Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов страница 36

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      Эмискэ дьиэ кэтэҕиттэн Маанчыктаах Кыраһа ойуоккалаһан кэлэн тиэргэҥҥэ киһи олорорун көрөн, хорус гына түстүлэр. Кыраһа сыт ылан хара муннун мултуруҥнатта.

      – Ээ… Кыраһа… Маанчык!.. Маанчык!.. Кыраһа… – Баһылай ыттарын көрөн ымманыйбытыгар, дьэ доҕоор, ыттар сүүрэн кэлэн иччилэрин билэн ыйааста түстүлэр. Баһылайы муннуларынан үҥүлүйэ-үҥүлүйэ, тула көтө сылдьан, сирэйиттэн-хараҕыттан салаамахтаа да салаамахтаа буоллулар… Тутан олорбут бөппүрүөскэтин тобоҕун көөбүл быыһыгар төлө тутан, онтутун көрдөөн этэрбэһин тилэҕинэн ньыһыйан умуруорда.

      – Кыраһа эбит дии… Ээ, Маанчык эбит буолбаа-ат… – Кыра Баһылай ыттарын таптаан ымманыйа-ымманыйа имэрий да имэрий.

      Бу кэмҥэ Баһыычааннаах Ыстапаан, Кыраһалааҕы батыһан, кэннилэриттэн сырсан бөтөҥкөлөһөн кэллилэр. Баһыычаан икки дьирикини сиэбигэр уктубута быга сылдьаллар. Ыстапаан биир бурҕааны синньигэс кутуругуттан тэйгэччи туппут. Тиритии-хорутуу, аҕылаһыы-мэҥилэһии мааны. Баһыычаан, халлаан хото сылыйдаҕына тутуһар үгэһинэн, атах сыгынньах. Уолаттар бурҕаа хороонун ыттарын кытары тэбис-тэҥҥэ хасыһаннар, сирэйдэрэ хап-хара. Дэлэҕэ да сирэйэ кирдээх киһини: «Бурҕаалаан сиэтиҥ дуо?..» – диэн тыл дэгэтэ оҥостуохтара дуо.

      Кыраһалаах Маанчык кыра иччилэригэр утары сүүрэн кэлэн бултарын сытырҕалаатылар. Эккэлээн кутуруктара эйэҥэлээн олорор.

      – Оо, бу дьон кэллилэр!.. Булчуттар – Баһыычааннаах… Ээ, бу, били, мин аллар атаһым, былыргы киһи, Быралгы уола Ыстапаан оҕо буолба-ат?.. – Үс Ньукулайдааҕы кытары Кыра Баһылай барбытын кэннэ дьукаахтаһан турабыт, онон убайбыт маҥнай утаа, хайа оҕонуй дии санаан бутуллан ылла. Кыра уолаттары иккиэннэрин тэҥҥэ булгүннэриттэн бэйэтигэр сыһыары тардан төбөлөрүттэн сыллаталаата.

      – Хайа доҕоттор, кэпсэлгит?..

      – Һуох… – дэһэллэр уолаттар тэҥинэн.

      – Булкутун көрдөрүҥ эрэ, – Баһылай дьирикилэри, бурҕааны эр биир ылаттаан көрөн баран, дүлүҥҥэ быллаччы уурталаата.

      – Ки-киэһэ, Ньукулай эбэтэр Баһылай үлэлэриттэн кэллэхтэринэ сү-сүлүөхтэрэ, – чобуо киһи Баһыычаан, сүүһүн көлөһүнүн сотто-сотто, убайын Кыра Баһылайы кытары кэпсэтэр.

      – Ээ, биһиги дьон, онно тиэрдиэхпит дуо. Бу куйааска аны буорту буолуохтара, билигин сүлүөхпүт, – Баһылай күтэри кутуругуттан ылан, тоҕо эрэ, түүтүн үрэн көрөр. – Ыл, Баһыычаан, киирэн эбэҕиттэн быһахта аҕал, миигин «түүлээх» сүлээри гынар диэ. Баһыычаан иһиттим-истибэтим диэбиттии сорукка дьиэҕэ эбэтигэр сүүрэр.

      Баһылай өр гыммата, уолаттар бултарын, ньылбы тардан, сүлэттээн кэбистэ.

      Мин эбээ Маарыйаҕа сээкэйи көмөлөһөн, киирэ-тахса сырыттым…

      Киэһэ, үгэстэринэн, күн дьааһыгырыыта үлэлэриттэн кэлбит дьоммут Баһылайы көрөн олус үөрдүлэр. Баһылай бэйэтэ да ыллам, элэккэй баҕайы майгылаах киһи, дьон баар диэн кыбыстыбакка, Настааччыйатын сүүһүттэн, сирэйиттэн сыллаамахтаан ылла. Ону көрөн Быралгы Ньукулай: «Эн биһикки

Скачать книгу