Тыа кэһиитэ. Аким Татаринов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тыа кэһиитэ - Аким Татаринов страница 3
– Тугу этэрэ буолуой?
– Тоҕо миигин көрөҕүт диир быһыылаах, – улахан киһи Тоо быһаарда.
Ийэлэрин кытта таһырдьаттан Саарык батыһан киирэн оҕолор хосторугар кэллэ уонна оҕолор быыстарынан кыбыллан киирэн, кырынааһы көрөөт, арҕаһын түүтэ адаарыс гына түстэ. Тииһин килэтэн ырдьыгынаан эрдэҕинэ: «Саарык, тохтоо, сыт», – диэн оҕолор аҕалара ыты арҕаһыттан туора тарта. Ыт дьарыллыбыкка холунан, муостаҕа сытынан кэбистэ уонна кырынааһы оҕолор атахтарын быыһынан көрө сытта.
Кырынаас орону аннынан истиэнэни кыйа сүүрэн нөҥүө муннукка тиийдэ. Манна кэлэн муннугу чинчийэн куотуох хайаҕаһын булбата. Икки кэлин атахтарыгар туран истиэнэҕэ ытта сырытта. Оҕолор кырынаас баар муннугар кэлбиттэригэр, кырынаастара анараа муннукка төттөрү сүүрэн салгыы орону аннынан оһох диэки тиийэн, оһохтон итии салгын тахсар аһаҕаһыгар сылыпыс гынан хаалла. Саарык ыстанан туран кырынаас киирбит аһаҕаһыгар муннун батары биэрдэ.
– Туораа, мин көрүүм, – Тоо, Саарыгы туора анньаат, кырынаас киирбит аһаҕаһын өҥөйөн көрдө да, аһаҕас иһэ хараҥа, туох да көстүбэт. Оһоҕу эргийэ сылдьан, оһох аннынааҕы бары аһаҕастары өҥөйөн көрдүлэр да, аһаҕастар бары хараҥалара сүрдээх, ити сылдьан оһох иннигэр турар Аача хаһыытыы түстэ:
– Манна баар! – диэн саҥараатын кытта, кырынааһа аһаҕас иһигэр төттөрү киирэн хаалла. Тоо сүүрэн кэлэн аһаҕаһы өҥөйөн көрдө да, кырынааһа мэлигир.
– Манан быган баран төттөрү киирэн хаалла.
– Билигин үүрэн таһаарыахпыт, – диэт, Тоо оһох иннигэр ыйанан турар күлүүкэни харбаан ылаат, күлүүкэ туорайыттан тутаат, угун оһох аһаҕаһыгар укпутунан барда уонна:
– Акуу, оһох кэннигэр тиий, – хаһыытаата.
Күлүүкэ уга аһаҕас устун аара туохха эрэ иҥнэ-иҥнэ киирдэ. Оһох кэннигэр Акуу:
– Кэллэ, – хаһыыта иһилиннэ. Тоо, күлүүкэтин аһаҕаска хааллараат, оһох кэннигэр сүүрэн тиийбитэ, туох да суох.
– Итиннэ тыаһаата, – Акуу чохчойон олорон аһаҕаһы ыйда.
– Итиннэ күлүүкэ баар, билигин көрүөхпүт, – диэт, Тоо илиитин аһаҕас иһигэр батары биэрдэ, илиитинэн булкуйан көрдө уонна мас сыыһын, хатырыгы ороон таһаарда.
– Күлүүкэ уга чугас баар эбит. Тутан көрдүм.