Тыа кэһиитэ. Аким Татаринов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тыа кэһиитэ - Аким Татаринов страница 2

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тыа кэһиитэ - Аким Татаринов

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      Улар уһун кутуругун Тоо тэнитэн биэрбитигэр көрбүттэрэ, сарайан кэтит кутурук эбит. Кутурук аллараа өттө уһун түүлэрин төбөлөрүгэр үрүҥ төгүрүктэрдээхтэр. Атахтара – сырдык ньалаха түүлээхтэр. Тарбахтарын суона сүрдээх, өссө тыҥырахтаах эбиттэр.

      – Тоо, Саарык улары хайдах аҕалбыта буолуой?

      – Тииһинэн ытыран, соһон.

      – Хантан аҕаларый?

      – Тыаттан. Аҕабыт кэпсээбитэ дии. Улардар курупааскылар курдук хаар анныгар киирэн утуйаллар диэн. Бу улар хаар анныгар утуйа сытарын Саарык эрдэ билэн, үөмэн тиийэн, үрдүгэр саба түһэн, тутан аҕаллаҕа дии.

      – Тоҕо аҕалбыта буолуой?

      – Оҕолорум сиэтиннэр диэн.

      – Биһиэхэ дуо?

      – Биһиэхэ, – Тоо Саарыкка тиийэн этэр. – Саарык өйдөөх, ааспыт сырыыга куобаҕы аҕалбыта. Бу сырыыга улардаах.

      Оҕолор бары Саарыктарын имэрийбитинэн бардылар. Ыттара төбөтүн имэриттэрэн харахтарын симириктии-симириктии сытынан кэбистэ. Ол сылдьан Акуу ыт хара омурдун арыйан тиистэрин көрдүлэр. Ыт аһыыта, балта тиистэрэ килэһэн көстөллөрүн тарбахтарын уган, таарыйан көрдө. Айаҕын атытан тылын, ону ааһан улахан дьону үтүктэн, ыт таҥалайын өҥөйөн көрдүлэр. Ыт маннык сыппахтаан баран, бу дьон олус муумалаары гыннылар диэтэ быһыылаах, оргууй туран сытарыгар уруккуттан табыгастаах сиригэр остуол анныгар киирэн сытынан кэбистэ.

      Кырынаас

      Оҕолор бары ыалдьан сыталлар. Онньуохтарын баҕараллар да, уһаан оонньообокко оронноругар баран хат сыталлар. Аанньа аһаабаттар. Аҕалара Көстөкүүн эһэ хаппыт үөһүн быһаҕынан кыһан, уулаах дьэҥкир кырыылаах ыстакааҥҥа кутарыгар үөс тоорохойдоро ууга хара сурааһын буолан түһэн иһэн, суураллан сүтэн хаалалларын оҕолор сөҕө көрөллөр. Ыстакаан уута сыыйа болоорон, харааран барар. Онтон аҕалара ньуосканы ылан өр соҕус булкуйан баран:

      – Эмпит бэлэм буолла. Билигин биирдии ньуоска эми иһэҕит. Бастаан улахан киһи Тоо эми иһэр. Бары ороҥҥутугар олоруҥ, – диир.

      Биир ньуоска эми ыстакаантан баһан ылан Тооҕо тиийэн:

      – Айаххын ат, – диэт, эмтээх ньуосканы Тоо айаҕар куппутун, Тоо иһэн кэбистэ. Акуу иһэр уочарата кэллэ, аҕата уунан биэбит эмин иһээт, эми аһыырҕатан баһын илгиһиннэрдэ. Аачалаах Гай эмиэ эмтэрин истилэр.

      Аҕалара булка илдьэ сылдьар сүгэһэрин ылан таһырдьа таҕыста. Акуу түннүккэ кэлэн аҕата кыра маллаах мас сүгэһэри, хайыһары кыбынан дьиэ кэннин диэки ааспытын көрдө. Саарык иччитин батыһа сүүрдэ. Көҕүллээх далыгар оту итигэстээн сии сылдьар. Биир сырыыга муннун илин атаҕар анньан ньуххайдаата уонна күүскэ баҕайытык дьигиһийэн ылла. Биир сиргэ өр турбакка оргууй хаама сылдьан аһыыр эбит. Сороҕор илин атаҕынан чигдини табыйан ылар. Тэйиччи хаарынан бүрүллүбүт тыа көстөр. Бэттэх аттары туруорар көнньүүһүнэ баара кыбыы ото мэһэйдээн үчүгэйдик көстүбэт.

Скачать книгу