Тыа кэһиитэ. Аким Татаринов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тыа кэһиитэ - Аким Татаринов страница 5
– Тоо, ити эн атынан сылдьыбыт суолуІ дуо?
– Аты уулатан баран ити муустарга аты илдьэн, муустарга тахсан аппын миинээччибин, – диэтэ.
Көнө сиргэ ат хаамара үчүгэйэ сүрдээх, киһи эрэ олоро сылдьыан курдук.
– Үтүлүккүтүн устан хоонньугутугар уктуҥ. Оччоҕо сыыры тахсарга тутуһаргытыгар үчүгэй буолуо.
Оҕолор түргэн үлүгэрдик үтүлүктэрин устан нэһиилэ соннорун уолугун иһигэр угуннулар.
Ат көнө сири ааһан, өрүс сыырын дабайбытынан барда.
– Миигиттэн кытаанахтык тутуһуҥ! – диэн хаһыы иһиллибитигэр, Тоо кэннигэр олорооччулар иккиэн убайдарыттан тутуһуохтарынан тутустулар. Ат сыыры дабайарыгар кирдиэлэтэн хаамар эбит. Ат хас хардыытын аайы акка олорооччулар кэннилэрин диэки сыҕарыйан истилэр. Аача ат самыытыгар тиийдэ, онтон салгыы Акуу нөҥүө Тооттон тутуһар кыаҕа суох буолан, илиитэ мүччү барда да, Акууттан тутуспакка хаалла. Икки илиилэрин ууммутунан ат кутуругун үрдүнэн, сылгы түүлүү сылдьар самыытын түүтүн тарбахтарынан сууралаабытынан сиргэ атаҕынан түстэ эрээри, атаҕа уйбакка, сиргэ олоро түһээт, аллара диэки хойуһунна. Акуу дьыалата эмиэ мөлтөөтө. Убайа ат сиэлин илиитигэр эрийэн, ат арҕаһыгар төбөтө сыстан сытан хаалла. Акуу ат самыытыгар убайыттан тутуспутунан сытар. Биир сырыыга ат хаҥас ойоҕоһунан аллара сууллан, олус ыарыыта суох чигдигэ түстэ. Кини тиэрэ түһэн нарайан сыттаҕына, ат кэлин туйаҕа кини таһынан ааһар салгына, сирэйин «ил» гынан ааспытын биллэ. Акуу суолга олорон көрдөҕүнэ, эдьиийэ аллара саҥа туран эрэр. Сыыры үөһэ диэки көрбүтэ, убайа акка сытыаҕынан сытан сыыр чабырҕайыгар тиийэн эрэр эбит. Акуу ат буолан туран кэллэ. Эдьиийэ кини таһыгар кэллэ. Акуу санаатыгар аты ситээри сыыры өрө сүүрэн көрдө да, киһи сүүрэн сири өнүтүө суоҕун билэн тохтоото. Өрө көрө түспүтэ, ат тохтоон турар эбит, убайдара эргиллэн кинилэри көрөр. Аллараттан тахсан иһээччилэр хаамыыларын эбэн син үөһэ таҕыстылар. Манна туохха эмэ ыттан ат үрдүгэр тахсыахха айылаах салҕанар сир суох. Ат тэһийбэтэ быһыылаах, олорсубут дьонум кэллилэр диэтэ дуу, оргууй далын диэки хаампытынан барда. Акуу ат кэнниттэн хааман иһэн, акка ыкса кэлэн ат кутуругун харбаан ылла уонна оннук сиэтиспитинэн далга кииристэ. Көҕүллээх далга киирэн турунан кэбистэ. Тоо атыттан түстэ.