Тыалынан киирбит холоругунан тахсар. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тыалынан киирбит холоругунан тахсар - Татьяна Находкина страница 7
Паарка иһигэр бэлисипиэттээх уолу уонча уол төгүрүйэн тураллар. Саҥа бэлисипиэт кинилэр харахтарыгар күлүмүрдээн олорор. Бэл, сибилигин собуоттан тахсыбыт сыттыын-сымардыын аҥылыйан, оҥой-чоҥой көрбүт уолаттар сүрэхтэрин иһинэн дьырылаан киирбитэ үчүгэйэ сүрдээх. Уолаттар эрги тэ сылдьан бэлисипиэти имэрийии-томоруйуу бөҕө буоллулар.
– Баанньыска, онтон эһэҥ бэлисипиэтин «Уралы» ким тэбиэй? Мин тэбэбин диир этиҥ дии, – Миитээ муннун өрө сыҥарын быыһыгар табаарыһын сирэйин өрө мыҥыыр.
– Ийэм бэйэтэ тэбэр, – Баанньыска киэн туттубуттуу, этэрин быыһыгар бэлисипиэтигэр олорон төттөрү-таары хачайданар.
– Уолаттар, паарканы эргийэбит дуо? Онтон мин дьиэбэр барыам. Түөрт чааска дьиэбэр тиийиэхтээхпин, – уол дьо һумсуйа туттар.
– Ээ сөп. Биһигини эмиэ эрдэ кэлээриҥ диэбиттэрэ, – оторой-моторой уолаттар күө-дьаа буола түһэллэр.
«Стелс» бэлисипиэт күн уотугар араас өҥүнэн килбэчиҥнээн иннин диэки барбытыгар кыра уолаттар кэнниттэн эккирэтэн туораахтастылар. Пааркаттан тахсаары ааркаҕа чугаһаан иһэн бөһүөлэктэн үс уол хороҥноһон иһэллэрин көрөн тохтоон хорус гыннылар.
– Сэмэнчиктээх иһэллэр, – Диимискэ, бииргэ үөрэнэр уола, бүгүн күнү быһа бэлисипиэти кытта тэҥҥэ сырсан тиритэн-хорутан, сылайа быһыытыйбыт уол, куттаммыттыы, табаарыһын сирэйин өрө мыҥаата.
– Бэлисипиэппин былдьыыллара буолуо, – Баанньыска, куттаммыттыы, табаарыстарын кэриччи көрөр. Бэһис кы лаас уолаттара бэлисипиэттэрин тула чөмөхтөстүлэр. Кыра уолаттар куттаммыттарын көрөн, Сэмэнчиктээх Кириил түөс тэрин мөтөтөн, киэптээбиттии туттан, ынан кэллилэр. Кэннилэриттэн ылгын уоллара, быһый атахтара Уйбаанчык саппай уопсан истэ.
– Бырааттар, дорооболоруҥ! Туохтан куттанан, үргүбүт тугут оҕолорун курдук өргөччү көрдүгүт? – Сэмэнчик уһун ты лынан кыырбытынан барда.
– Суох… Оонньуу сылдьабыт, – уолаттар симиктик, уота- күөһэ суохтук эппиэттииллэр.
– Бырааппыт Баанньыска, абыраммыт киһигин. Табаҕы тардыбаппын диэн, хата, бэлисипиэттэнэн хааллыҥ дии, – Сэмэнчик күлэн сыһыгырыыр. – Аны эппитим курдук, бэнсиин сытырҕалаатаххына, «Минскэй» спортивнай матасыыкылланыаҥ.
– Һэ-һэ, кырдьык, оннук. Быраатым Баанньыска, бэлисипиэккин убайгар уларсар инигин? Паарканы биирдэ эргийэн кэлиим эрэ, – Кириил, бэрт ньуолбар куолаһынан албыннаспыттыы саҥарар.
– Чэ, мэ. Биирдэ эрэ эргий. Ийэм биллэҕинэ, мөҥүө, – кыра уол бэлисипиэтин төһө да харыһыйдар, тас ыалын диэки туһаайа тутар.
Кириил бэлисипиэт уруулун эрийэ-буруйа тутан, араастаан иннинэн-кэннинэн хаамтарбахтаан баран, олус түргэнник тэбэн иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Сотору буолбата, хайыы үйэ паарканы эргийэн араастаан куйбарыҥнатан иһэрин көрөн, Сэмэнчик утары сүүрэн тиийэн, аны кини илиитигэр ылан, паарканы эргийэ элээртэ.