Тыалынан киирбит холоругунан тахсар. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тыалынан киирбит холоругунан тахсар - Татьяна Находкина страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тыалынан киирбит холоругунан тахсар - Татьяна Находкина

Скачать книгу

бу ханна нэлэркэйдэнэн бардыҥ? – уолаттар кыра табаарыстара тэлэкэччийэн кэлбититтэн үөрэ түһэллэр.

      – Ээ, ийэм эбэбинээн санаан кэлэ-кэлэ кэрбииллэр, онтон куотан кэллим. Онно эбии кылааспыт салайааччыта Альбина Егоровна биир кэм киирэ турар. Ол ахсын үһүөн көмөлүүллэр, – Уйбаанчык үчүгэй баҕайыны эппит киһи курдук, «улахан» убайдарын сирэйдэрин-харахтарын кэтэһэр.

      – Үөрэтэн-такайан этэллэрин баҕас сатыыр дьон. Чэ, сотору умнубуттара эрэ баар буолуо. Хата, харчылааххын дуо? Табахпыт бүттэ. Табах таппатаҕым аҕыс хонно, сыттааҕы сытырҕалаабатаҕым томтойор тоҕус күнэ буолла, – Сэмэнчик кү лэн мүчүҥнүүр. Табаарыстара, оччолооҕу истибит дьон, күл сэн быара суох бараллар.

      – Убайдарбар кыра кэһиилээхпин, – Уйбаанчык сиэбиттэн бөппүрүөскэ хаатын хостуур. – Аҕыйах устуука баар ини. Эбэбиттэн уордум, биллэҕинэ, кэһэтэрэ буолуо.

      – Ээ чэ, түөһэйбит эмээхсин билиэ суоҕа, – Кириил кү лүү-элэк курдук саҥарбытын уол сөбүлүү истибэт: «Түөһэйбэтэр да» – диэт, табаҕын хаатын сулбу таһыйан ылан сиэбигэр уктан кэбистэ.

      – Киһи оонньоотоҕун аайы өһүргэммитэ буолума. Ылыаҥ суоҕа этэ буоллаҕа. Хата, кэлин туох кэпсээн баар? – Кириил уолу сэрэнэн кэтэххэ тыгар.

      – Ээ, биир сонуннаах эбиппин. Баанньа уол, хата, күннээбит. Ийэтэ «Стелс» бэлисипиэт ылан биэрбит.

      – Оһо, уол күннээбит дии. Сэмэнчиктээҕи кытта сылдьыма диэн атыыластаҕа дии. Биһиги да бэлисипиэт тэбиэхпитин баҕарабыт. Дьэ, бултаһар буоллахпыт.

      – Хата, «Мерида», «Маунтинбайк» бэлисипиэти атыыласпа тах дии, – уолаттар күлсэллэр. – Уйбаанчык, хайдах эмэ гы нан сарсын баччаҕа Баанньысканы пааркаҕа ыҥыраар эрэ. Көрүө этибит буоллаҕа. Хайа, Уйбаанчык, онтон эн табах таппаккын дуо?

      – Суох. Эбэм оччоҕо сэрэйэр буоллаҕа. Баанньыска мии гин итэҕэйбэт. Ийэтэ уонна ханна да ыыппат. Кэпсэтэрин кэпсэтиэм… – уол дьоһумсуйа туттар.

      – Уолаттар, хаартылаабаппыт дуо? – Сэмэнчик тыл кө төхпүтүгэр өрө көтө түһэллэр. Сиэбиттэн тырытта сатаан баран илдьирийбит хаартыны үөрүйэх баҕайытык «тыыр-таар» тыаһатан киирэн барар.

      Ити кэмҥэ ааннара аһыллыахча аһыллыбакка сэгэйдэр сэгэйэн, ааҥҥа кыбылла сыыһан, кыра уҥуохтаах чороччу хаппыт дьахтар кырыытынан устан киирэн кэллэ.

      – Сэмэнчик, бааргын дуо? Отоннообокко, күнү быһа тугу да гыммакка, бириэмэ ыыта олороҕун? Дьон отонноон, маҕа һыыҥҥа туттаран, харчы бөҕөнү хоторбуттар. Онтон эн биһигиттэн харчы көрдүү-көрдүү олороҕун. Бэлэмҥэ эрэ бэркин, – Даайака уолугар чопчу хааман кэлэн, тарбаҕын чочоҥнотто.

      – Эмиэ арыгы иһэн дэлбэрийэн кэлбиккин? Арыгылаабакка эн да отонноо ээ. Тугу гына сылдьаҕын? Отонноон да диэн… Син биир туттардахха, эһиги иэскитин тутан ылыахтара. Бардыбыт, уолаттар, – Сэмэнчик ойон туран ааҥҥа барар. Уолаттар түргэн соҕустук кэнниттэн тахсан бараллар.

      Дьиэ иһэ уу чуумпу буолар. Буруо эрэ көҕөрө тунааран хаалар. Даайака оһох билиитэтигэр турар хара лаҥхарбыт чаанньыктан ыстакааҥҥа чэй куттан

Скачать книгу