Түҥкэтэх ырай. Елена Слепцова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Түҥкэтэх ырай - Елена Слепцова страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Түҥкэтэх ырай - Елена Слепцова

Скачать книгу

бүрүнэн, Дьокуускай сүһүөҕэр турбакка дөйө тоҥон сытыа эбитэ буолуо эрээри, аҕыйах сылтан бэттэх улуу бухатыырбыт уһуктубукка дылы буолла. Кини билигин модун күүһүн холоноору тулатын көрүнэ, тыыллаҥныы турар.

      Чэ, онно тиийиэхпит ыраах… Мин эһиэхэ, күндү ааҕааччыларым, уларыта тутуу биһиги кыра куораппытыгар уонна биһиги улугурбут өйбүтүгэр хайдах өтөн киирбитин, тапталлаах куораппыт номохторун-үһүйээннэрин бэйэм олоҕум биир хаттыгаһынан ханыылаан ойуулаан көрдөрүөҕүм.

      Сайсары. Күөрэгэй уонна Бээгэй

      I

      Биһиги ити Маҕан переулогар турбут дьиэбит биир күн харгы тоҕо барбытын курдук хантан эрэ эмискэ кутуллар уунан туолла. Баар-суох баайбыт, аҕабыт үйэтин тухары муспут араас кинигэлэрин бибилэтиэкэтэ, урукку олохпут истиэнэтэ суулларыныы күр гынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыттан хаһыаттартан кырыйан муспут паапкалардыын ууга былдьаннылар. Арай Иосиф Сталин мэтириэтэ паапкаттан хостонон чаалыйбыт ууга дагдайа уста сылдьарын тоҕо эрэ ким да быыһыы сатаабатаҕа. Хайыахпытый, быраас идэлээх аймахпыт киһи Бүөтүр Ыстапаанабыс Сайсарыга турар дьиэтигэр көстүбүт. Кэлин санаатахха, мин куорат биир муннугар хаһан да өр олорбокко, биир кэм дуобат хараҕын ааҕардыы куорат сирэйин мэҥнээх түөлбэлэригэр күһэйиллэн көһө турар дьиэктээх эбиппин.

      Сайсары. Саха дьоно үксэ манна түөлбэлээн олороллорун уруккуттан билэрбит. Бүөтүр эргэ дьиэтэ аатырбыт поэт Серафим Романович Кулаачыкап-Эллэй аатын сүктэр да, Эллэй сирэйин элээмэтэ да көстүбэт хаарбах уулуссатыгар турар. Төһө да үс хостоох буоллар, орто киһи оройунан охсуллуох намыһах өһүөлээх, өрүү тэйэ турар, мин оҕонньорум төҥкөйөн киирэр халҕаннаах, биир да мал атаҕын булбакка, мөҕүүк сылгы курдук түөрэм үктүү турар, чоху көхсүнүү инэн-манан бөлтөрүһэн тахсыбыт муосталаах икки кыбартыыралаах уһун субурҕа дьиэ биһигини атыҥырыы көрүстэ. Утуйар хоспутугар, били, ыһыллыы баайын үллэстиини туоһулуур тимир атахтаах быраас ыарыһаҕы иттэни ууран иһин-үөһүн чинчийэр тымныы, тилиргэх ороно эрэ турар. Быһыыта, оччолорго кэлбэт буолбут хамнас суотугар тыырыллан манна кэлбитигэр сөп.

      Ыалбыт буоллаҕа, чобугураабыт саха дьахтара, дьиэлээх киһи быһыытынан, төтөлө суох көтөн түһэн, айдаарбаппытыгар, тиэргэни сиппийэрбитигэр, бөҕү ыспаппытыгар дьаһайда. Тахсаары туран, «киэһэ олбуору хатыыр буолуҥ» диэтэ даҕаны, бүтүннүү кэриэтэ суулла сытар олбуор ол биһиги олуйбуппутуттан ороспуойдары хааччахтыах быһыыта суохха дылы. Ол үрдүнэн этиллибитин аанньа хатаабыта буолабыт. Сайынын уулусса уу саппыкыта суох атыллаабат гына алдьархайдаах бадараанынан дьэргэччи көрөн тахсар эбит.

      II

      Мин үлэлиир тэрилтэм оччолорго Саха Государственнай филармонията диэн ааттанара. Сайсарыттан чугас Каландаришвили уулуссатыгар турар. Онон, хата, абыранан аҕай сылдьабын.

      Биир күн театрга сүпсүлгэн бөҕөтө. «Аны филармония буолан

Скачать книгу