Түҥкэтэх ырай. Елена Слепцова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Түҥкэтэх ырай - Елена Слепцова страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Түҥкэтэх ырай - Елена Слепцова

Скачать книгу

тугу гынарый?

      – Саалаҕа буолбатах. Манна итинтэн ураты баһаам хос баар. Түгэҕэр киирдэххэ, ииччэҕэ-бааччаҕа элбиир, билбэт киһи мунуон да сөп. Чэ, син биир утутуо суоххун, эн манна мин соммун тэлгэнэн сыт, мин кэпсиим. – Уйбаан аттыгар турар ыскамыайкаҕа ыйанан турбут истээх сонун тэлгиир. – Уоту умуруоруом, куттанаайаҕын. Таһырдьаттан бу баар курдук көстөр, онон ааһан иһээччилэр бары тоҥсуйаллар.

      Уйбаан, уоту умуруоран, кыра кыраһыын лаампатын таһааран уматар. Театр хараҥаран туох эрэ таабырыннаах чуумпуга куустарар.

      III

      «Ити хас сыллаахха эбитэ буолла, быдаарыйдаҕа дии, манна арҕам-тарҕам сылдьар артыыс дьоҕурдаах дьону мунньан театр курдук тэрийбиттэрэ. Мин оччолорго уончабыттан эрэ тахсыбыт оҕо этим. Аҕам былыргыттан бу дьиэҕэ оһох оттооччунан үлэлиирэ, онон бу дьиэ олбуоругар кыракый бараакка олорорбут. Ол билигин онно да суох. Бу эркин барыта киһи уҥуоҕа этэ. Оччолорго собуор сэргэх уонна куорат биир улахан тутуута буолан, туох улахан мунньах, кэнсиэр барыта манна буолара. Сиимэннээх биһигини кытта дьукаах олорбуттара, аҕата лөчүөк этэ. Дьиҥэр, кини миигиттэн икки-үс эрэ сыл аҕа. Бу кини сүрэхтэммит бэйэлээх бэйэтин дьиэтэ ээ. Итинник кыра киһи буолан төрөөхтөөбүт. Аҕалаах ийэтэ өлбүттэригэр ким да ыарыһах оҕону көрүөн баҕарбатах, ол иһин бу дьиэ ыстаарастатыгар Ньыыкан кырдьаҕаска иит диэн баайан кэбиспиттэр. Кинилэр дьиэ уҥа кынатыгар түгэххэ олорбуттара. Таҥараны суулларан да баран, Сиимэни ханна да барар сирэ суоҕунан хоһуттан үүрбэтэхтэрэ, онон билиҥҥээҥҥэ диэри онно олорор. Күнүһүн ханна эрэ барар, түүнүн кэлэр. Дьиэлээх киһини ханна үүрүөмүй уонна үөлээннээҕим буоллаҕа дии. Манна кини баарын ким да билбэт даҕаны. Быһыыта, бу дьиэни кытта бүтүннүү силбэһэн хаалбыт курдук. Мин кинини кыра эрдэхпиттэн Бээгэй диэн ааттыыбын, өһүргэнээхтээбэт.

      Ити, быһыыта, ньиэмэс сэриитин кэнниттэн этэ бадахтаах, эчи умнан да кэбистим, арай манна эдэркээн бэйэлээх, чап-чарааһынан арылыччы көрбүт, мап-маҥан сирэйдээх, киһи эрэ таптыах сөп баҕайы эттээх-сииннээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах кыысчаан киирэн кэлбитэ. Кинини хайа эрэ оройуонтан аҕалбыттара. Аата Күөрэгэй диэн этэ.

      Биирдэ, Бээгэйдиин Ньыыкан ыстаараста хоһугар чүмэчи ууллара олордохпутуна, оһох үөлэһинэн кыталык кыыл кыҥкыныырын курдук кылыгырас куолас иһилиннэ. Ол хоско сценаҕа туох буолара барыта оһох үөлэһинэн иһиллэ турара. Бу истиэнэлэр истэрэ барыта оһох үөлэстэрэ ээ. Уонна бачча улахан дьиэни хайдах ититиэҥий. Сорох сирдэринэн букатын хос да курдук чуулааннар бааллар. Ону барытын ити Бээгэй эрэ билэр. Оо, аҕам биһикки ол топпот оһохтору оттон да аҕай биэрэрбит. Дьэ туран, ырыаны истээт, биһиги иккиэн балкоҥҥа сүүрэн тахсан чохчойон олорон уоран өндөрөҥнөөн көрөбүт. Сцена мөлтөх уотугар маҥан чүөчэҥкэни кэппит, чараас былаачыйалаах, чачархай баттаҕын ыспыт аанньал курдук кыыс ис-иһиттэн иэйэн ыллыы турар. Оо, бу барахсан ыллаатаҕа уратытын, куолаһа биһиги дьиэбит хас биирдии муннугун сырдата өрө кылыгыраан абытай. Бэл, саала ортотугар ыйаммыт курустаал

Скачать книгу