Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов страница 38

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

ол чуолкай, – Намыынап эрэллээхтик саҥарар, – хаһыат да сонунуттан, Балаҕаччыга бырабылыанньаҕа сырыттахха араадьыйа да кэпсиириттэн иһиттэххэ оннук.

      – Уонна боломуочунайдар диэ…

      – Ээ ол дьон диэн: үрүҥү да хара, хараны да үрүҥ диир эрэттэр ини.

      – Кыһыл Аармыйа кэлин наар кимэн киирэн иһэр дииллэр ээ, – Быралгы кэпсэтиигэ кыттан көх-нэм буолар…

      Эр дьон арааһы кэпсэтэн өссө да уһуннук олордулар.

* * *

      Сарсыарда туран аһаан бүппүппүт кэннэ, убайдара Баһылай кэлбитин истэн, Айдаҥтан Өксөөн балтын Тыккыр Маарыйаны кытта атынан кэлэн көрсөн бардылар. Баһылайы кытары кэпсэтэ түһээт, үлэ дьоно төттөрү түһүннүлэр.

      Ыалдьан, уҥуохтаах-тириитэ эрэ хаалан дойдутугар эргиллибит киһини көрөн улаханнык саллыбыттара сирэйдэригэр-харахтарыгар көстөрө эрээри, ону таска таһааран биллэрбэтэхтэрэ. Сэрэйдэххэ бэйэлэрэ иккиэйэҕин төннөн иһэн кэпсэттэхтэрэ.

      Өксөөн бу кэлэ сылдьан:

      – Быркылаахха Болтуо Маарыйа эмискэ ыалдьан быстаахтаан хаалла, – диэн хобдох сонуннааҕа.

      Уйбаныаба Маарыйа «Свердлов» холкуоһун биир баар-суох бастыҥ үлэһитэ этэ. Саас Быркылаах пиэрмэтигэр эрдэхпинэ көрөн да, кэпсэтэн-ипсэтэн да билсибит дьахтарым. Хотоҥҥо, саппай уопсан батыһа сылдьан, сэргэх сэбэрэлээх дьахтар аттыттан арахсымаары, бэйэм баҕабынан сээкэйи көмөлөһөрүм. Биир үксүн майгыта да үчүгэйэ бэрдин иһин, кылгас кэм иһигэр ыкса бодоруспутум. Аламаҕай майгылаах киһи аттыттан дьон-сэргэ арахсыбат үгэстээх. Дэлэҕэ да «үтүө майгылааҕы – үрүҥ айыылар арыаллыылар» диэхтэрэ дуо. Кыайыылаах-хотуулаах, ханнык да хара үлэни букатын киһилээбэт сүрдээх үлэһит дьахтар этэ. Ол бэйэтэ эмискэ, соһуччу өлбүтэ биһигини барыбытын соһуппута, дьиксиннэрбитэ…

      Бэҕэһээ, күн оройун саҕана, Айдаҥ ыскылаатын сэбиэдиссэйэ Сэксэкэ Сэмэн атынан кэлэн, Балаҕаччыттан быраас аҕала, ыксаан ахан, Мундулуҥдаҕа тохтообокко да үргүлдьү түспүтэ. Быркылаахха Маарыйа улаханнык ыалдьыбытын туһунан кэпсээннээҕэ. Сотору икки атынан төттөрү тибилиннэрэн ааспыттара эрээри, быраас кэлиэр тиийбэккэ, Маарыйа эрэйдээх «быстыбыт» этэ. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри үлэ-хамнас үөһүгэр оройунан түһэн, үлэлээн тилигирии сылдьыбыт эдэр дьахтар эмискэ өлүүтэ дьону долгуппута. Маарыйа кэргэнэ Тиит Уйбаныап сэриигэ сылдьара, барбыта икки сыл буолан эрэрэ… Сэттэлээх уонна тоҕустаах кыргыттара ийэлэрин балтыларыгар уонна эбэлээх эһэлэригэр хаалбыттара. Нуута, Аана, Маанньа диэн балтылардааҕа. Болчох Сэмэн диэн сурдьа – оскуолаҕа үөрэнэр обургу уол. Убайа Өндүрэй – били, сэриигэ ыҥырыллан, бэбиэскэ тутан баран иһэн күрээбит икки киһиттэн биирдэстэрэ. Мэлдьи убайын Өндүрэйи мөҕүттэрэ: «Төһөөҥҥө диэри күрээн хара тыаны дугуйданаары, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньаммытыгар дылы, таах хаайыыга сытыйаары, дьон сылдьар сиригэр барыа этэ буо…» – диэхтиирэ. Сэрии кэмигэр сокуон кытаанаҕа, итинник күрээбит дьону «тыыннаах өлүктэр» дииллэрэ. Тутулуннулар да дьылҕалара судургутук быһаарыллара. Ол эрэн Маарыйаны ким да күрүөйэх, диһэртии�

Скачать книгу