Сырдык курус. А. К. Никифорова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сырдык курус - А. К. Никифорова страница 8
– Бай, ол тоҕо?
– Оччоҕуна төбөтүн иһигэр туох баарын үчүгэйдик көрүөхпүт диир бырааспыт. Куттанарым диэн, ол кэнниттэн сорохтор олох даҕаны буккуллан хаалаллар үһү. Мэйиигэ салгын киирэр буоллаҕа дии… – дьахтар, хараҕын уутун кыатана сатаан баран, маккыраччы ытаан барда.
– Лиза, эн баар-суох кыыскар уопут оҥоттороору гынаҕын дуо? Туга ыалдьарын быһаарыахпыт этэ диэн хайа эмэ ньиэрбэтин таарыйан кэбистиннэр, кыыһыҥ инбэлиит буоллаҕа ол. Төбө диэн саамай уустук уорган буоллаҕа дии. Мин саныахпар, Туйаара улаатар сааһыгар тымырдара кыараан, төбөтө ыалдьар быһыылаах. Улааттаҕына итинтэ ааһыан сөп. Бу киэһэ баран кыыһы балыыһаттан ылыахха наада, – тетя Надя кытаанахтык быһааран кэбиспитэ.
Лиза ытаан сыҥсыйа олорон, кырдьык даҕаны диэбиттии, ойон туран хомунан барбыта. Такси сакаастаан, ол түүн кыыстарын балыыһаттан күрэтэн таһаарбыттара. Тетя Надя эппитэ туолбута. Туйаара улаатар сааһыгар ыарыыта уҕарыйан, атын оҕолортон итэҕэһэ суох үөрэнэ сылдьар. Кэлин кэлэн көрдөрбүттэригэр «көннөрү вегето-сосудистай дистониялаах, хас иккис киһи маннык диагнозтаах олорор» диэн наар көрөр быраастара туох да буолбатаҕын курдук холкутук быһаарбыт. Арай, ол түүн тетя Надя этиитинэн кыыһы күрэппэтэх буоллуннар, төбөтүгэр эпэрээссийэтэ хайдах дьайара биллибэт этэ.
Аайа эрдэ туран, докумуон туттараары университекка барда. Тохтобулга бэрт өр турбутун кэннэ күүтүүлээх «5» нүөмэрдээх автобуһа ыадаҥнаан кэлэн тохтоото. Сарсыарда эрдэ буолан быһыылаах, киһи аҕыйах. Кэнники аанынан киирэн, утары турар дьааһыкка үс харчыны уган, билиэтин эрийэн ылла уонна иннигэр миэстэ баарыгар олордо. Ленин болуоссатыттан автобуска үс уол өрө эккирээн киирдэ. Кэпсэтиилэриттэн иһиттэххэ, үөрэх туттарса кэлбиттэр.
– Как вам не стыдно? Вы же на одного деньги положили, а открутили на всех, – түннүк таһыгар олорор саас ортолоох дьахтар уолаттары буойар саҥата иһилиннэ. Уолаттар онно эрэ наадыйбатылар, күлэн саһыгырастылар.
Аайа, университет тохтобулугар түһээри бэлэмнэнэн, ааҥҥа чугаһаата.
– Көрүҥүтүүй, наһаа да кэрэ кыысчаан турар! – уолаттар кыыс аттыгар баар буола түстүлэр. – Кыысчаан, аатыҥ ким диэний? Абитуриенткаҕын дуо? Тоҕо саҥарбаккын, баҕар, бииргэ үөрэниэхпит дии! – уолаттар университет саҥа учебнай-лабораторнай корпуһугар тиийэ Аайаны батыһан кэллилэр. Ордук хойуу хара баттаҕын өрө анньыммыт, чоҕулуччу көрбүт хатыҥыр уол сыстаҥнаан сүрдээх. Аайа абатыйдар да, саҥарбат, туох эмэ диэтэҕинэ, олох даҕаны араҕыахтара суоҕа дии саныыр.
Университекка киирбитэ, киһи эрэ туймаарыах: дьон ап-аалыҥнас, суугунаһыы, барыы-кэлии, кирилиэһинэн үөһэ-аллара сырсыы… Кыыс ыйдаран тутар хамыыһыйа олорор улахан аудиториятыгар киирдэ. Эргиччи остуоллар ууруллубуттар, хас остуол аайы тус-туһунан факультеттар ыйыллыбыт табличкаларын анныгар докумуон тутар кыргыттар олороллор, таайдахха, үрдүкү куурус устудьуоннара.