Тыалынан киирбит холоругунан тахсар. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тыалынан киирбит холоругунан тахсар - Татьяна Находкина страница 4
– Маама, кырдьык дуо? Эһэм «Урал» бэлисипиэтин ылан тэбиэхпин син дуо? – Баанньыска олус истиҥник ийэтин көрөн олорон ыйытар.
– Урал… Саҥа тэбэр киһиэхэ эһэҥ да бэлисипиэтэ сөп буо – луо этэ, – уолун аһыммыттыы эмиэ да кыыһырбыттыы кө рөр. – Оттон «Стелс» бэлисипиэт хайдаҕый?
– «Стелс?..» – уол саарбахтаабыттыы туттар. – Куоракка эрэ баар, уон тыһыынча солкуобайтан тахса дииллэр.
– Ылбытым… Төрөөбүт күҥҥүнэн. Оттон эн миигин хомото сылдьаҕын… – ийэ уйадыйан куолаһа титирэстээн ылар.
– Суох, суох. Аны хаһан да хомотуом суоҕа, – ойон туран ийэтин кууһан ылар. – Ийээ, мин аны буруйу оҥоруом суоҕа. Уонна… тустууга сылдьыбаппын. Сөбүлээбэппин ээ.
– Кыладыапкаҕа баар.
Анна ыксал бөҕөнөн сүүрэн тахсыбыт уолун кэнниттэн эмиэ, тиэтэйэ-саарайа, таһырдьа тахсар.
Лаампалара умайан соҕотох кыракый лаампа үдүк-бадык сырдатар буолан дьиэ хараҥа. Эбиитин табах тарданнар ыыс быдаан. Күөх буруонан тунаарар. Дьиэ ортотугар турар уһун кирпииччэ оһох хаһан эрэ маҥан испиэскэнэн сотуллубута өлбөөрөн, онтон иннэ хоруонан бүрүллүбүт. Аҕыйах миэбэл баара быылынан бүрүллэн тунааран көстөр.
Сэмэнчиктээх Кириил, төгүрүк остуолга утарыта көрсөн олорон, сылбырхай чэй иһэ олороллор. Таас атахтаах ваза иһиккэ килиэп тооромосторо көстөллөр. Кураанахтаммыт арыы иһитэ умса ууруллубут.
– Сэмэнчик, лиссиэйгэ үөрэнэ хаһан бараҕын? – Кириил хаппыт килиэби кучур-хачыр ыстыырын быыһыгар ыйытар.
– Билигин да барыах киһи дьонум харчылара суох. Ийэм күн ахсын отоннуу барыахпыт диир да, хантан барыай? Дьахталлара кэлэ тураллар. Харчы суох аатырар да, арыгыга көстөр.
– Хата, мин дьонум испэттэр эрээри, наар харчы суоҕун айдаана. Үүт харчыта суох. Быйыл ханна үөрэнэрим буолла? Былырыын Чурапчыга спортивнай оскуолаҕа таах сибиэ баран… Киһи сэниэтэ эстиэр диэри эрчийэллэр. Мин син биир спортсмен буолбат киһи онно үөрэнэрим наадата суох. Аны бу оскуолабар бэнсиини сытырҕалаабыт киһини ылаллар үһү дуо? – Кириил санаарҕаабыттыы сургуччу көрөр.
– Ылбаттара чуолкай. Иккиэн Суоттуга лиссиэйгэ барыах.
– Ээ суох. Дьонум ыыппаттар. Ийэм аны ханна да барбаккын, хотон көрүөҥ диэбитэ.
– Чурапчыга спортивнай оскуолаҕа оччо киирэн бараҥ ҥын сылдьа сатыаҥ этэ буоллаҕа. Син тустар этиҥ дии. Биир дэ тустууга миигин үҥкүрүппүккүн умуннуҥ дуо? – Сэмэнчик тиэхэлээхтик көрөр. – Киһилии эрчиллэн сылдьыбытыҥ буол лар, баҕар, норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» VI-с спортивнай оонньууга кыттарыҥ хааллаҕа.
– Күлүмэ. Хата, манна Пётр Николаевич тустуу сиэксийэтигэр сырытыннарар буоллаҕына, сылдьыахпыт эрэ.
– Ээ, суох. Кини миигин чугаһаппат. Алын кылааска син сылдьыбытым. Улуус оскуолаларын икки ардыгар күрэхтэ һиилэргэ миэстэлэһэр этим. Онтон сүгүн эрчиллибэккэбин тохтоон хаалбытым. Дьиҥинэн, мин бойобуой охсуһууга эр чиллиэхпин баҕарабын. Нууччалыы «смешанные боевые