Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов страница 37

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

симэ-симэ сэһэргэһиигэ кыттар.

      Дьабадьы Хабырыыл, табаҕын умна кэлэн, Быралгылыын биир хамсаны солбуһа тартылар.

      Ыттар эргэ хотон кэннигэр, өтөх саҕатыгар үрэн моргуйар саҥалара иһиллэр. Арааһата «булчуттар» маска дьирикини таһаардылар быһыылаах, саҥалара-иҥэлэрэ ньамалаһар…

      Хараан түүн буолуоҕун, бырдах кыынньыаҕын, хата, сиккиэр тыал сайа охсон, субу-субу ил гынан күүскэ сипсийэн ылара, сайыҥҥы киэһэни ордук тупсарар.

      – От сиэмэтэ быйыл үчүгэй курдук дии, куораттан кэлэн иһэн көрдөххө, – Кыра Баһылай кураанах күөх кырыска өттүгэстээн сытан саҥарар.

      – Оннук. Быйыл да этэҥҥэ сырыттахпытына сыл тахсар, кыстыыр оппутун булунар инибит, – Намыынап үрүҥ кыл дэйбииринэн туора-маары көхсүн охсунан ылар.

      – Былырыын «буускаппын» отой хаалар гына тоһуппутум, хаарыан хотуурум… Саҥаны эллэнэн көрөрүм буолуо, – Дьабадьы өр кэм илдьэ сылдьыбыт хотуурун аһыйан ахан ахтар.

      – Былдьаһыктаах «буускап» дьэ мэлийбит дии.

      – Мэлийэн…

      – Бэрт хотуур этэ, Арыылаахха уларсан охсо сылдьыбытым, – Кыра Баһылай оччотооҕу үлэлээбит кэмин саныыр быһыылаах, харахтарын кыаратан ымыйа от умнаһыгар ынах кута хаамарын одуулуур. – Сырылаан түһэн тыастыын уратыта.

      – Аныгы хотуурдара отой муот, биир эмит табыллыбыта эрэ ама.

      – Ити «буускап» курдук хотуурдары оҥоруохтарын, оннооҕор былыр уһаарбыттар, билигин баҕас ону сатаабат үһүлэр дуо?.. Оҕолор оскуолаттан кэлэ-кэлэ арааһы бары кэпсииллэрин иһиттэххэ, сорох-сороҕун киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, дьэ сайдыы бөҕө… – Быралгы чахчы дьиктиргээн ыйытар.

      – Туох эрэ ураты кистэлэҥнээҕэ буолуо… Ону билбэттэр буо…

      – Оннук ырата ини…

      – Аныгы да хотуурдарга табыллыбыта олус сытыы. Атыылаһарга сатаан талыахха наада, – Намыынап чахчы билэр киһи быһыытынан дьонугар сүбэлиир. – Биир «бэчээтинэн» тахсыбыт, тэҥ нүөмэрдээх хотуурдары ыйааһыҥҥа ууран көрүллэр, сатаан, табан хатарыллыбыта чэпчэки, тыаһа-ууһа лыҥкынаан отой ураты…

      – Эн билэр киһи билээрдэҕиҥ, сорох оннук ыатаран ыаспайдаабат.

      – Чэ, эн даҕаны Балаҕаччы маҥхааһайыгар хотуур атыылаһаргар атыыһыт Сүөдэри сүүһүн көлөһүнэ бычыгырыар диэри сүүрдэр курдук буолааччыгын дии. Муҥур уһукка тиийэн оҕонньор дэлэҕэ часкыйыа дуо, һэ-һэ-һэ…

      – Оннук ырата буолуо, – Быралгы мүчүҥнээн ылар.

      – Ол сэби-сэбиргэли ыатарара диэн кыра, Быралгыҥ дьахтары ыатарарын өттүнэн дьэ чахчы эр бэрдэ, – Дьабадьы Хабырыыл Ньукулайы хаадьылаан, күлэн үрүҥ тииһэ кэчигириир.

      – Бээ эрэ, дьиэ таһынааҕы сонун хааллын, – Намыынап өттүгэстээн баран күөх оту быһа тардан ылан ыстыы сытар Кыра Баһылайга туһаайан: – Баһылай, хайдах-туох дойдуга сылдьан кэллиҥ, бэйэҕиттэн истиэҕи кэпсээ эрэ, – диир.

      – Ээ, киһи кэпсиэҕэ туох кэлиэй…

      – Үлэ боруона диэн ыарахан буолуохтаах.

      – Бу

Скачать книгу