйэ-дэмнээхтик, баардарынан-суохтарынан тэбис-тэҥҥэ үллэстэн олорбуттара.

      Татыйыыс ийэтэ өлөр ыарыыттан охтуоҕуттан эмчит буолар санааҕа кэлбитэ. Ийэтэ барахсан, холкуос биир бастыҥ ыанньыксыта, хара сарсыардаттан им сүтүүтүгэр диэри үлэлии сылдьыбыт эдэр дьахтар, сэллик буулаан, аҕыйах ыйынан ууллубута. Арай, кинилэр дэриэбинэлэригэр үөрэхтээх эмчит баара эбитэ буоллар, баалаппакка тута эмтээн, кыайбатаҕына киин сиргэ ыыттаран, ийэтин быыһыахтаах этэ. Кыыс ону бигэтик билэрэ. Ахсыс кылаас кэнниттэн кини Дьокуускайы булбута. Алта күннээх түүн устата борохуотунан устан киин куоракка кэлэн, фельдшерскэй-сестринскэй училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрбитэ, учууталлара салгыы үрдүк үөрэххэ үөрэн диэн элбэхтик сүбэлээн көрбүттэрэ даҕаны, кыыс үлэһит буола охсор санаалаах дойдутугар төннүбүтэ.

      «Мин ситэ үөрэммэтэхпин кыргыттарым үрдүк үөрэхтэнэн ситиһиэхтэрэ» дьахтар санаатын түмүктээн өрө тыынан ылла.

      – Үһүөн киин куоракка үөрэниэхпит дии санаабытым, хайа баарый? Света, оттон иистэнньэҥ үөрэҕэ куоракка да элбэх буолуо дии. Бииргэ өйөнсөн син сылдьыа этибит, – Аайа хомойбутун кистээбэт. Кыргыттар, болдьоһон баран, идэлэринэн биэрэк үрдүгэр турар ыскамыайкаларыгар кэллилэр.

      Туох да омуна суох кыргыттар бу ыскамыайкаҕа улааттылар. Бу ыскамыайкаҕа олорон төһөлөөх кистэлэҥнэрин, үөрүүлэрин-хомолторун үллэстибиттэрэ буолуой? Кыра кылаастарга манна олорон кумааҕы куукуланан оонньууллара. Света куукулата саамай элбэх, араас дьэрэкээн таҥастаах буолааччы. Бэл, кыһыҥҥы сонноох, бэргэһэлээх, этэрбэстээх буолара. Кыыс дьүөгэлэрин куукулаларын эмиэ таҥыннарара. Кэлин кумааҕы кыргыттара кумааҕы уолаттардаммыттара. Кыргыттар ыскамыайкаларын көрөр-харайар идэлээхтэр, сайын аайы кырааскалыыллар, сыл аайы өҥүн уларыта сатыыллар. Дьиктитэ баар, кинилэр кырааскалаан барбыт ыскамыайкаларыгар, төһө даҕаны манаан турбаталлар, ким даҕаны лах гына олорон кырааскаҕа биһиллибитэ суох. Дьон бары кыргыттар киэннэрэ буоларыгар үөрэнэн хаалбыт.

      Улахан кылааска тахсан баран, ыскамыайкаларыгар олорон таптал туһунан кэпсэтэр буолбуттара. Ким кими сөбүлээбитин, таптаабытын туһунан

Скачать книгу