Түҥкэтэх ырай. Елена Слепцова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Түҥкэтэх ырай - Елена Слепцова страница 4
Чүөчэ Маня букатын иэдэйдэ, ас да ылларбат буолла. Биирдэ ыксаан дьиэтигэр киирбитим, дьиэтин муостата көппөх көтөр курдук күөрэҥнээн олорор уу. Сиик икки, куоска, ыт сыта икки диэн ыар никсиктэрэ манна баар эбит. Намыһах хараҥа дьиэ биир муннугар иконалары кылбачыта чүмэчи умайан барыгылдьыйар. Олор быыстарыгар саһаран борооно арыычча көстөр буолбут байыаннай таҥастаах номоҕон саха уолун хаартыската саамай мааны араамаҕа угуллан мичээрдии турар. «Ити Федята буоллаҕа» диэн, билэр киһилии тоҥхох гынан ыллым. Мин киирбиппин истэн, эмээхсин эрэйдээх түгэхтэн ыҥыран ынчыктаата. Тиийбитим, холто буолбут таҥастаах ороҥҥо ыран букатын бачыр оҕотугар түспүт чүөчэ Маня сытаахтыыр. Тугу эрэ буллугуруур да, саҥата иһиттэн тахсыбат. Таҥаралара абыраабат буолбуттарын сэрэйэн, ыйыта барбакка быраас ыҥыра ыстанным. Сотору кэлэн илдьэ бардылар. Онтон эргиллибэтэҕэ. Ый курдугунан биир эрэстиин кэлэн, олбуорун ыбылы тоһоҕолоон кэбиспитэ. Ол дьиэ биһиги көһүөхпүтүгэр диэри турбута, ким да биллибэтэҕэ.
«Уларыта тутуу» диэн ааттаммыт абытайдаах сут-сутаакы сыллар итинник саҕаламмыттара. Өссө да инники төһөлөөх ыар кэмнэр мөҥүрүү туралларын хайа да ааттаах тымтыктанан көрбөтө. Кыра-хара дьон аас-туор олохпут кыһалҕаларын моойторуктанан хараҕа суох ыт оҕотунуу иннибит диэки олус бытааннык сыыллан испиппит. Улуу итэҕэлбит – Коммунистическай партиябыт – тугу эрэ тобулар